Туос
Туос - хатыҥ хатырыга. Былыргы сахалар киэҥник тутталлар этэ.
Туттуу холобурдара: иһит-хомуос оҥорорго, түннүк, оҕо биһигэ, оҕо оонньуура, ыас, туос ураһа туталлар.
Булт тэрилигэр туттуу
Илим, муҥха хотоҕоһо (туостугана).
Туос эми-тому, итэҕэли кытта ситимэ
Кыра бааска, хайа тардыыга кир-хах киирбэтин диэн чап-чараас араҥа туоһу сыһыараллар эбит. Маны таһынан түөн туталлара үһү.
Туос эмэгэти былыр отоһуттар, ойууннар киэҥник тутта сылдьыбыттар.
Туоһу хастааһын
Туос хастанар кэмэ сүнньүнэн бэс ыйа, от ыйа[1].
Быһаарыылар
- ↑ Саха ойуута-бичигэ: альбом / Мандар Уус. Дьокуускай: Бичик, 2007. - 288 с.: ил. ISBN 978-5-7696-2696-8
Айылҕа | Бу айылҕаҕа сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |