Социальнай үлэһит күнэ (Арассыыйа)

Социальнай үлэһит күнэ (нууч. Де́нь социа́льного рабо́тника) — Арассыыйа Бэдэрээссийэтин идэлээх бырааһынньыга, сыл аайы бэс ыйын 8 күнүгэр бэлиэтэнэр. Социальнай үлэһиттэр дойду нэһилиэнньэтигэр социальнай өйөбүлү уонна көмөнү тэрийиигэ үлэлэрин билинии бэлиэтигэр олохтоммута[1][2].

Устуоруйата

Социальнай үлэһит күнүн официальнайа суох бэлиэтээһин Арассыыйаҕа 1990-с сыллар ортолоруттан саҕаламмыта. Социальнай сулууспалар уонна нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин тиһигин үлэһиттэригэр барыларыгар идэлээх бырааһынньыгы олохтуур туһунан көҕүлээһин аан бастаан 1994 сыллаахха Социальнай сулууспа үлэһиттэрин ассоциациятын сыллааҕы конференциятыгар этиллибитэ[3].

Официаллык Социальнай үлэһит күнэ АБ-тин бэрэсидьиэнин Владимир Путин 2000 сыл алтынньы 27 күнүнээҕи 1796 №-дээх «Социальнай үлэһит күнүн туһунан» ыйааҕынан олохтоммута[4].

Бэс ыйын 8 күнүн талыы устуоруйа түгэнин кытта сибээстээх: бу күн 1701 сыллаахха Петр I 1856 №-дээх «Умнаһыттары, ыарыһахтары уонна кырдьаҕастары Сибэтиэй Патриарх богодельнятын дьиэлэригэр батарыы туһунан» ыйаахха илии баттаабыта. Бу докумуон Арассыыйаҕа социальнай көмүскэл судаарыстыбаннай тиһигин төрүттээбитэ.

Социальнай үлэһит күнүн бастакы официальнай бырааһынньыга бэс ыйын 8 күнүгэр 2001 сыллаахха буолбута[5].

Арассыыйа социальнай эйгэтэ

Социальнай үлэ идэ быһыытынан Арассыыйаҕа 1980-с сыллар иккис аҥарыгар официальнайдык үөскээбитэ. Социальнай өҥөнү оҥоруу 2013 сыл ахсынньы 28 күнүнээҕи «Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр гражданнары социальнай хааччыйыы төрүттэрин туһунан» бэдэрээлинэйй сокуонунан, 2015 сыллаахха тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киирбитэ. 2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн социальнай хааччыйыы Биир кэлим судаарыстыбаннай информационнай тиһигэ үлэтин саҕалаабыта. Социальнай көмүскэл салаатыгар бырабыыталыстыба дьаһалларын олоххо киллэриинэн АБ-тин Үлэ уонна социальнай көмүскэл министиэристибэтэ (нууч.) дьарыктанар[3]. АБ-тин нэһилиэнньэтин социальнай көмүскэлин нуормалаах-бырааптыы бэрээдэктээһинэ гражданнар иннилэригэр судаарыстыба социальнай эппиэтинэһин принцибигэр, социальнай партнерствоҕа уонна социальнай бөлөхтөрү араарыыга олоҕуран оҥоһуллар[6].

Социальнай көмүскэл тиһигин эбийиэктэринэн туора көмөҕө наадыйар дьон буолаллар, олор истэригэр кырдьаҕастар, биэнсийэлээхтэр, инбэлииттэр, оҕолор уонна олох ыарахан балаһыанньатыгар түбэспит дьон, үлэтэ суох дьон, наркоманнар, «уустук» ыччаттар, ситэтэ суох ыаллар, сууттаммыт уонна буруйдарын боруостаабыт дьон, тэскилээччилэр, көһөн кэлбит дьон. Социальнай көмүскэл тиһигин субъектарынан социальнай үлэни ыытар тэрилтэлэр уонна дьон, ол иһигэр судаарыстыба, уопсастыбаннай тэрилтэлэр буолаллар[7].

undefined

Тэрээһиннэр

Социальнай үлэһит күнүгэр Арассыыйа бары эрэгитйиэннэригэр үөрүүлээх тэрээһиннэр, кэнсиэртэр, наҕараадалары, биэдэмистибэ уонна эрэгийиэн бириэмийэлэрин туттарыы, ону таһынан идэлээх куонкурустар ыытыллаллар.

undefined

Нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин тиһигин бастыҥ үлэһиттэригэр дипломнары, бочуоттаах грамоталары уонна махтал суруктары туттараллар[8].

undefined

Маны сэргэ «Арассыыйа Бэдэрээссийэтин нэһилиэнньэтин социальнай көмүскэлин үтүөлээх үлэһитэ» аат уонна анал эрэгийиэн ааттара иҥэриллэллэр[9]. Бу күн үгэс быһыытынан дойду уонна эрэгийиэннэр салалталарыттан официальнай эҕэрдэлэр бэчээттэнэллэр[10].

Социальнай үлэһит күнэ атын дойдуларга

Социальнай үлэһиттэр идэлээх бырааһынньыктара аан дойду араас дойдуларыгар бэлиэтэнэр, ыытыллар күннэрэ уонна статустара араастаһыахтарын сөп. Ону тэҥэ аан дойдутааҕы статустаах кулун тутар үһүс оптуорунньугар бэлиэтэнэр аан дойдутааҕы социальнай үлэ күнэ баар[11]. Күнү норуоттар ардыларынааҕы социальнай үлэһиттэр федерациялара (IFSW) 1983 сыллаахха олохтообута[12].

Беларусь Өрөспүүбүлүкэтигэр Социальнай көмүскэл үлэһиттэрин күнэ сыл аайы тохсунньу 5 күнүгэр бэлиэтэнэр. Бу идэлээх бырааһынньык Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин 1998 сыллаахха кулун тутар 26 күнүгэр 157 №-дээх ыйааҕынан олохтоммута[13].

Украинаҕа социальнай эйгэ үлэһитин күнэ сэтинньи бастакы өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр.[14].

Арменияҕа Социальнай үлэһит күнэ сэтинньи 4 күнүгэр бэлиэтэнэр.[2].

Казахстаҥҥа Социальнай көмүскэл тиһигин үлэһиттэрин күнэ алтынньы бүтэһик өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр[15].

Быһаарыылар

  1. Когда отмечают День социального работника в 2026 году, РБК Life (28 Ыам ыйын 2026). Сигэнии күнэ: 4 Бэс ыйын 2026.
  2. 1 2 День социального работника 2026: история, традиции, какого числа отмечают праздник в России и мире, Lenta.RU (12 Сэтинньи 2025). Сигэнии күнэ: 4 Бэс ыйын 2026.
  3. 1 2 День социального работника, РИА Новости (8 Бэс ыйын 2020). Сигэнии күнэ: 4 Бэс ыйын 2026.
  4. Указ Президента Российской Федерации от 27.10.2000 г. № 1796, Президент России (27 Алтынньы 2000). Сигэнии күнэ: 4 Бэс ыйын 2026.
  5. Ольга Дмитренко. День социального работника: история и традиции праздника. Российская газета (26 Ыам ыйын 2025). Сигэнии күнэ: 4 Бэс ыйын 2026.
  6. Особенности нормативно-правового регулирования социальной защиты населения в Российской Федерации (рус.). КиберЛенинка. Сигэнии күнэ: 4 Бэс ыйын 2026.
  7. Развитие системы социальной защиты и её структурных элементов в России (рус.). КиберЛенинка. Сигэнии күнэ: 4 Бэс ыйын 2026.
  8. Мишустин наградил соцработников в их профессиональный праздник. ТАСС (8 Бэс ыйын 2022). Сигэнии күнэ: 4 Бэс ыйын 2026.
  9. Заслуженный работник социальной защиты населения Российской Федерации (рус.). Государственные награды Российской Федерации. Сигэнии күнэ: 4 Бэс ыйын 2026.
  10. Путин поздравил российских соцработников с профессиональным праздником, РИА Новости (8 Бэс ыйын 2025). Сигэнии күнэ: 4 Бэс ыйын 2026.
  11. 18 марта — Всемирный день социальной работы: история, традиции, поздравления, Известия (18 Кулун тутар 2025). Сигэнии күнэ: 4 Бэс ыйын 2026.
  12. 17 марта — Всемирный день социальной работы: Миссия помощи и поддержки. Министерство труда и социальной защиты Чувашской Республики. Сигэнии күнэ: 4 Бэс ыйын 2026.
  13. 105 лет со дня образования органов по труду и социальной защите (рус.). Министерство труда и социальной защиты Республики Беларусь. Сигэнии күнэ: 4 Бэс ыйын 2026.
  14. День социального работника 2026: какого числа, история и традиции праздника, Комсомольская правда. Сигэнии күнэ: 4 Бэс ыйын 2026.
  15. 27 октября – День работников системы социальной защиты Казахстана. gov.kz (24 Алтынньы 2024). Сигэнии күнэ: 4 Бэс ыйын 2026.

Эбии бу тиэмэҕэ