Оллонов Дмитрий Данилович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Оллонов Дмитрий Данилович
Төрөөбүт күнэ 1907({{padleft:1907|4|0}})
Төрөөбүт сирэ Түүлээх нэһилиэгэ,
Уус-Алдан улууһа,
Саха уобалаһа
Өлбүт күнэ 23 ыам ыйын 1983({{padleft:1983|4|0}}-{{padleft:5|2|0}}-{{padleft:23|2|0}})
Өлбүт сирэ Дьокуускай
Сулууспалаабыт дойдута ССРСRed Army flag.svg ССРС
Сулууспалаабыт сыллара 1932—1957
Солото Гвардия майора
Майор
Кыргыһыылар/сэриилэр

Халхин-Гол өрүскэ кыргыһыы;
Аҕа дойду Улуу сэриитэ

ССРС—Япония сэриитэ
Наҕараадалара
Кыһыл Знамя уордьана  — 1939 Кыһыл Знамя уордьана  — 1954 Орден Красной Звезды  — 1942 Орден Красной Звезды  — 1943
Орден Красной Звезды  — 1949 «Бойобуой өҥөлөрүн иһин» мэтээл — 1944
«Сталинград көмүскэлин иһин» мэтээл
«Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Германияны кыайыы иһин 1941-1945 сс.» мэтээл
«Японияны кыайыы иһин» мэтээл
Медаль «За взятие Вены»
Медаль «За освобождение Праги»
Кыһыл Знамя уордьана (Монголия)  — 1969

Оллонов Дмитрий Данилович (1907, Түүлээх нэһилиэгэ, Уус-Алдан улууһа —1983, Дьокуускай) — гвардия майора, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.

Олоҕун олуктара

1907 сыллаахха Уус-Алдан улууһун Түүлээх нэһилиэгэр төрөөбүт.

1932 сылтан Кыһыл Аармыйаҕа сулууспалаабыт.

1939, ыам ыйа — балаҕан ыйа — Халхин-Гол өрүскэ кыргыһыыга кыттыбыт. Кыһыл Знамя уордьанынан наҕараадаламмыт.

1941 сыл бэс ыйын 30 күнтэн Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Арҕаа уонна Донской фроннарга сэриилэспит.

Курскай тоҕой кыргыһыытын кыттыылааҕа. 9-с гвардейскай танковай полк танка ротатын хамандыыра.

1945 сыл кулун тутарыттан 1068 №-дээх артиллерия полкатын хамандыырын солбуйааччыта.

Сэриини Мукден куоракка (билиҥҥитэ Шэньян, Кытай) бүтэрбит. Бу куорат байыаннай комендана буола сылдьыбыт.

1957 сыллаахха Аармыйаттан уурайбыт. Дойдутугар төннөн баран, милиисийэҕэ сулууспалаабыт.

Д. Д. Оллонов 1983 сыллаахха ыам ыйын 23 күнүгэр Дьокуускайга Хатыҥ-Үрэххэ хомолтолоохтук өлбүт. Дойдутугар, Түүлээх нэһилиэгэр Кыыллаайы с., көмүллүбүт.

Улуу дойду сэриитигэр кыттыыта

Гитлеровскай Германия Советскай Союзка сэриинэн саба туhуутун Оллоглв батальона, Ар5аа фронна, Белоруссия сиригэр Барсуковка дэриэбинэтин көмускээн көрсөр. Тэнэ суох кыргыhыыга батальон командира ата5ар баас ылар. Ол да буоллар Оллонов охсуhуу хонуутуттан туораабат. Киниэхэ аны, Сож өрус уна биэрэгэр, суоллар быhа охсуhар сурун сирдэрин көмускуур сорудах биэрэллэр. Дмитрий Оллонов механизированнай батальона элбэх киhитин, техникатын сyтэрэн туран, өcтөөх кимэн киириитин харгыстыыр. Онтон ата5ар бааhырбыт танкист Сож өруhу, сарсыардаанны туманынан туhанан, харбаан туораан , өлөр өлуттэн муччу көтөр. Дмитрий Данилович госпитальга сытан, эмтэнэн утуөрэн тахсарын кытта И.В.Сталин аатынан Кыhыл Армия Байыаннай Академиятыгар уөрэххэ ыыталлар. Академиятын бөтэрээт, капитан званиеламмыт Оллонов КВ-9 диэн 47,5 тонналаах, 100 мм халын куйахтаах, чааска 50 км айанныыр уонтан тахса танкалаах, 100 киhилээх гвардейскай рота командирынан ананар. Сотору кини танковай ротата Сталинград кыргыhыытыгар 2 ыйы быhа сэриилэhэр, фельдмаршал Паулюс армиятын төгуруйуугэ уонна унтуруйууэ кыттыыны ылар. 1943 сыл сайын, аатырар Курскай То5ой кыргыhыытыгар кыттар. Ол сыл сэтинньитигэр кистэлэн докумуоннары танковай армия штабыгар У-2 самолетунан илдьэ баран истэ5инэ, өссөөх «мессершмитэ» атаакалаан, самолеттарын уматар. Онуоха летчик умайа сылдьар самолету хортуоппуй бааhынатыгар туhэрэн тыыннаах ордоллор. 1944 сыл от ыйыттан 1945 сыл тохсунньу ыйга диэри Дмитрий Даниловиhы Магнитогорскай куоракка, урдуку бронетанковай оскуола5а уөрэххэ ыыталлар. Бутэрээт 6-с танковай армия5а 1068 самоходнай артиллерийскай полка командирын солбуйааччынан аныыллар. Онон III Украинскай фронт састаабыгар киирэн Венгрия5а, Австрия5а сэриилэhэр, Вена куораты босхолоhор. Онтон кини полката II Украинскай фронт дьаhалыгар бэриллэр. 1945 сыл ыам ыйын 9 кунугэр, Прага куоракка Д.Д. Оллонов танковай полката бастакынан то5у көтөн киирэн, Улуу Кыайыыны онно көрсөр.

Наҕараадалара

Үйэлээх аата

  • Түүлээх орто оскуолатыгар Д. Д. Оллонов аата иҥэриллибит (2005).
  • Танда түмэлигэр гвардия майора Оллонов бойобуой суолун сырдатар аналлаах муннук тэриллибит.
  • Оллонов бойобуой наҕараадалара Уус-Алдан улууһун түмэлигэр харайыыга бэриллибиттэр.
  • Ини-бии Оллоновтар кэриэстэригэр анаан хас сыл аайы буулдьанан ытыыга күрэхтэһии ыытыллар.
  • 2010 сыллаахха Д. Д. Оллонов олорбут дьиэтин эркинигэр (Дьокуускай, Халтурина уул., 6) өйдөбүнньүк бэлиэ туруоруллубут.

Дьиэ кэргэнэ, аймахтара

Быһаарыылар

  1. Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
  2. Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»

Литература

  • Вклад народов Якутии в дело Победы (1941—1945). Документы и материалы. — Якутск, 1968.
  • Петров Д. Д. Якутия в годы Великой отечественной войны. — Якутск, 1978.
  • Сомов В. М. С верой в победу : очерки. — Якутск: Кн. изд-во, 1983. — 183 с.
  • Энциклопедия Якутии. — Якутск, 2000.

Сигэлэр