Алексеев Эдуард Ефимович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Алексеев Эдуард Ефимович — этномузыковед, искусствоведение дуоктара, СӨ Духуобунаһын Академиятын академига (1996)[1].

Алексеев Ефим Георгиевич (1912—1972) уонна ийэтэ — Саха АССР үтүөлээх учууталлар, эһэтэ Алексеев Егор Николаевич — аатырбыт саха муосчута, ССРС худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ.

1952-56 сс. Москубатааҕы музыка консерваториятын иһинэн орто оскуолаҕа үөрэммитэ. Кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрэн баран 1956-61 сс. Москубатааҕы консерватория теоретико-композиторскай факультетыгар профессор Лео Абрамович Мазель кылааһыгар дьарыктаммыта. 1963-66 сс. Наука академиятын Бүтүн сойуустааҕы научнай-чинчийэр институутугар музыка фольклористикатыгар аспирантуураҕа үөрэммитэ. 1958 с. бастакы фольклорнай эспэдииссийэтигэр грампластинкаҕа таһаартарбыта. 1961-63 сс. Дьокуускайдааҕы музыка уонна педагогика училищаларыгар преподавателлээбитэ. 1964-93 сс. Ускуустуба устуоруйатын институутугар (1977 сыллаахтан Искусствознание Бүтүн Сойуустааҕы чинчийэр институута, 1992 с. Искусствознание судаарыстыбаннай институута). 1987 с. институукка музыкальнай фольклор уопсай теориятын сектор-лабораториятын тэрийбитэ (кэлин — отдел буолбута). Комплекснай эспэдииссийэлэри Алтаайга, Аджарияҕа, Башкирияҕа, Арҕаа Грузияҕа уонна Сванетияҕа, Тувааҕа, Калмыкияҕа, Киргизияҕа, Крымҥа, Узбекистаҥҥа, Краснодаар кыраайыгар тэрийтэлээбитэ.

калмыктар, цыгааннар, крым татаардарын, шапсугтар уонна да атыттар музыкальнай фольклордарын образецтарын хомуйбута. Эбии баардар (бард) ырыаларын, фолк-рок ансаамбыллар музыкаларын (1960-80-с сс.) чинчийбитэ. Христофор Максимов ырыаларын хомуурунньугун хомуйааччы эрэдээктэрэ буолбута (Дьокуускай, 1962). «Образцы якутского музыкального фольклора» хомуурунньук кинигэ соавтора (Надежда Николаевна Николаевалыын, Дьокуускай, 1981).

1970-с сылларга — 1980-с сыллар саҕаланыыларыгар Головинскай Григорий Львовичтыын уонна психологтар Зараковскай Григорий Михайловичтыын уонна Волохов Владимир Фёдоровичтыын ыччат музыкаҕа вкуустарын чинчийбитэ. 20 сыл устатыгар (1972-92) ССРС композитордарын иһинэн Бүтүн Сойуустааҕы норуот музыкатын хамыыһыйатын салайбыта. Эдэр фольклористар сэминээрдэрин ыытар этэ, аан дойду норуоттарын ыккардынааҕы билим конференцияларын, эспедициялар отчуоттуур сессияларын, фольклор кэнсиэртэрин уонна фестивалларын тэрийсэр этэ.

1993-96 сс. — Дьокуускайга Аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын институутун үлэһитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаһын Академиятын вице-президенэ (1996—1997).

1997 сылтан АХШ-ка олорор, Бостоннааҕы норуоттар ыккардыларынааҕы институт (International Institute of Boston) үлэһитэ.


Быһаарыылар