Скорпион (сулустар бөлөхтөрө)
Скорпион (лат. Scorpius) — соҕуруу халлаан сулустарын бөлөҕө. Халлаан Сиигэр баар
Күн манна сэтинньи 22 күнүгэр киирэр. Арассыыйа территориятыттан ыам ыйыгар толору көстөр.
Сулустар
- Антарес (Скорпион α-та), "Арес Өстөөҕө", 1,6 улахан. Өҥө Марс планетаҕа маарыҥныыр.
Астеризмнар
- Скорпион Кутуруга. Манна α (Антарес), τ, ε, μ, ζ, η, θ (Саргас), ι, κ, λ (Шаула) уонна ν сулустар киирэллэр. Атын аата Күөгү Күрүчүөгэ.
- Куоска Хараҕа. Манна λ и υ сулустар киирэллэр. Скорпион кутуругар баар
Атын объектар
- Акраб (Скорпион β-та) гириэктэр Рафиас диэн ааттыыллара, ол аата «краб»;
- Бу бөлөххө халлааҥҥа ордук улахан рентген долгуннар үөскүүр сирэ (Скорпион X-1),
- Скорпион ν-та,
- GRO J1655-40, Хара дьөлөҕөс буолуон сөп.
Устуоруйата
Былыргы бөлөх. Орион Артемиданы кытары кыыһырсыбыт, Артемида скорпиону ыыппыт өлөрө.