Охчут (сулустар бөлөхтөрө)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Охчут

Охчут (лат. Sagittarius, Sgr) — зодиак сулустарын бөлөҕө, Чубуку уонна Скорпион бөлөхтөр ыккардыларынан баар.

Бу бөлөххө кыһыҥҥы Күн туруута уонна Галактика киинэ бааллар. Халлаан Сиигэр сытар.

Интириэһиргэтэр объектар

  • Лагуна, мустуу,
  • Омега M17, мустуу, атын ааттара — Куба, Туйах,
  • Үс Хостоох (M20), мустуу, атын аатта — Үс Өлүүлээх,
  • M22, M28, M54, М55, M69, M70, M75 уонна Арка Мустуута, сфера халыыптаах мустуулар.
  • радиодиапазоҥҥа Охчут A, бу объект Хара дьөлөҕөс буолуон сөп[1].

Астеризмнар

  • Чайник, ζ (Аскелла), φ, δ (Каус Меридианалис) уонна ε (Каус Аустралис) сулустар киирэллэр. 
  • Теребеллум ω, 59, 62 уонна 60 сулустар киирэллэр.

Кэтээн көрүү

Күн бу бөлөххө ахсынньы 17 күнүгэр киирэр. Арассыыйа территориятыттан кыһын ордук уонна толору көстөр.

Устуоруйата

Былыргы бөлөх. Клавдий Птолемей «Альмагест» каталогар баар. Гириэктэр номохторунан Кротос диэн кентавры кытта сибээстээх.

Быһаарыылар

Сигэлэр