Поскачин Григорий Илларионович
Поскачин Григорий Илларионович — поэт, литературнай кириитик, 1938 с. ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
Үөһээ Бүлүү оройуонуттан бастакы суруйааччы, саха суруйааччыларын I конференциятын делегата. Уон саастааҕар оскуола боруогун аан бастаан атыллаабыта. Үөрэҕэр дьоҕурдаах, билиигэ-көрүүгэ тардыстар уолчаан Бүлүүтээҕи педтехникумҥа үөрэнэ киирэр. Учуутал техникумугар үөрэнэ сылдьан Бүлүү куораттааҕы литературнай куруһуокка дьарыктанар. "Кыайыы кыымнара" хомуурунньугу 1933 сыллаахха Саха государственнай издательствотыгар таһаартараллар. Бу хомуурунньукка 12 автор хоһооно киирбит, олор истэригэр Григорий Поскачин икки хоһооно "Ударник комсомол", "Ыллыам" тахсаллар.
Дьокуускайга үлэлиир кэмигэр "Бэлэм буол", "Эдэр большевик", "Кыым" хаһыаттарга "Саас сардаҥата" 1935 с., "Кыайыыга" 1937 с., "Уус-уран литература" 1938 с.эдэр суруйааччылар хомуурунньуктарыгар хоһоонноро бэчээттэммиттэрэ.
Олоҕун олуктара
- 1914 сыллаахха кулун тутар 2 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар Боотулуу нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
- Бүлүүтээҕи педтехникуму бүтэрэн баран дойдутугар, Дьокуускай куорат 4 №-дээх оскуолатыгар, педтехникумҥа учууталлаабыта.
- 1936-1939 сылларга Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһатыгар үөрэх учебнигын, оҕолорго аналлаах литература отделыгар редактордаабыта.
- Олоҕо суох буруйданан хаайыллыбыта, олунньу 1 күнүгэр 1940 сыллаахха буруйа суоҕа дакаастанан хаайыыттан тахсыбыта, реабилитацияламмыта.
- 1943 сыллаахха олунньу ый 10 күнүгэр өлбүтэ
Айымньылара
- Айылҕа уһуктуута. - Дьокуускай, 1936
- Босхоҥ Бэлгэдьэ, Албын Күрүлү. -.М. - Дьокуускай, 1939
- Айылҕа уһуктуута. - Дьокуускай, 1994
Олоҕун, айар үлэтин туһунан
- Доосо И. Эдэригэр да тэмтэриппиттэр... // Хотугу сулус. - 1989. - № 10
- Кириллин Д.В., Павлова В.Н., Шевков С.Д. Писатели земли Олонхо. биобиблиогр. справочник. - Якутск, 1995