Сонордьут Ыттар (сулустар бөлөхтөрө)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сонордьут Ыттар

Сонордьут Ыттар (латыынныы Canes Venatici) — хотугу халлаан бөлөҕө. Иэнэ 465,2 квадрат кыраадыс, 57 харахха көстөр сулустардаах. Арассыыйа территориятыттан кулун тутар - муус устар ыйдарга толору көстөр.

Интириэһиргэтэр объекттар

  • Ордук чаҕылхай сулус — Сонордьут Ыттар α-та, эбэтэр Карл Сүрэҕэ — икки хостоох сулус.
  • М51 галактика — спираль халыыптаах галактика.
  • М53 галактики «Подсолнух» уонна M94 галактика, иккиэн спираль халыыптаахтар.
  • M3 сфера халыыптаах мунньустуу.

Устуоруйата

Саҥа бөлөх. Ян Гевелий 1690 сыллаахха «Уранография» атласка киллэрбитэ. Кини икки ыт кырдук уруһуйдаабыт, ыттар Маныыһыт Улахан Араҥаска саба түһүннэрэр.

Сигэлэр