Сибиир ханствота

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сибиир ханствота (Сибиир саарыстыбата, Сибиир сурда[1]) — XV үйэ бүтүүтүгэр Алтан Ордуу[2] ыһыллыытыгар үөскээбит Арҕаа Сибииргэ түүр тыллаах татаар омугун[3] феодальнай дойдута. Сибиир ханствота Перьм сирин, Ноҕай Ордуутун, Каһаах ханствотын, уонна телеуттар дойдуларын кытта ыаллыы сытар этэ[4].

Сибиир ханствотыгар туттуллар тыл — түрки[5].

Устуоруйата

Төрдө (1220—1375)

«Сибиир» диэн аат аан маҥнай 1240 сыллаахха «Моҕол ытык историята» (Юань-чао ми-ши) диэн ааттаах кинигэҕэ ахтыллар. Ол кинигэҕэ этиллибитинэн Дьүчи 1206 сыллаахха Shibir диэн сиртэн соҕуруу олорор тыа биистэрин сэриилээбит. Онтон ураты сиһилии дааннай суох буолан чинчийээччилэр Сибиир диэн аатынан хайа дойдуну ааттыыллар уонна ол дойду ханна баарын быһаарар кыахтара суох[6].

XIV үйэ бастакы аҥарыгар Египет султанын суруксута Ал-Омари Алтан Ордуу састаабыгар Сибиир уонна Ибиир диэн сирдэр баалларын ахтыбыт. Чинчийээччилэр этэллэринэн бу ааттаммыт сирдэр Иртыш уонна Тобол өрүстэр икки ардыларыгар баар буолуон сөп[7]. Быһа холоон ол кэмҥэ Европатааҕы карталарга Sebur уонна Singui диэн аат баар буолбута: Пиццагани ини-биилэр карталара (1367)[8] уонна Каталан каартата (1375)[9].

Тайбугиннар сирдэрэ

Академик Г. Ф. Миллер сабаҕалыырынан Сибиир ханствота 1220 сыллаахха тэриллибит Тайбугин сурдуттан үөскээбит. Тайбугин сурдун Алтан Ордуу атын улуустарыттан уратыта диэн кини автономиялаах сир этэ[10][11].

Чинги-Тура Вилайиэтэ (1375—1468)

1359 сыллаахха Алтан Ордуу историятыгар Улуу Самныы кэмэ саҕаламмыта. Сибиир ханствотын баһылыктара Шибан сыдьааннара (нууч.: Шибаниды) ол кэмҥэ былаас былдьаһыытыгар көхтөөхтүк кыттыбыттара биллэр.

Тохтамыш кэмэ

Тохтамыш диэн аатырбыт хаан Урус-хааны утары сэриилэһэр кэмигэр Шибан сыдьааныттан Каҕанбэктэн көмө көрдөөбүтэ, ол эрээри Каҕанбэк көмөлөспөтөх. Муҥур уһугар Тохтамыш бастаан Урус-хааны, онтон Мамайы кыайбыта уонна бүтүн Алтан Ордуу хаана буолбута. Ол кэннэ Тохтамыш Каҕанбэги уһулан, Сибиир хаанынан кини быраатын Арааб-хааны анаабыт[12]. Тохтамыш сүрүн өстөөҕө Тимур (Тамерлан) Алтан Ордууну сэриилииригэр аан бастаан Сибиир ханствотын халаабыт этэ. Онтон Тимур 1389 сыллаахха бэйэтин сэрииһитин Дьаһан-шаһ-баҕадуру, Омар-баҕадуру уонна Үч-Кара-баҕадуру Сибиир ханствотын сэриилии ыыппыта биллэр[13].

Хадьи-Муһаммад хаан (1421—1428)

1420 сыллаахха көҥүл Сибиир ханствотын баһылыга Хадьи-Муһаммад хаан буолбута. Кини баһылыктыыр кэмигэр Сибиир ханствотыгар ис сэриилэр саҕаламмытара уонна 1495 сыллаахха түмүктэммиттэрэ.

Түмэн ханствота Ибак хаан кэмигэр

Сибиир ханствотын баһылыктара

Номоххо киирбит Сибиир хааннара

  • Татар — хаан (1035—?)
  • Казылтин, Татар уола
  • Даметей, Татар уола
  • Юваш, Казылтин уола
  • Ишим, Юваш уола
  • Мамет, Ишим уола
  • Куташ, Мамет уола
  • Аллагул, Куташ уола
  • Кузей, Аллагул уола
  • Ебаргул, Юваш кыра уола
  • Бахмур, Ебаргул уола
  • Яхшимет хаан
  • Юрак хаан, Бахмур уола
  • Мунчак, Юрак уола — хаан
  • Юзак, Мунчак уола
  • Он-Сом, Юзак (эбэтэр Юрак) уола
  • Иртышак, Он-Сом уола. Дьүчиттэн хотторбут
  • Табуга, Иртышак (эбэтэр Он-Сом) уола (1220-?)

Шибан Улууһа

  • Шибан — 1243 сылтан султан
  • Бахадур-хаан (1266—1280)
  • Дьүчи-буҕа (1266—1280)
  • Бадакул
  • Миҥ-Тимур (1359 сылга диэри)
  • Пулад-Тимур (1359—1367)
  • Ибраһим-оҕлан уонна Арааб-шаһ (1367 сылтан)
  • Алибек-хаан (1367—1375)
  • Каҕанбэк-хаан (1375—1380)
  • Давлат-шейх (1382 кэннэ)

Тука-Тимур сыдьааннара

Узбек ханствота

  • Хадьи-Муһаммад (1420—1428)
  • Дьумадук (1425—1428)
  • Маһмуд-ходьа (1428—1429/1430)
  • Абу-л-хайр (1428—1468)

Сибиир ханствота

  • Мар (Умар, Омар) (1468—1480)
  • Ибак (1468—1495)
  • Муһаммад Тайбуҕа (1495—1502)
  • Ангиш (1502—1516)
  • Касым (1516—1530)
  • Едигер (1530—1563)
  • Бек-Булат (1555—1563)
  • Кучум (1563—1598)
  • Сейд Аһмад (Сейдяк) (1583—1588)
  • Али (1598—1616)
  • Бахадур (1607—1616)
  • Ишим (1616—1624)
  • Аблай-Гирей (1628—1631)

См. эмиэ

Быһаарыылар

  1. Сибирское ханство. Большая Российская энциклопедия
  2. Сибирское ханство. bse.sci-lib.com. Тургутулунна 13 Балаҕан ыйын 2015.
  3. Исхаков Д. М. Тюркско-татарские государства XV—XVI вв. — Казань: Институт истории им. Ш. Марджани АН РТ, 2004.— Глава 2 — C. 32..
  4. Сибирское ханство. bse.sci-lib.com. Тургутулунна 13 Балаҕан ыйын 2015.
  5. Статья в Башкирской энциклопедии
  6. Иоганн Шильтбергер Книга путешествий // Сибирь в известиях западно-европейских путешественников и писателей, XIII-XVII вв. — Новосибирск, 2006.
  7. Егоров В. Л. Глава вторая. Территория и границы Золотой Орды // Историческая география Золотой Орды в XIII-XIV вв. — М.: Наука, 1985. — 11,000 экз.
  8. Егоров В. Л. Глава третья. Города Золотой Орды и некоторые вопросы экономической географии государства // Историческая география Золотой Орды в XIII-XIV вв. — М.: Наука, 1985. — 11,000 экз.
  9. ISSN 2071-0437. Архивировано 14 От ыйын 2015 года.
  10. Атласи, Хади История Сибири. — Казань: Татар. кн. изд-во, 2005. — С. 24—29. — 96 с.
  11. Файзрахманов Г. Л. История татар Западной Сибири: с древнейших времён до начала XX века. — Казань: Татар. кн. изд-во, 2007. — С. 112—121. — 431 с. — 1000 экз. — ISBN 978-5-298-01536-3
  12. Утемиш-хаджи ибн маулана Мухаммада Дости Чингиз-наме. — Алма-Ата: Гылым, 1992. — С. 117—118.
  13. Низам ад-Дин Шами. Книга побед=Зафар-наме // Материалы по истории киргизов и Киргизии. — М., 1973. — С. 109.

Литература

  • Атласи Х. История Сибири. — Казань: Татар. кн. изд-во, 2005. — 96 с.
  • Греков Б. Д., Якубовский А. Ю. Золотая Орда и её падение. — 2-е изд. — М.-Л.: Изд-во АН СССР, 1950. — 10 000 экз.
  • Егоров В. Л. Историческая география Золотой Орды в XIII-XIV вв. — М.: Наука, 1985. — 11 000 экз.
  • Исхаков Д. М. Тюркско-татарские государства XV—XVI вв. — Казань: Институт истории им. Ш. Марджани АН РТ, 2004. — 132 с. — (Biblioteka TATARICA). — 500 экз.
  • Миллер Г. Ф. История Сибири. — М.-Л.: АН СССР, 1937. — Т. 1.
  • Миллер Г. Ф. История Сибири. — М.-Л.: АН СССР, 1941. — Т. 2.
  • Мухамедьяров Ш. Ф. История Сибири с древнейших времен до наших дней. — Л., 1968. — Т. 1. — С. 353—372.
  • Похлёбкин В. В. СИБИРСКОЕ ХАНСТВО. Отношения между Сибирским ханством и Русским государством (1555-1598 гг.) // Татары и Русь. — М.: Международные отношения, 2000. — С. 149—160. — 192 с. — ISBN 5-7133-1008-6
  • Сабитов Ж. М. Генеалогия Торе. — 3-е изд. — Алма-Ата, 2008. — 326 с. — 1 000 экз. — ISBN 9965-9416-2-9
  • Сибирские татары. Монография / Отв. ред. С. В. Суслова. — Казань: Институт истории им. Ш. Марджани АН РТ, 2002. — 240 с. — 500 экз. — ISBN 5-94981-009-0
  • Скрынников Р. Г. Ермак. — М.: Просвещение, 1992. — 160 с. — 150 000 экз. — ISBN 5-09-003828-7
  • Соболев В. И. История Сибирских ханств : По археолог. материалам. Дис. д-ра ист. наук: 07.00.06. — Новосибирск, 1994.
  • Султанов Т. И. Чингиз-хан и Чингизиды. Судьба и власть. — М.: АСТ:АСТ МОСКВА, 2006. — С. 285—290. — 445 с. — (Историческая библиотека). — 5 000 экз. — ISBN 5-17-0358040
  • Трепавлов В. В. Ногаи в ханствах Шибанидов // История Ногайской Орды. — М.: Восточная литература, 2002. — С. 90—139. — 752 с. — ISBN 5-02-018193-5
  • Файзрахманов Г. Л. История татар Западной Сибири: с древнейших времен до начала XX века. — Казань: Татар. кн. изд-во, 2007. — 431 с. — 1 000 экз. — ISBN 978-5-298-01536-3
  • Фарисов Ф. Ф. Из истории тюменских и сибирских татар // Тайны Татарского народа (часть 1).
  • Маслюженко Д. Н., Рябинина Е. А. Реставрация Шибанидов в Сибири и правление Кучум хана во второй половине XVI века // Средневековые тюрко-татарские государства / Отв. ред. И. К. Загидуллин. — Казань: Институт истории им. Ш. Марджани АН РТ, 2009. — С. 97—111. — 232 с. — 500 экз. — ISBN 978-5-98245-048-7
  • Матвеев А. В., Татауров С. Ф. Сибирское ханство Кучума царя. Некоторые вопросы государственного устройства // Средневековые тюрко-татарские государства / Отв. ред. И. К. Загидуллин. — Казань: Институт истории им. Ш. Марджани АН РТ, 2009. — С. 112—117. — 232 с. — 500 экз. — ISBN 978-5-98245-048-7
  • Тычинских З. А. К вопросу об административно-политическом и территориальном устройстве Сибирских татар в XVI-XVIII вв. // Средневековые тюрко-татарские государства / Отв. ред. И. К. Загидуллин. — Казань: Институт истории им. Ш. Марджани АН РТ, 2009. — С. 172—182. — 232 с. — 500 экз. — ISBN 978-5-98245-048-7
  • Тюменское и Сибирское ханства / под ред. Д. Н. Маслюженко, А. Г. Ситдикова, Р. Р. Хайрутдинова. — Казань: Издательство Казанского университета, 2018. — 560 с. — ISBN 978-5-00130-021-2