Ыаҕайа
Ыаҕайа — орто кээмэйдээх, толору үүтү, ууну куттахха оҕо, дьахтар кыайа тутар истээх күннээҕи олоххо-дьаһахха туттуллар туос иһит. Аналыттан көрөн тигиитэ үксүгэр ойуута-бичигэ суох судургу буолар. Кээмэйинэн эрэ арахсар уу баһар, ынах ыыр, оҕо уу баһар, сир астыыр, балык кутар, о.д.а. ыаҕайалар баар буолаллар[1].
Быһаарыылар
Өссө маны көр
| Бу саха иһитигэр-хомуоһугар сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |