Индигир (өрүс)

Индигир (нууч. Индигирка) — Арассыыйа хотугу-илин өттүн өрүһэ, Саха сирин Өймөкөөн, Муома, Абый, Аллайыаха улуустарынан устар.

Өрүс уһуна 1726 км, тардыытын иэнэ 360 тыһ. км². Тардыытын иэнинэн Индигир эрэгийиэнин өрүстэриттэн үһүс миэстэни ылар (Өлүөнэ уонна Халыма кэннэ) уонна Арассыыйаҕа — 10 миэстэлээх[2].

Аата

Индигир өрүс аата эбээн — индигир тылыттан «инди уус дьоно» (-гир эбээннии элбэх ахсаан сыһыарыыта)[3]. Эбэтэр Ыт үрэҕэ[4]. Нуучча XVII үйэтээҕи докумуоннарыгар — Индигерь, Индигирь. Ону тэҥэ Арҕаа Халыма диэн ааттыыллара[5].

Гидрографията

Төрдө

Халкаан хотугу сиһиттэн саҕаланар икки үрэх силбэһиититтэн үөскүүр — Туора-Үрэх (Хаастаах, Халкаан эбэтэр Калкаан —  251 км)[6] и Тарыҥ-Үрэх (63 км)[7]; Илин Сибиир байҕалыгар түһэр.

Уопсай ойуулааһына

Индигир уонна Туора-Үрэх (Хаастаах эбэтэр Калкаан) уопсай уһуннара 1977 км[6][8][9]. Индигир тардыыта өр сыллааҕы ирбэт тоҥҥо үөскээбит хайа боруодаларын быыстарыгар сытар, ол иһин үрэхтэрэ үгүстүк тарыҥныыллар[10].

Индигир сүнньүн, хотоолун тутулунан уонна сүүрүгүн түргэнинэн икки учаастакка арахсар: үөһээҥи хайалаах (640 км) уонна алларааҥы дэхси сирдээх (1086 км).

Үөһээ сүүрүгэ

Туора уонна Тарыҥ үрэхтэр силбэһиилэрин кэннэ Индигир Өймөкөөн хайаларын ордук намтыыр сирдэринэн хотугулуу арҕаа устар, хоту салайан, Черскэй сиһин быһа охсор. Хотоолун кэтитэ 0,5—1-тэн 20 км тиийэр, сүнньэ таас, элбэх харгылаах, сүүрүгүн түргэнэ 2—3,5 м/с. Чемалгин сиһин ааһан дириҥ хайа хаспаҕынан устар, харгыланар, сүүрүгэ 4 м/с түргэтиир.

Аллараа сүүрүгэ

Муома төрдүнэн үөһээ Индигир Муома-Силээннээх хаспаҕар түһэр, аллараа сүүрүгэ саҕаланар. Хотооло кэтириир, сүнньүгэр чаара, кумах систэрэ элбиир, сорох сирдэринэн салааланар. Муома систэрин ааһан, намтал көнө сиринэн устар. Абый намталынан олус өҕүллэҕэстик, Дьааҥы-Индигир намталынан нэлэйэн устар, 350—500 м диэри кэтириир.

Төрдө

Төрдүттэн 130 км-гэ Индигир салааланар (сүрүннэрэ: Русскай Устьетынааҕы; Орто — саамай бөдөҥ; Халыматааҕы) байҕалга үгүс салаа буолан түһэр. Орто, устар аал сылдьар салаатын[11] уһуна 94 км. Атын салааларын кытта Индигир байҕалга түһэр сирин иэнэ 7600 км² тэҥнэһэр.

Сүрүн салаатын (Орто салаа) төрдө

Индигир сүрүн сүнньэ уҥа-хаҥас, сүрүн салааларга арахсар сириттэн, Илин Сибиир байҕалыгар түһүөн 73 км иннинэ саҕаланар. 10 км аллараа түстэҕинэ, уҥа диэки Тарамбашев салаата саҕаланар. Салгыы 6 км.аллараа Поперечная салаа тахсар. 14 км.алаараа Тарамбашев салаата төттөрү өрүскэ холбоһор. 1,2 км аллараа Малая Хоморова салаата түһэр. Салгыы 4 км-нэн Майданов салаата уҥа арахсан тахсар[12].

Уҥа кытылынан 6 км аллараа Митькин арыыта баар, арыы аннынан Митькин салаата кэлэр. Салгыы 4 км аллараа Омуллаах салаа, хаҥас өттүнэн 3 км-нэн Камчадал салаата түһэр, 1км-нэн Китис салаата тахсар.

15 км аллараа Милигир салаата уҥа тахсар, 5,6 км-нан хаҥас диэки Аччыгый салаа арахсар. 2 км аллараа Чукучааннаах салаа саҕаланар, уҥа кытылынан 3,2 км буолан баран Милигир салаата төттөрү түһэр, оттон Чукучааннаах арыылара кэлэр, 7,8 км-нэн Орто Чукучааннаах арыылар кэлэллэр.

Милигир салаата түһэр сириттэн 8 км аллараа Орто Чукучаан арыыларын утары Амброськин салаата арахсар. 5 км аллараа, Орто Чукучаан арыытын хоту уһугунан Чукучаан салаата киирэр. Салгыы 6 км-нэн Илин Сибиир байҕала саҕаланар, салаа төрдүгэр Немков уонна Өлүү арыылара бааллар[13].

Индигир байҕалтан чараас кумах чаарынан арахсар[2].

Гидрологията

Алтынньыга тоҥор. Мууһун халыҥа 2 миэтэрэттэн халыҥ буолуон сөп. Саас ыам ыйын бүтүүтэ-бэс ыйын саҕаланыыта эстэр. Сааскы муус барыыта биир нэдиэлэ салҕанар. Уута ардах уонна ууллар (хаар, муус, тарыҥ) уунан иитиллэр. Дьыл сылаас кэмигэр туолар, саас 32 %, сайын 52 %, күһүн 16 % кэриҥэ, кыһын 1 % кыра сүүрүгүрэр, сорох сиринэн хам тоҥор - (Кириэс-Майор, Чокурдаах). Уутун орто барыыта Уус-Ньаранан 428 м³/с, элбээбитэ 10 600 м³/с, Воронцов таһынан 1570 м³/с уонна 11 500 м³/с. Таһымын халбаҥнааһына 7,5 уонна 11,2 м, саамай үрдүүрэ - бэс ыйыгар, от ыйын саҕаланыытыгар.

Тибии кумахтарын орто ыйааһына 372 кг/с ( Воронцово г/п), сыллааҕы кээмэйэ - 11,7 млн т. Сыллааҕы орто болоорхойо алын өттүгэр — 231 г/м³, халаанныыр кэмигэр — 300 г/м³ кэриҥэ, ардахтан туоллаҕына — 200—300 г/м³, кыһын —10-12 саҕалаан 3 г/м³ диэри.[2]

Нэһилиэнньэлээх пууннара

Хаһаайыстыбаннай туттуллуута

Муома үрэх төрдүттэн (1134 км) суудуна сылдьар. Сүрүн пристаннара: Хонуу, Дружина, Оленегорскай, Чокуурдаах, Табор, Русскай Устье. 1977 сыллаахха сүнньүтүн чаарынан суудуна этэҥҥэ аастын диэн 7 км уһуннаах ханаал тутуулубута.

Индигир тардыытыгар кыһыл көмүһү хостууллар, сүөһү, сылгы, таба иитэллэр, сэлии муоһун хомуйаллар.

