Оҕус (сулустар бөлөхтөрө)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Оҕус

Оҕус (Хой бөлөхтөр ыккардыларынан баар.

Үргэл уонна Гиад

Оҕуска икки сулустар мустуулара баар — Гиад уонна Үргэл.

  • Үргэл (М 45) эбэтэр "Сэттэ Эдьиий" — 410 сырдык сыла ыраах сытар уонна 500 сулустардаах мустуу. Сытыы харахха 6 - 7 сулус көстөр. Бары бииргэ кыракый хомуос курдук көстөллөр.
  • Гиад, 150 сырдык сыла ыраах, 132 бөдөҥ сулустаах уонна 259 бытархай сулустардаах.

Альдебаран

Гиад мустууттан чугас Альдебаран (Оҕус α-та) диэн сулус, араабтыы (الدبران, al-dabarān эбэтэр «батыһан иһээччи»). Урут Оҕус Хараҕа диэн ааттыыллара. Улахана 0,78 - 0,93 ыккардынан баар. 68 сырдык сыла ыраах.

Краб туманность

Астрофизика объекта Краб туманность (М 1), 1054 сыллаахха буолбут дьэлби тэбии тобоҕо (М 1). Халлаан Сиигэр баар. 6300 сырдык сыла ыраах, диаметра 6 сырдык сыла уонна күн аайы 80 мөл. км. улаатар.

Оҕус

Устуоруйата

Былыргы бөлөх. Клавдий Птолемей «Альмагест» каталогар киирбитэ.

Кэтээн көрүү

Күн бу бөлөххө ыам ыйын 11 күнүгэр киирэр. Арассыыйа территориятыттан кыһын ордук көстөр.

Сигэлэр