Таҥалайдаах чабычах

Таҥалайдаах чабычах — таҥалайдыы анньыы иилээх сабарай чабычах көрүҥэ. Олус улахан кээмэйдээх элбэх ыанньыктаах баай ыал үүт туруорар киэҥ айахтаах, түгэҕин диэки суптугур быһыылаах намыһах туос иһитэ.

65 см тиийэр айахтаах, 30 см тиийэр үрдүктээх[1].

Быһаарыылар

  1. Саха ойуута-бичигэ: альбом / Мандар Уус. Дьокуускай: Бичик, 2007. — 288 с.: ил. ISBN 978-5-7696-2696-8