Парсек

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Парсек (кылгатыллыбыт пк, pc) — тригонометрия параллакса биир муннук сөкүүндэтигэр тэҥнээх.

Атын быһаарыынан: парсек — Сир орбитатын радиуһа биир муннук сөкүүндэ курдук көстөр ыраах (1″).

1 пк = а. к. ≈ 206 265 а. к. = 3,08568×1016 метр = 30,8568 Пм (петаметр) = 3,2616 сырдык сыла.

Төгүллээх кээмэйдэр эмиэ туһаныллаллар: килопарсек (кпк, тыһыынча), мегапарсек (Мпк, мөлүйүөн), гигапарсек (Гпк, миллиард).

Сорох парсегынан кээмэйдэммит ыраахтар

  • 1 астроном кээмэйэ = 4,85×10−6 парсек;
  • 2008 сыл балаҕан ыйын 26 күнүнээҕи туругунан, АХШ Вояджер-1 аппарата Күнтэн 0,000521763 пк (107.58 а.к.)[1];
  • Оорт былытын диаметра = 0,62 пк;
  • Күнтэн ордук чугас сулуска (Кентавр Проксимата) 1,3 парсек кэриҥэ;
  • Биһиги Галактикабыт киинигэр диэри — 8 килопарсек кэриҥэ;
  • Биһиги Галактикабыт диаметра 30,7 кпк кэриҥэ;
  • Андромеда галактиката биһгиттэн 0,77 мегапарсек ыраах;
  • Кыыс галактикалар иунньустуутугар диэри 18 Мпк;
  • Көстөр Куйаар кытыытыгар диэри 4 Гпк кэриҥэ;
  • 10 парсегы сырдык отут икки сир сылынан, сэттэ ыйынан уонна алта күнүнэн барар.

Быһаарыылар

  1. НАСА/JPL. Тургутулунна 22 ноября 2008.

Өссө маны көр