Бэрияк Алексей Алексеевич

Алексей Алексеевич Бэрияк (1912 сыл алтынньы 16 күнэ, Бэйдиҥэ, Саха уобалаһа1979 сыл атырдьах ыйын 6 күнэ) — саха сэбиэскэй бэйиэтэ, прозаик, суруналыыс уонна тылбаасчыт. 1938 сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, 1944 сылтан ССКБ чилиэнэ.

Олоҕун олуктара

1912 сыллаахха алтынньы 16 күнүгэр Бороҕон улууһун II-с Лөгөй нэһилиэгэр (билигин — Уус-Алдан улууһун Бээрийэ сэлиэнньэтэ) Танда үрэх сыһыытыгар Элэмэс Кэрэх (Соҕуруу Үөс) диэн сиргэ Троицкай таҥара дьиэтин саалтыыр ааҕааччытын дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.

1921 сыллаахха Бээрийэ 1-кы сүһүөх оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ, салгыы Бороҕоҥҥо үөрэммитэ. Улуус бастакы пионердарыттан биирдэстэрэ буолбута, 1927—1928 үөрэх дьылыгар Бээрийэ нэһилиэгэр бастакы пионерскай этэрээт баһаатайынан үлэлээбитэ.

Үлэтин 1930 сыллаахха «Эдэр большевик» хаһыат аппаратыгар саҕалаабыта. Салгыы суруналыыстыка уонна кинигэ таһаарыытын эйгэтигэр үлэлээбитэ. 1931 сылтан Чурапчыга «Социализм суола» хаһыат литературнай үлэһитинэн, 1935 сылтан Уус-Алданнааҕы «Эдэр бассабыык» хаһыат эрэдээктэрин солбуйааччытынан, 1936—1938 сс. Мэҥэ-Хаҥаласка «Колхоз кырдьыга» хаһыат эрэдээктэринэн үлэлээбитэ. 1938 сылтан Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһатыгар эппиэттээх сэкирэтээринэн үлэлээбитэ.

Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар сүрүн үлэтин таһынан «Хотугу сулус» сурунаалга тэҥинэн эрэдээктэр, суруналыыс уонна суруйааччы быһыытынан үлэлээбитэ. Сэрии кэнниттэн, 1947—1951 сс., Усуйаана улууһун хаһыатын эрэдээктэринэн, 1951 сылтан «Кыым» хаһыакка бэйэ кэрэспэдьиэнинэн, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун хаһыатыгар үлэлээбитэ.

1953 сыллаахтан биир сыл Амма улууһун хаһыатын салайбыта, 1954 сылтан кинигэ кыһатыгар үлэлээбитэ. 1957—1963 сс. «Кыым» хаһыакка, биир сыл «Хотугу сулус» сурунаалга үлэлээбитэ, онтон 1970 сылга диэри Үөһээ Дьааҥы улууһун хаһыатыгар тылбаасчытынан сылдьыбыта. 1970 сылтан «Хотугу сулус» сурунаалга литературнай үлэһитинэн үлэлээбитэ.

1979 сыллаахха атырдьах ыйын 6 күнүгэр өлбүтэ[1][2].

Айар үлэтэ

Айар үлэтин 1928 сыллаахха балаҕан ыйын 25 күнүгэр «Хотугу ыччат» хаһыакка бастакы хоһооннорун бэчээттэтэн саҕалаабыта. 1931—1932 сс. Амма Аччыгыйа эрэдээксийэтигэр Бэрияк хоһооннорун бастакы кинигэтэ тахсыбыта. 1932 сыллаахха бэчээттэммит «Охсуулаахтык үлэлиэҕиҥ, уоттаахтык ыллыаҕыҥ» диэн бастакы хомуурунньугар кини саха тыатын саҥа олоҕун хоһуйбута. 1933 сыллаахха Амма Аччыгыйа эрэдээксийэтигэр «Суол солонуута» диэн иккис кинигэтэ тахсыбыта.

