Узбекистаан

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Узбекистаан Өрөспүүбүлүкэтэ
O‘zbekiston Respublikasi
Flag of Uzbekistan Coat of arms of Uzbekistan
National Anthem of the Republic of Uzbekistan
Location of Uzbekistan
Киин куоратаТашкент
Largest city Tashkent
Ил тыла Узбек
Региональнай тыллар Каракалпак
Олохтоохтор ааттара Узбекистааннар, Узбектар
Дьаhалтата Президент Республиката
 -  Президент Шавкат Мирзиёев
 -  Премьер-министр Абдулла Арипов
Тутулуга суох буолуута ССРС 
 -  Тэриллиитэ 17471 
 -  Ылыныы Балаҕан ыйын 1, 1991 
 -  Билинии Ахсынньы 8, 1991 
 -  Бигэргэтии Ахсынньы 25], 1991 
Иэнэ
 -  Бүтүн 447 400 km² (56-с)
172 742 sq mi 
 -  %) 4,9
Олохтоохторо
 -  2009 estimate 27 555 300 (44-с)
 -  Олохтоох чиҥэ 59/km² (136-с)
153/sq mi
БИО (АКП) 2007 estimate
 -  Total $64.201 billion 
 -  Per capita $2,389 
БИО (номинал) 2007 estimate
 -  Total $22.307 млрд 
 -  Per capita $830 
Дьини (2000) 26,8 (low
КСИ (2007) 0.702 (medium) (113-с)
Валюта Сом (UZS)
Кэм зоната UZT (UTC+5)
 -  Сайыҥҥы кэм not observed (UTC+5)
Ил домен .uz
Телефон кода +998
1 Бухараа эмираата, Коканд ханаата, Хорезм.

Узбекистаан (узбек. O‘zbekiston), официаллык Узбекистаан Өрөспүүбүлүкэтэ (O‘zbekiston Respublikasi) диэн Орто Азия дойдута. Кирбиилэhэр Казахстаанныын арҕаа уонна хоту, Кыргыстаанныын уонна Тадьикистаанныын илин, Афганистаанныын уонна Түркменистаанныын соҕуруу.

Сүрүн тыла — узбек тыла. 12 уобаластан уонна Каракалпакстан Өрөспүүбүлүкэтиттэн турар. Узбекистааҥҥа 120 куорат, 115 улахан бөһүөлэк баар. Киһитин ахсаана 27,5 мөлүйүөнтэн тахса. каракалпактар — 2,2 %, атын араас омуктар — 2,1 %.

Сирэ

Сирин иэнэ — 447 тыһ. км². Хотуттан соҕуруу устата — 925 км, арҕааттан илин кэтитэ — 1400 км. Ол эрэн сирин үгүс өттүн улахан туһата суох дала уонна хайалаах сирдэр ылаллар. Дьоно сэргэтэ өрүс хочолорун бата олороллор.

Климата

Орто температурата тохсунньуга +4 кыраадыстан −8-ка дылы, от ыйыгар +22 кыраадыстан +42-гэ дылы.

Экономиката

көтөр аал тутар собуоттаах. "GM Узбекистан" диэн собуотугар Daewoo уонна Chevrolet мааркалаах массыыналары хомуйан атыыга таһаарар.

Тас политика

Узбекистан аан дойдутааҕы холбоһуктаах Нациялар тэрилтэлэрэ (ЮНЕСКО, ВОЗ, ИКАО уо. д. А), Содружество тутулуга суох государстволара (биир государствоттан-төрүт омуктар), бииргэ үлэлээһини тэрийиигэ, ислам бииргэ үлэлээһини тэрийиигэ, түүр судаарыстыбаларын тэрийиигэ, аан дойдутааҕы түүрк култууратын тэрилтэлэригэр, Евразийскай экономическай Союзка уонна аан дойдутааҕы эргиэн тэрилтэтигэр кэтээн көрөөччү буолар[1].

1992-1999 уонна 2006-2012 сс. Узбекистан ОДЬКБ чилиэнинэн, 1999-2005 сс. ГУАМ (билигин ГУАМ) чилиэнинэн, оттон 2006-2008 сс. Евразия чилиэнэ буолбута.

Итэҕэлэ

88% — мусулмааннар, 9% — православнайдар, 3% — араас атын конфессиялар.

Устуоруйата

Былыр Узбекистан сиригэр уотугар Грек-Бактрия, Хорезм, Согд, Парфия, Кангюй, Тохар, Кушан, Саманид, Караханид, Тимурид уо.д.а. иллэр олохсуйа сыльдьыбыттара. Кэлин, Сэбиэскэй былаас олоҕуруор дылы Бухара эмирата, Хива уонна Коканд ханааттара былааһы ылан олорбуттара.

Туризм

Узбекистаҥҥа туризм эйгэтэ экономика сүрүн салааларыттан биирдэстэрэ быһаарылынна. 2019 сылга дойду 6 748 000 омук туристарыгар сырыттыбыт. Узбекистан Правительствота 86 дойду гражданнарыгар безвизовай режими 7, 30, 60- тан тахса хонукка киллэрбитэ[2].

Туһаныллыбыт сирдэр

  • Узбекистан саха хараҕынан. И. Гаврильев. "Хатан" сурунаал, 2009 с., 3(6)№

Быһаарыылар

Өссө маны көр