Индигир балыгынан баай — күндүөбэй, чыыр, чорбоҕор, тууччах, уомул, майаҕас, күстэх, дьарҕаа, сордоҥ, быйыт, чуочаан, сүрү о.д.а. үөскүүр.[2]

Кэрэхсэнэр сирдэрэ

Индигиргэ Тымныы полюһа — Өймөкөөн бөһүөлэгэ, XIX үйэҕэ сүппүт куорат Зашиверскай бааллар. Өрүс орто сүүрүгэр Чуумпу Кытылтан аллараа саҕаланар, Соболоох чугаһыгар бүтэр 100 км уһуннаах Улахан Хапчаҕай сытар[2].

Салаалара

Салаалара үөһүттэн төрдүгэр диэри бэрээдэгинэн бэрилиннилэр.

  • 99 км: Хомут
  • 112 км: Бөрөлөөх
  • 119 км: Кочерово
  • 127 км: Куоҕастаах
  • 150 км: Давыркин
  • 158 км: Таас үрэх
  • 165 км: аата суох үрэх
  • 174 км: Сахартымай
  • 184 км: Улахан-Күөл-Сээнэ салаата
  • 200 км: Аллайыаха
  • 264 км: Улахан-Бокуйа
  • 282 км: аата суох үрэх
  • 302 км: Гуськовая
  • 310 км: Окаургин
  • 312 км: Тайдаах
  • 321 км: аата суох үрэх
  • 335 км: аата суох үрэх
  • 344 км: Куруҥ-Үрүйэ
  • 354 км: Большая Эрча
  • 359 км: Салаа үрэҕэ
  • 367 км: аата суох үрэх
  • 372 км: аата суох үрэх
  • 382 км: аата суох үрэх
  • 394 км: аата суох үрэх
  • 395 км: аата суох үрэх
  • 398 км: аата суох үрэх
  • 420 км: Шангина
  • 425 км: Үрүҥ дьаар
  • 444 км: Куруҥ үрэх
  • 455 км: аата суох үрэх
  • 460 км: аата суох үрэх
  • 472 км: аата суох үрэх
  • 484 км: Көнкүс
  • 494 км: аата суох үрэх
  • 498 км: Кыйардаах
  • 515 км: аата суох үрэх
  • 527 км: Тирэхтээх
  • 560 км: аата суох үрэх
  • 564 км: аата суох үрэх
  • 570 км: аата суох үрэх
  • 578 км: Сутуруоха
  • 599 км: аата суох үрэх
  • 599 км: Уяндина
  • 604 км: Токкоаку
  • 610 км: Бадяриха
  • 615 км: аата суох үрэх
  • 615 км: Буор үрэх
  • 615 км: От-Үрэх
  • 679 км: Дружина
  • 687 км: аата суох үрэх
  • 707 км: аата суох үрэх
  • 710 км: аата суох үрэх
  • 710 км: аата суох үрэх
  • 751 км: Буор үрэх
  • 755 км: Сиилэннээх
  • 775 км: Ноготу
  • 780 км: Кэбэргэнэ
  • 791 км: аата суох үрэх
  • 817 км: Үҥкүр
  • 818 км: Кыыллыах
  • 853 км: аата суох үрэх
  • 860 км: Таас Кутуругун үрэҕэ
  • 866 км: Устуруктаах үрүйэтэ
  • 868 км: Аччыгый Буор үрэх
  • 870 км: аата суох үрэх
  • 878 км: Буор үрэх
  • 886 км: Красная
  • 889 км: Үчүгэй
  • 893 км: Самандураан
  • 898 км: Талбыкчаан
  • 903 км: Улахан Куобахаан
  • 904 км: аата суох үрэх
  • 908 км: Мэкэ
  • 915 км: Закрытая
  • 918 км: Баник
  • 919 км: аата суох үрэх
  • 920 км: Берёзовка
  • 928 км: Килээдьин
  • 930 км: Киэҥ үрэх
  • 970 км: Саары Кыыллаах
  • 972 км: Түгүрээн
  • 981 км: Чубукулаах
  • 982 км: Печатнай
  • 988 км: Дьэхэтиэхэ
  • 989 км: Көймөҕөр
  • 990 км: Иирэлээх
  • 1001 км: Тиэхээн
  • 1002 км: Сүүрүктээх
  • 1018 км: Арҕаа Эһэлээх
  • 1020 км: Бөрөлөөх
  • 1020 км: Муостаах
  • 1026 км: Лууктаах
  • 1028 км: Оҥкучах
  • 1040 км: Онкучах үрүйэ
  • 1042 км: Улахан Кыҥырайдаах
