Куба

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Куба
Cygnus cygnus

Куба (лат. Cygnus cygnus, нууч. лебедь-кликун) — Саха сирин саамай улахан көтөрө. Өҥө хаар маҥан. Тумса хара тумуктаах араҕас. Атаҕа хара. Быытта кубаттан бөдөҥ, өссө биир уратыта — тумсун харатын уонна араҕаһын кыраныыссата көнө буолбатах.

Саха сиригэр икки бэйэ-бэйэтиттэн тутулуга суох популяция үөскүүр. Өлүөнэ 40 арыыларыгар уйаланар популяция 1,6 тыһыынча төбөлөөх, Кытайга кыстыыр. Халыма-Индигиир популяцията 30-ча тыһ. төбөлөөх Дьоппуон арыыларыгар кыстыыр.

Саха сирин Кыһыл кинигэтигэр III хаттыгаска киирэр.

Өссө маны көр