Васильева Дора Егоровна
Дора Егоровна Васильева | |
---|---|
Төрөөбүт күнэ: | 12 ахсынньы 1938 (85 саастаах) |
Төрөөбүт сирэ: | Бүлүү, Саха АССР |
Дойдута: | |
Үөрэммит кыһата: | Иркутскайдааҕы омук тылын педагогическай института |
Васильева Дора Егоровна (1938.12.12)— литературовед, ырытааччы, тыл үөрэҕин билимин доктора. Билим Академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ. 1990 сылтан Арассыыйа Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
Олоҕун олуктара
- 1938 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Саха АССР Бүлүү куоратыгар төрөөбүт.
- 1962 с. — Иркутскайдааҕы омук тылын педагогическай институтын бүтэрбит.
- 1962—1966 сс. — Дьокуускайдааҕы речной училищеҕа, Покровскай орто оскуолатыгар английскай тылы үөрэтэр.
- 1966—1968 сс. — телевидение Дьокуускайдааҕы студиятын редактора.
- 1968—1971 сс. — ССРС НА СС Якутскайдааҕы филиалын аспирана. "ССРС нуораттарын литературалара" диэн идэлээх бүтэрбитэ.
- 1971—1981 сс. — младшай научнай үлэһит.
- 1973 с. — филологическай билим кандидатыгар «Творчество Н. Г. Золотарева — Якутского» тиэмэҕэ диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскүүр.
- 1985—1996 сс. — старшай научнай үлэһит.
- 1995 с. — тыл үөрэҕин билимнэрин докторыгар «Национальное и общечеловеческое в якутской литературе» тиэмэҕэ диссертациятын көмүскээбит.
- 1997—1999 сс. — ведущай научнай үлэһит.
- 2000—2008 сс. — главнай научнай үлэһит.
- 2008 сыллаахтан старшай научнай үлэһит.
Д. Е. Васильева — биллэр литературовед, литератураны ырытааччы. Чинчийиилэрин сүрүн хайысхата - аныгы саха прозатын уонна оҕо уонна эдэр ыччат литератураларын сайдыыларын кыһалҕалара. Бүгүҥҥү күҥҥэ Д. Васильева үс монографиялаах, икки ыстатыйалар хомуурунньуктаах, 150ча билим уонна билим-кэбэҕэс ыстатыйалаах. Кини сүрүн үлэлэрэ саха прозата сайдыытын историятыгар, биллиилээх саха суруйааччылара Н. Г. Золотарев — Якутскай, Софрон Данилов, В. С. Яковлев — Далан, В. С. Соловьев — Болот Боотур, Н. А. Лугинов уонна да атыттар айар үлэлэрин чинчийиигэ анаммыттар.
Сүрүн үлэлэрэ
|
|
Кинигэлэрэ
- Саха суруйааччылара оҕолорго. - Дьокуускай, 1980.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Российскай Федерация культуратын үтүөлээх үлэһитэ
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ
- РНА Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ
- Казахстан «Алаш» литературнай бириэмийэтин лауреата
Сигэлэр
- Дьон алпабыытынан
- Учуонайдар алпабыытынан
- Ахсынньы 12 күнүгэр төрөөбүттэр
- 1938 сыллаахха төрөөбүттэр
- Бүлүүгэ төрөөбүттэр
- Саха биллиилээх дьоно
- Саха суруйааччылара
- Тыл үөрэхтээхтэрэ
- Чинчийээччилэр
- Саха учуонайдара
- Российскай Федерация культуратын үтүөлээх үлэһиттэрэ
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