Салгыы бэйиэт кыһыл көмүс хостуур бырамыысыланнас сайдыытын туһунан суруйбута. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар кини тыыл үлэһиттэригэр анаан хоһооннору айбыта, ол айымньылара 1943 сыллаахха «Кыайыы иһин» диэн туспа кинигэ буолан бэчээттэммиттэрэ.

Бэрияк айар үлэтигэр Хоту дойду тыйыс кэрэтин, онно олорор булчуттар, табаһыттар, балыксыттар үлэлэрин-олохторун көрдөрүү улахан миэстэни ылара. Саха поэзиятыгар хотугу тиэмэни аан маҥнай арыйбыт бэйиэт буолар. Кини хотугу хоһоонноро 1955 сыллаахха «Хотугу хоһооннор» диэн туспа кинигэ буолан тахсыбыттара. 1960 сыллаахха Саха сирин биир улууһугар сир үллэстиитин туһунан «Алексаша» диэн сэһэни бэчээттэппитэ. 1964 сыллаахха «Отут биэс сыл» поэтическай хомуурунньуга тахсыбыта. Оҕолорго анаан «Сказка Рультенина» уонна «Кергитаун» диэн кинигэлэри таһаартарбыта.

Сатира эйгэтигэр Бэрияк киһи куһаҕан быһыытын-майгытын, бардамсыйыыны уонна бэйэмсэх буолууну күлүү гынара.

Айар үлэтин таһынан Бэрияк нуучча классиктарын айымньыларын сахалыы тылбаастаабыта. Кини Б. Л. Горбатов «Непокоренные» романын, Б. С. Житков «Что я видел» диэн кэпсээнин, И. А. Крылов басняларын, Л. Н. Толстой оҕолорго кэпсээннэрин уонна В. В. Вишневскай «Незабываемый 19-й год» дырааматын тылбаастаабыта[3].

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • ССРС мэтээллэрэ
  • Бочуоттаах грамоталар[4]

Дьиэ кэргэнэ

  • Аҕата — Алексей Яковлевич Васильев (29.05.1891), Лөгөй Троицкай таҥаратын дьиэтигэр саалтыыр ааҕааччынан үлэлээбитэ;
  • Ийэтэ — Серафима Лаврентьева. Дьиэ кэргэнигэр түөрт оҕо төрөөбүтэ: Алексей, Яков, Василий уонна Мария;
  • Эһээтэ Дьаакып II Лөгөй нэһилиэгэр кинээстээбитэ.
  • Эбэтэ — Ирина Егоровна — Өҕүллүбэт Өрүүнэ;
  • Хос эбэтэ — Борисова Ефросинья Тимофеевна норуокка Оппуруоска удаҕан диэн аатынан биллэрэ[1].

Айымньылара

  • Охсуулаахтык үлэлээбит, уоттаахтык ыллыаһык, 1932 с.
  • Суол солонуута, 1933 с.
  • Хоhооннор, 1938 c.
  • Кыайыы иhин, 1941 с.
  • Хотугу хоһооннор, 1955 с.
  • Отут биэс сыл: ырыалар, хоhооннор, үгэлэр, 1964 с.
  • Рультенин сэhэннэрэ, 1965 с.
  • Кергитаун, 1970 с.

Тылбаастара

  • Б. Горбатов «Непокоренные», роман.
  • Б. Житков «Что я видел», кэпсээннэр
  • И. Крылов «Үгэлэр»
  • Л. Толстой оҕолорго кэпсээннэр.
  • В. Вишневскай «Незабываемый 19-й год», драма.

Ылыллыбыт сирэ

  1. 1 2 Что произошло 16 октября в истории Якутии (рус.). Якутия Daily. Сигэнии күнэ: 13 От ыйын 2026.
  2. Алексей Алексеевич Бэрияк. beidiginskilib.uacbs.ru. Сигэнии күнэ: 13 От ыйын 2026.
  3. Бэрияк Алексей Алексеевич (рус.). Электронная библиотека Национальной библиотеки РС(Я). Сигэнии күнэ: 13 От ыйын 2026.
  4. 105 лет со дня рождения А. А. Бэрияка (рус.). МБУ «Централизованная библиотечная система» ГО «город Якутск». Сигэнии күнэ: 13 От ыйын 2026.