Балаҕан
Балаҕан эбэтэр туруорбах дьиэ — туруору мастартан өйөөн оҥоһуллубут дьиэ. Кыра, куһаҕан балаҕаны өссө ыыспа[1] дииллэр.
Саха балаҕанын ис-тас оҥоһуута. Балаҕан араамата (сүгээйитэ?) баҕаналартан, онно ууруллубут өһүөлэртэн турара. Ол өһүөлэргэ холлоҕос мастары туруору кэккэлэтэн эркиннэрин туруораллара. Балаҕан аллараа өттө саллаҕар; үрдэ томтоҕор, самыыр хоппотун диэн икки өттүгэр иҥнэри оҥороллоро. Буорунан сыбыыллара, кырыһынан хайаллара. Балаҕан иһин хотугулуу-илин өттүгэр титириктэри иҥнэри соҕус төгүрүччү кэккэлэтэн баран, сигэнэн кэлгийэн, хотун олороро. Төгүрүччү, эркини кэрийэ тоҕуска тиийэ ороннордоох буолара, ороннор тус-туспа олох диэн ааттаахтара. Киирэр аантан саҕалаан атах орон, орто орон, биллэрик орон, бастыҥ орон диэн ааттаналлара. Онтон кэтэҕириин уонна хаҥас ороннор кэлэллэрэ. Балаҕан хотон диэки эркинигэр иһит ороно турара. Оһох кэннигэр мастарын кыстыыллара. Чиэс мастар, көхөлөр бааллара. Дьадаҥы хоноһо атах ороҥҥо, мааны ыалдьыт бастыҥ эбэтэр биллэрик ороҥҥо утуйаллара. Дьиэлээхтэр оронноро кэтэҕириин уонна хаҥас ороннор буолалара.
17-с үйэҕэ уонна 18-с үйэ саҕаланыытыгар саха балаҕаннара түннүктэрэ суоҕа үһү./…/ Кэнники балаҕаны эргиччи 6-7 түннүктүүллэрэ, онтукаларын кыһынын бастаан утаа хаарынан, хойутуу мууһунан сабаллара. Сарсыарда аайы, сырдык буоллун диэн, кырыатыыр идэлээхтэрэ. Сааһыары улам чарааһаан,тиһэҕэр тиийэн тэстэн хаалара. Оччоҕо муус түннүгү устан сүөһү кэнэҕискитинэн, хабаҕынан эбэтэр туоһунан, тымтыгынан сабаллара. Ити муус түннүгү уларытар кэм муус устар ый диэн ааттаммыт. (Оччолорго даҕаны ити ыйга өрүскэ,үрэххэ муус устубат этэ.) 19-с үйэ бүтүүтүн диэки түннүктэрин иилиир (араамалыыр) буолбуттара. Сүлүүдэ эбэтэр өстүөкүлэ үлтүркэйдэрин кылынан туоска тигэн баран, араамаҕа олордоллоро. Балаҕан хоту өттүгэр салгыы сүөһү туруорар хотонноох буолаллара, хотон аҥар муннугар чуолаҕай хоско хамначчыттар олороллоро.
Балаҕаннарын илин диэки аанныыллара. Ол аата дьиэ сирэйинэн илини - күн тахсар өттүн көрөн туруохтаах./…/ Аанынан балаҕан өрүттэрин быһаараллар. Илин диэки, ол аата аан диэки, сирэйгинэн хайыһан турдаххына, уҥа илииҥ диэки балаҕан уҥа (соҕуруу) өттө, хаҥас илииҥ диэки – хаҥас (хоту) өттө, оттон кэтэх өттүҥ – кэтэҕириин (арҕаа) өттө буолара. Аан тас өттүгэр таһырдьа баҕаналарга турар чарапчылыыллара.
Бапаҕан таһыгар буор сыбахтаах кыһыҥҥы ураһа баар буолара, онно отордууллара. Сайынын буоллаҕына, туспа сиргэ курдуулаах туос Хаһаа, кыбыы, дал оҥостоллоро. Тэлгэһэ иһигэр хоспох, сайба, лаабыс, иин (умуһах, оҥкучах) диэннэр бааллара, балаҕан иннинэн 3-тэн 7-ҕэ тиийэ муостаах, ытарҕалаах, кулгаахтаах, үс мойбордоох тойон, кыргыс сэргэлэрэ турар буолаллара. Олору таһынан сылгы баайар, кураахтаах сааны, оҕу, сэби ыйыыр көхөлөрдөөх сэргэлэр баар буолаллара.
Кэрэхсэбиллээх чахчылар
- Толедо куоратыгар Лас Вентас кон Перья Агилера сиригэр Сибиир төрүт норуоттарын этнографическай түмэлигэр, Барселона Университетын антрополога Кармен Арнау Муро тус сыратынан уонна көмөтүнэн, саха балаҕана тутуллубут.
Муро Сибииргэ, ол иһигэр Саха Сиригэр, элбэхтик сылдьан, төрүт норуоттар олохторун-дьаһахтарын, культураларын уонна тылларын үөрэппит, чинчийбит. Түмэл бастакы тутуутунан, Хакасия тутааччылара туппут юрталара буолбут. Ол кэннэ түмэлгэ буряттар баанньыктара тутуллубута. Түмэлгэ Сибиир норуоттарын культуратын үөрэтиигэ, тарҕатыыга аналлаах араас көрсүһүүлэр, быыстапкалар, конференциялар буолаллар эбит.
Бу саха балаҕана 2011 сыллаахха тутуллубут, аһыллыыта 2013 сыл бэс ыйын 8 күнүгэр буолар[2].
Сибиир төрүт норуоттарын этнографическай түмэлин ситим сирэ: http://www.etnomuseosiberia.org/index.htm
Туһаныллыбыт сирдэр
И. Н. Тарабукин. «Хотун Төңүлү тула». — Дь.: «Сайдам», 2007
Быһаарыылар
- ↑ И. К. Попов/ Саха тылыгар кылгас көмө тылдьыт. — 2004. — ISBN 5-7696-2088-9
- ↑ Официальный информационный портал Республики Саха (Якутия):Новости 06.05.2013:В Испании появился якутский балаган
Бу саха культуратыгар сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |