Холлоҕос (иһит)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Холлоҕос — улахан, 10—20 биэдэрэ истээх, тар хаһаанар туос иһит (уһаат); ууну өтүппэт биэ тириититтэн оҥоһуллубут кымыска аналлаах улахан төгүрүк иһит[1].

Иһит дьүһүнэ, туһаныы

Киһини өттүгүн баһынан, ол аата 80—90 см кэриҥэ, холобурдаах. Таһынан синньигэс талаҕынан эрийиллэр. Арыт уһун талаҕы аҥаардаан салгыы-салгыы алларааттан үөһээҥҥэ диэри эрийэн бөҕөргөтөллөр. Сайылыкка тар хаһаанар иһиттэрэ[2].

Көрүҥэ — хороох тууйас.

Литератураҕа ахтыллыыта

Маһарах ойоҕунаан бу сай үөһэ сайылаан олорон, куолуларынан биэс-алта улахан холлоҕос кымыһы хаһааннылар. (Эрилик Эристиин айымньытыттан).

Туос иһит

  • үөһээ-аллараа уонна ортоку иилэргэ(урут, алын курдууларга) кэтэрдэ сиэл ситиинэн үүйүллүбүт эркиннээх(кэтит тымтык) лаппа бөҕө туос иhити холлоҕос дииллэрэ.

Тыл атын суолтата

Былыр балаҕан туруохтаах сиригэр түөрт муннуктарга суон баҕаналары туруораллара. Ол баҕаналар үрдүлэригэр түөрт суон өhүө мастары уураллара. Кинилэргэ сытыары соҕус гына титириктэри өйөннөрө туруортууллара. Ол эркиннэри холлоҕос диэн ааттыыллара. Билиҥҥи олоххо — тутуллар мас дьиэ, тутуу ойоҕосторо, түөрт эркинэ[3].

Өссө маны көр

Быһаарыылар

  1. Э. К. Пекарскай. Словарь якутского языка. — Академия наук СССР, 1959. — Т. 3. — С. 3453.
  2. Саха ойуута-бичигэ: альбом / Мандар Уус. Дьокуускай: Бичик, 2007. — 288 с. — ISBN 978-5-7696-2696-8
  3. П. С. Афанасьев, П. А. Слепцов, А. Г. Нелунов, А. С. Луковцев, В. И. Лиханов, Г. В. Попов, Н. Н. Васильева, Н. С. Попова. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта / Афанасьев П. С. — Дь.: Бичик, 1994. — С. 231. — 261 с. — ISBN 5-7696-28-2