  • 1043 км: Туора Тумуһах
  • 1057 км: Илин Эһэлээх
  • 1062 км: Көс Үрэх
  • 1064 км: Баатаҕай үрэх
  • 1069 км: Арҕаа үрэх
  • 1075 км: Ойуурдаах
  • 1076 км: Арҕаа Тирэхтээх
  • 1078 км: Түргэн үрүйэ
  • 1086 км: Муома
  • 1120 км: аата суох үрэх
  • 1123 км: Буор-Үрэх
  • 1125 км: аата суох үрэх
  • 1131 км: Тиэхээн үрэх
  • 1132 км: Тирэхтээх
  • 1140 км: Тыаллаах
  • 1144 км: Дьаҕанай
  • 1148 км: Устуруктаах
  • 1163 км: Учча
  • 1165 км: Хатыҥнаах
  • 1168 км: Ыарҕа үрэх
  • 1173 км: Соҕо Хайа үрүйэтэ
  • 1181 км: Сарыы Кыыллаах
  • 1184 км: Чыбааҕылаах
  • 1188 км: Быгыйалаах
  • 1194 км: Күөллээх Муустаах
  • 1201 км: Оҕонньор
  • 1207 км: Сигиктээх
  • 1212 км: Ытаабыт үрэх
  • 1228 км: Молдьогойдоох
  • 1230 км: Сигиктээх
  • 1242 км: Таскан
  • 1248 км: Оһоҕос
  • 1249 км: Арҕаа Үрэх
  • 1251 км: Тоҥнообут
  • 1261 км: Сиэгэй үрэх
  • 1266 км: Ыстаан үрэх
  • 1273 км: Хатыыс үрэх
  • 1281 км: Көмүс үрүйэ
  • 1287 км: Еченка
  • 1288 км: Иньяли
  • 1289 км: Чучункуур
  • 1305 км: Арҕаа Моой
  • 1307 км: Хатыҥнаах
  • 1321 км: Арҕаа Хатыҥнаах
  • 1325 км: Бэргэннээх
  • 1325 км: Бытыктаах
  • 1336 км: Аччыгый Куобах баһа
  • 1339 км: Куобах баһа
  • 1346 км: Сарыылаах
  • 1351 км: Ольчан
  • 1356 км: Мачакаас
  • 1360 км: Тирэхтээх
  • 1369 км: Үчүгэй үрэх
  • 1385 км: Хара үрэх
  • 1389 км: Хайарҕастаах
  • 1395 км: аата суох үрэх
  • 1404 км: Ньара
  • 1406 км: Ампаар үрүйэтэ
  • 1414 км: Күтүр
  • 1418 км: Ыт үрэх
  • 1420 км: Суптулаах
  • 1427 км: Эбир Хайа үрэх
  • 1432 км: Нарын үрэх
  • 1446 км: Ларба үрүйэ
  • 1447 км: Сарыылаах
  • 1448 км: Улахан Күнкүгүр
  • 1450 км: Нелькаан
  • 1457 км: Тарыҥ
  • 1460 км: Сарыылах
  • 1472 км: Таас үрэх
  • 1476 км: Чиийэ
  • 1482 км: Кинээс үрэх
  • 1493 км: Элгэ
  • 1494 км: Куруҥ үрүйэ
  • 1503 км: Приют
  • 1509 км: аата суох үрэх
  • 1511 км: Эһэлээх
  • 1521 км: Тыаллаах
  • 1522 км: Көҥнөй
  • 1539 км: Тый үрэх
  • 1546 км: Сарыылаах
  • 1554 км: Тарыҥнаах
  • 1556 км: Бөппөй
  • 1559 км: Таалалаах
  • 1564 км: От үрэх
  • 1573 км: Күөнтэ
  • 1573 км: Хара үрэх
  • 1588 км: Куруҥ үрэх
  • 1600 км: Тураах үрэх
  • 1600 км: Улахан-Чагачааннаах
  • 1606 км: Аччыгый-Чагачааннаах
  • 1621 км: Саарба үрэх
  • 1622 км: Болотный
  • 1626 км: аата суох үрэх
  • 1627 км: аата суох үрэх
  • 1645 км: аата суох үрэх
  • 1648 км: аата суох үрэх
  • 1650 км: аата суох үрэх
  • 1654 км: Куйдуһун
  • 1659 км: аата суох үрэх
  • 1666 км: Чубукулаах
  • 1667 км: Буруолаабыт
  • 1677 км: Барыллыалаах
  • 1679 км: аата суох үрэх
  • 1687 км: Маалай Бөҕөл Хайа
  • 1688 км: аата суох үрэх
  • 1694 км: Бөҕөл Хайа
  • 1700 км: Хатыҥнаах
  • 1704 км: аата суох үрэх
  • 1715 км: Хара хайа
  • 1725 км: Тарыҥ үрүйэтэ
  • 1726 км: Тарыҥ үрэх
  • 1726 км: Хаастаах

Быһаарыылар

  1. Ресурсы поверхностных вод СССР: Гидрологическая изученность. Т. 17. Ленско-Индигирский район. Вып. 7. Яна, Индигирка / под ред. И. В. Осиповой. — Л.: Гидрометеоиздат, 1966. — 328 с.
  2. 1 2 3 4 5 Индигирка (рус.). — статья из научно-популярной энциклопедии «Вода России».
  3. Поспелов Е. М. Индигирка // Географические названия мира. Топонимический словарь: Ок. 5000 единиц / отв. ред. Р. А. Агеева. — М., 2001.
  4. Момский хрусталеносный район (рус.). geo.web.ru. Сигэнии күнэ: 14 Ахсынньы 2025. Архивировано 20 Атырдьах ыйын 2019 года.
  5. Справочный энциклопедический словарь. — Санкт-Петербург, 1847. — Т. 5. — С. 105.
  6. 1 2 Хастаах (Туора-Үрэх, Калкаан) : [рус.] / verum.wiki // Государственный водный реестр : [арх. 15 октября 2013] / Минприроды России. — 2009. — 29 марта.
  7. Тарыҥ-Үрэх : [рус.] / verum.wiki // Государственный водный реестр : [арх. 15 октября 2013] / Минприроды России. — 2009. — 29 марта.
  8. Большие реки России (рус.). Сигэнии күнэ: 14 Ахсынньы 2025. Архивировано из оригинала 21 Балаҕан ыйын 2010 года.
  9. Индигирка : [рус.] / verum.wiki // Государственный водный реестр : [арх. 15 октября 2013] / Минприроды России. — 2009. — 29 марта.
  10. Индигирка // Большая советская энциклопедия : [в 30 т.] / гл. ред. А. М. Прохоров. — 3-е изд. — М. : Советская энциклопедия, 1969—1978.
  11. Индигирка. web.archive.org. Сигэнии күнэ: 19 Ахсынньы 2025.
  12. Лист карты R-55-11,12.
  13. Лист карты R-56-1,2.

Литература

Сигэлэр

  • Индигирка // Словарь современных географических названий / Рус. геогр. о-во. Моск. центр; Под общ. ред. акад. В. М. Котлякова. Институт географии РАН. — Екатеринбург: У-Фактория, 2006.

Эбии бу тиэмэҕэ