Илим (сулустар бөлөхтөрө)
Илим (лат. Reticulum, Ret) — соҕуруу халлаан сулустарын бөлөҕө. Халлааҥҥа 113,9 квадрат кыраадыс иэннээх, 22 харахха көстөр сулустардаах.
Көстөр кэмэ
Арассыыйа территориятыттан көстүбэт. 23° кэтирээһинтэн соҕуруу толору көстөр. Ахсынньыга ордук көстөр.
Устуоруйата
Саҥа бөлөх. Никола Луи де Лакайль 1754 сыллаахха аата суох киллэбитэ, 1756 сыллаахха «Ромб быһыылаах илим» диэн ааттаммыта, телескоп окулярыгар баар илими маарыҥнатар. 1763 сыллаахха латыынныы ааттаммыта.
Ол гынан баран өссө 1621 сыллаахха манна Исаак Хабрехт «Ромб» диэн ааттаах түөрт эрэ сулустаах бөлөҕү уруһуйдаабыт.
Илим ζ-та (дзетата)
Бу бөлөххө 35 уот сыл ыраах ζ Reticuli диэн ааттаах икки сулус системата баар. Интириэһиргэтэрэ диэн бу сулустар F8 спектр класстаахтар, ол аата биһиги Күммүтүгэр маарыҥныыллар.