Аан дойду дьахталларын күнэ
Аан дойду дьахталларын күнэ 1909 сыллаахтан сыл ахсын кулун тутар 8 күнүгэр бэлиэтэнэр. ХНТ сыл аайы дьахталлар бырааптарын харысхалыгар уонна эйии иһин тутуллар. История этэринэн үлэлиир дьахталлар бырааптарын тэҥнэтэргэ уонна эмансипацияҕа болҕомтону уурарга ыҥырар[1].
Советскай Союз эстибитин кэннэ кулун тутар 8 күнүгэр Российскай Федерация государственнай бырааһынньыга буолан хаалбыта. Кулун тутар 8 күнүгэр Арассыыйаҕа дьахталларга сибэкки уонна атын бэлэх аҕалар үгэһэ буолар. "Сибэккилэр кулун тутар 8 кунугэр саамай баҕалаах бэлэх буолан хаалаллар: иккис эр киһи кинилэр тапталлаах хотунун бэлэхтээн, оттон иккис Россия хас биирдии олохтооҕо кинилэри белех быһыытынан ылыахпын баҕарабын". Онуоха «бу күн бастакы хоһооно — биир муоста дискриминацияны утары охсуһуу-умнуллубута ыраатта», ол түмүгэр бу күн «дьахтар бырааһынньыгын курдук»диэн бэлиэтииллэр.[2]
1920с сылларга коммуньуус дойдулар, ол курдук Кытай, Куба уонна ССРС, бэлиэтиир буолбуттар. Ол бириэмэттэн бырааһынньык өссө да тарҕаммыт.
Дойдулар үгүс өттө политика хос санаата суох бырааһынньыктыыллар - эр дьон ийэлэригэр, кэргэннэригэр, коллегаларыгар уо д. а. сибэккилэри уонна кыра бэлэхтэри оҥороллор. Сорох дойдуларга дьахталлары үлэлэриттэн дьиэлэригэр эрдэ ыыталлар.
1975 сыллаахха ХНТ бу бырааһынньыгы билиммитэ. Хас сыл аайы социальнай уонна поллитическай тематын уларыта сылдьан бэлиэтиир. Ол курдук 2011 сыллаахха "Үөрэххэ, билимҥэ уонна технологияларга тэҥ кыах биэриитэ" диэн темалаах этэ.
Албания, Алжир, Армения, Азербайджан, Беларусь, Босния уонна Герцоговина, Бразилия, Буркина Фасо, Камерун, Кытай, Куба, Эквадор, Грузия, Италия, Израиль, Лаос, Казахстан, Кыргызстан, Македония, Молдавия, Черногория, Польша, Румыния, Россия, Сербия, Таджикистан, Украина, Узбекистан, Вьетнам уонна Замбия дойдуларыгар бэлиэтэнэр.