Халлаан Сиигэ
Халлаан Сиигэ галаактика (былыргы гириэктии көннөрү Гала́ктика диэн ааттаах) — сүүнэ кээмээйдээх сулустар систиэмэлэрэ. Бу систиэмэҕэ биһиги Күммүт систиэмэтэ киирэр. Бары көстөр сулустар уонна элбэх көстүбэт сулустар биир улахан былыт курдук көстөллөр.
Спираль халыыптаах уонна SBbc тииптээх (Хаббл классификацията).
Аата (Этимология)
Галаактика диэн аат гириэктии Γαλαξίας, бу тыл γάλα — Гераклы өлбөт оҥороору Гера таҥара үүтүн эмтэрбит. Гера уһуктан баран соһуйан Гераклы эмиийиттэн киэр аспыт, онно үүтэ тохтон Халлаан Сиигэ буолбут.
Галактика структурата
Диаметра 30 тыһыынча парсек (ол аата 100 000 сырдык сыла), кэтитэ 1000 сырдык сыла. Галактикаҕа 200 миллиард кэриҥэ сулус баар. 2009 тохсунньу туругунан Галактика массата 3×1012 Күн массата[1], эбэтэр 6×1042 кг.
Киинэ
Ортотугар балдж (Хара Иин баар буолуон сөп. [2]
Киинэ Охчут бөлөххө проекцияланар (α = 265°, δ = −29°).
Быһаарыылар
- ↑ Lenta.ru: «Млечный Путь потяжелел в два раза», 06.01.2009
- ↑ «Учёные обнаружили в центре Млечного Пути вторую чёрную дыру»