Петров Афанасий Прокопьевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Петров Афанасий Прокопьевич

Петров Афанасий Прокопьевич (31.01.1915—1998) — саха биллиилээх артыыһа, РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыстара.

Олоҕун олуктара

  • 1915 сыл тохсунньу 31 күнүгэр Уус-Алдан улууһун II Өлтөх нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
  • Үс кылааһы Дойду алын оскуолатыгар, онтон төрдүһү Дьокуускай куорат 3 №-дээх оскуолатыгар бүтэрбитэ.
  • 1932—1936 сылларга Москва куоракка А. В. Луначарскай аатынан Ил театр искусствотын институтун (билигин ГИТИс) иһинээҕи саха студиятыгар үөрэммитэ.
  • 1936 сылтан Дьокуускайдааҕы Ил драма театрын артыыһа.
  • 1940—1941 сылларга Ньурба иккис колхуос театрын салайааччыта.
  • 1950 сыл — Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
  • 1953—1955 сылларга Москваҕа М. С. Щепкин аатынан театр училищетын саха студиятын ассистена уонна режиссера.
  • 1998 сыллаахха өлбүтэ.

Айар үлэтэ

Сүүстэн тахса оруолу оонньообута, олор истэригэр:

  • Кудряш («Гроза», А. Островскай)
  • Жухрай («Как закалялась сталь», Н. Островскай)
  • Бывший («Дьадаҥы Дьаакып», А. Софронов)
  • Най («Күкүр уус» С. Омоллоон)
  • Оруос баай («Кыһыл ойуун» П. Ойунскай)
  • Ыналба («Оҕону баҕарбыт» П. Ойунскай)
  • Павел Долгунов («Колонияттан коммуннаҕа» А. Аччыгыйа)
  • Егор Егорович («Бырааттыылар» С. Ефремов)
  • Нүөһэр Дархан («Өлүөнэ сарсыардата» И. Гоголев)
  • Кубаров («Сүрэх тэбэрин тухары» Софрон Данилов)
  • Боһукка («Туйаара» В. Протодьяконов)
  • Мэппэллэ Мэхээлэ («Гавриил Егоров» И. Находкин)
  • Чибисов («Человек с ружьем» Н. Погодин)
  • Анучин («Первые искры» А. Малькова-Клиорина)
  • Деникин («Чуумпу Дон» М. Шолохов)
  • Дункан ыраахтааҕы («Макбет» В. Шекспир)
  • Кутейкин («Недоросль» Д. Фонвизин)
  • Яичница («Кэргэн кэпсэтии» Н. Гоголь)
  • Мультик («Вечер» А. Дударов)

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Саха АССР үтүөлээх артыыһа (1950)
  • Саха АССР норуодунай артыыһа (1957)
  • РСФСР үтүөлээх артыыһа (1962)
  • Ленин уордьана (1971)
  • РСФСР норуодунай артыыһа[1] (1975)
  • «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.» мэтээл
  • «За доблестный труд в ознаменование 100-летия со дня рождения В. И. Ленина» мэтээл
  • «За трудовое отличие» мэтээл (1958)
  • «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээл
  • 30 лет Победы в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг. мэтээл

Өссө маны көр

Саха норуодунай артыыстарын тиһигэ

Быһаарыылар

  1. О присвоении почетного звания народного артиста РСФСР Петрову А. П. — артисту Якутского драматического театра им. П. А. Ойунского: Указ Президента Верх. Совета РСФСР от 13 янв. 1976 г. // Ведомости Верх. Совета РСФСР. — 1976. — № 3. — С. 32

Сигэлэр

  • Кырдьаҕас артыыс санаата : РФ уонна СР нар. артыыhа А. П. Петровы кытта кэпсэтии / кэпсэттэ И. Антипина // «Саха Сирэ». — 1996. — Ыам ыйын 23 к.
  • Апросимов В. В. Тускун. Петров Афанасий Прокопьевич уонна да атыттар тустарынан көрдөөх түгэннэр // Апросимов, В. В. Тускун. Дьаакып Кыычыкынтан саҕалаан…: (Саха театрдарыттан көрдөөх түгэн). — Дьокуускай, 2000. — С. 32—35.
  • Емельянов С. Последний из могикан: [о нар. артисте России и Якутии А. П. Петрове] // «Полярная звезда». — 2001. — № 3. — С. 55.
  • Сивцев С. Н. — Доллу. Улахан олох кылгас түгэннэриттэн // Сивцев С. Н. — Доллу. Хатыламмат түгэннэр, умнуллубат айаннар : П. А. Ойуунускай аатынан Саха гос. драм. театрын 70 сылыгар ананар. — Дьокуускай, 2000. — С. 9—15.
  • Сиэн Чолбодук. «Мин мэлдьи баай этим…» // Сиэн Чолбодук. Быыс аhыллар… — М., 2000. — С. 61—67.
  • Афанасий Прокопьевич Петров // Саха саарыннара: [биогр. ыйынньык]. — Дьокуускай, 1998. — С. 231—232.
  • Никитин П. А. П. Петров // Никитин, П. Мастера якутской сцены. — Якутск, 1985. — С. 22—23.

Ылыллыбыт сирэ