Туос ымыйа
Туос ымыйа — сүрдээх улахан истээх, кэтит, туруору эркиннээх, сиэдэрэй тигиилээх, арыт сиэл баайыылаах, арыт алтан кылырҕастаах (ытарҕалаах), арыт оҕуруо салбырҕастаах туос иһит (сылгы чабычаҕын биир көрүҥэ).
Кэрэтик ойууланан-бичиктэнэн, ойуулаах туос хаппахтанан баай сүктэр кыыс солкотун, күндү таҥаһын угар иһитэ буолбут. Түү таҥас, солко манна харалла сытан буорту буолбат, үөн-көйүүр үөскээбэт. Маллаах иһит улахан көрүҥэ[1].
Өссө маны көр
Быһаарыылар
- ↑ Саха ойуута-бичигэ: альбом / Мандар Уус. Дьокуускай: Бичик, 2007. — 288 с.: ил. ISBN 978-5-7696-2696-8
Бу саха иһитигэр-хомуоһугар сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |