Узбек-хаан
Узбек-хаан | |
---|---|
тат. Үзбәк хан, ﺋوﺯﺒﻪﻙ | |
| |
1313 — 1341 | |
Предшественник | Тохта |
Преемник | Тинибек |
|
|
Төрөөбүтэ |
1283 курдук |
Өлбүтэ |
1341 Алтан Ордуу |
Ууһа | Чингизиды |
Аҕата | Тогрул (Тогрулджай) |
Кэргэн |
Баялун Тайдула |
Оҕолоро |
Тимурбек Тинибек Джанибек Тулунбек Иринбек Тугдыбек Хызр-бек |
Итэҕэлгэ сыһыана | ислаам суннит көрүҥэ |
Биики Хааһахха миэдьийэ билэлэр |
Узбек-хаан, мусульманныы солото – Султан Гийас ад-Дин Муһаммад (быһа холоон 1283–1341) – 1313 сылтан Алтан Ордуу (Дьүчи Улууһун) хаана[1][2], Тоҕрул (Тоҕрулдьай, Тоҕрулчи) уола, Мэнгу-Тимур сиэнэ. Узбер-хаан кэмигэр Алтан Ордуу ислам итэҕэлин ылыммыта.
Узбек-хаан баһылыктаабыт кэмэ Алтан Ордуу муҥутуур күүһүн кэмэ буолар. Нуучча былыргы суруктарыгар Узбек-хааны Алабуга, Азбяк, Озбяк диэн ааттыыллар.
Олоҕо
Узбек-хаан (арааб./перс. اوزبك خان) туһунан XIV–XV үйэлэргэ элбэх суруйааччы суруйан хаалларбыт. Холобур, Ибн Баттута 1333 сыллаахха бэйэтинэн хааны көрсүбүтэ. Ону таһынан Ал-Бирзали, Аз-Захаби, Вассаф уонна да атыттар бэйэлэрин ахтыыларын хаалларбыттар.
Былааска кэлиитэ уонна исламы ылыныы
Узбек-хаан Тохта хаан быраата уонна Мэнгу-Тимур сиэнэ этэ. 1313 сыл тохсунньутугар Тохта хаан өлбүтүгэр кини уола Иксар (Ильбасар, Илбасмыш) хаан буолбута. Узбер Иксарҕа бэйэтин кутурҕанын биллэрэ кэлэн баран саҥа хааны өлөрбүтэ уонна бэйэтэ хаан буолбута[3][4].
Узбек саҥа хаан буоларын мусульманнар баҕарар этилэр. Кини хаан буолуон иннинэ Ордуу тойотторун быыстарыгар итэҕэлтэн сылтаан кыргыһыы буолбут. Төрүт итэҕэллээхтэр Тохта уола Иксар хаан буоларын баҕарар этилэр. Узбек-хаан 1313 сыл тохсунньутугар хаан буолан баран 1320 сыллаахха биирдэ Баб Арслан сыдьааныттан Занги-Ататтан уонна кини көмөлөһөөччүтүттэн Сэид-Ататтан ислам итэҕэлин ылыммыта[5].
Салайар кэмэ
Узбек-хаан Ордууга бэйэтин күүстээх былааһын олохтообута уонна Ордууттан туспа барар санаалаах улуустары хам баттаабыта. Ону таһынан Узбек-хаан нууччалар сирдэригэр баскактар институттарын суох гыммыта.
Бу курдук Узбек-хаан Алтан Ордууга ыһыллыы процеһын тохтоппута. Кини XIV үйэҕэ Ордуу тутулун уларыппыта, ол курдук Ордуу түөрт улахан улууска арахсар буолбута: Сарай, Хорезм, Кырыым уонна Дашт-и-Кипчак.
Узбек-хаан кэмигэр Алтан Ордуу култуурата чыпчаалыгар тиийбитэ. Саҥа киин куорат – Сарай ал-Дьадид тутуллубута.
Узбек-хаан 1341 сыллаахха өлбүтэ, кини кэнниттэн саҥа хаан Тинибэк буолбута.
Быһаарыылар
- ↑ Узбек — хан Золотой Орды и положение в русских княжествах и соседних странах — Литве и Польше (1312—1341 годы)
- ↑ Saunders, John Joseph The history of the Mongol conquests. — University of Pennsylvania Press, 2001. — ISBN 978-0-8122-1766-7
- ↑ Селезнёв Ю. В. Элита Золотой Орды. — С. 199.
- ↑ Абу Бакр ал-Кутби ал-Ахари. Тарих-и шейх Увейс / Пер. М. Д. Кязимова и В. З. Пириева. — Баку: Элм, 1984. — С. 100.
- ↑ Родословие тюрков. Шаджарат ал-атрак
Литература
- Вернадский Г. В. Монголы и Русь = The Mongols and Russia / Пер. с англ. Е. П. Беренштейна, Б. Л. Губмана, О. В. Строгановой. — Тверь, М.: ЛЕАН, АГРАФ, 1997. — 480 с. — 7000 экз. — ISBN 5-85929-004-6
- Греков Б. Д., Якубовский А. Ю. Золотая Орда и её падение. — М., Л.: Издательство АН СССР, 1950.
- Егоров В. Л. Историческая география Золотой Орды в XIII-XIV вв / Отв. редактор В. И. Буганов. — М.: Наука, 1985. — 11 000 экз. Архивная копия от 10 апреля 2008 на Wayback Machine
- Закиров С. Дипломатические отношения Золотой Орды с Египтом / Отв. редактор В. А. Ромодин. — М.: Наука, 1966. — 160 с.
- Камалов И. Х. Отношения Золотой Орды с хулагуидами / Пер. с турецкого и науч. ред. И. М. Миргалеева. — Казань: Институт истории им. Ш. Марджани АН РТ, 2007. — 108 с. — 500 экз. — ISBN 978-5-94981-080-4
- Костюков В. П. Историзм в легенде об обращении Узбека в ислам // Золотоордынское наследие. Материалы Международной научной конференции «Политическая и социально-экономическая история Золотой Орды (XIII-XV вв.)». 17 марта 2009 г. : Сб. статей. — Казань: Издательство «Фэн» АН РТ, 2009. — Вып. 1. — С. 67—80.
- Почекаев Р. Ю. Цари ордынские. Биографии ханов и правителей Золотой Орды. — СПб.: ЕВРАЗИЯ, 2010. — 408 с. — 1000 экз. — ISBN 978-5-91852-010-9
- Селезнёв Ю. В. Элита Золотой Орды. — Казань: Издательство «Фэн» АН РТ, 2009. — С. 199—201. — 232 с.
- Юрченко А. Г. Какой праздник отметил хан Узбек в июне 1334 г // Золотоордынское наследие. Материалы Международной научной конференции «Политическая и социально-экономическая история Золотой Орды (XIII-XV вв.)». 17 марта 2009 г. : Сб. статей. — Казань: Издательство «Фэн» АН РТ, 2009. — Вып. 1. — С. 109—126.
- Юрченко А. Г. Хан Узбек: Между империей и исламом. Структуры повседневности. — СПб.: Евразия, 2012. — 400 с. — 1000 экз. — ISBN 978-5-91852-023-9