Сибиэссийэ

Сибиэссийэ[4] (швед. Sverige), официаллык Сибиэссийэ Хоруоллуга (швед. Konungariket Sverige) диэн Хоту Эуропа, Скандинавия ким да тутулуга суох нейтралитет дойдута. Кирбиилэhэр Норвегиялыын арҕаа уонна Финляндиялыын хотугулуу-илин, Даниялыын Оресунд, Каттегат уонна Скагеррак күргэнинэн ситимнээх. Сибиэссийэ тохсунньу 1 к. 1995 с. Эуропа Униятын кыттыылааҕа. Киин уонна ордук улахан куората Стокhольм (олохтоохторун ахсаана 810,000 киhи, тула эргинниин 2 мөл). Иккис уонна үһүс улахан куораттарынан буолаллар Гөтеборг уонна Мальмө.

Сибиэссийэ иэнэ 449,964 км² (Эуропа 4с миэстэ). Олохтоохторун ахсаана 9.2 мөл киhи (олортон 7.9 мөл шведтар). Сибиэссийэ олохтооҕун чиҥэ намыhах 20 киhи/км². Дойду дьонун 85 % куораттарга олорор.

Экономиката

Сибиэссийэ — экономика үрдүктүк сайдыбыт дойдута буолар. Дьон хамнаһа олох үрдүк. Элбэх мультинациональнай корпорациялар бааллар, холобур Электролюкс, Сааб, IBM, Эрикксон, Вольво. Ынырык күүстээх утилизация баар. Сибиэссийэ Эуропа дойдуларыттан биир саамай баайа уонна аан-дойдуга биир саамай улахан инфраструктурата сайдыбыт дойду.

Дьоно сэргэтэ

Сибиэссийэ - элбэх омуктартан турар дойду буолар. Тоҕо диэтэххэ Сибиэссийэ баай буолан, дьадаҥы дойдулартан үчүгэй олоҕу эккирэтэн кэлбит элбэх эмиграннар бааллар. Билиҥҥи Сибиэссийэҕа шведтар 60% ылаллар. 40% эмиграннар буолаллар. Дьадаҥы дойдулартан куотан, баай Сибиэссийэҕа билигин ынырык элбэх эмигран олорор, үксэ маннык дойдулартан кэлбиттэр: Ирак (700 тыһ), Түркийэ (650 тыһ), Арааб дойдуларыттан (600 тыһ), Африка континеныттан негрдар (500 тыһ), Сербия (450 тыһ), Косово (300 тыһ), аттынааҕы Финляндиаттан (300 тыһ) уонна Польшаттан (300 тыһ), Вьетнамтан (280 тыһ), Кэриэйэттэн (150 тыһ), АХШ (100 тыһ), Кытайтан (100 тыһ), Дьоппуонтан (80 тыһ), Испанияттан (64 тыһ), Арассыыйаттан (40 тыһ), Эстонияттан (37 тыһ).

Быһаарыылар

  1. 1 2 3 4 Report for Selected Countries and Subjects.
  2. Är svenskan också officiellt språk i Sverige?(биллибэт). Språkrådet (Language Council of Sweden) (1 Олунньу 2008). Сигэнии күнэ: 22 Бэс ыйын 2008.
  3. Huvudspråk(биллибэт). Sveriges Radio. Сигэнии күнэ: 22 Бэс ыйын 2008.
  4. Э.К. Пекарский, Словарь Якутского языка, выпуск восьмой, Ленинград, 1926 г. (2200 сирэй) https://vk.com/s/v1/doc/0pgzB4lV_Z-Wz19x4wv7cBxSQe4S2ZC0_l6cCLptMGGEDWaGlc8

Эбии бу тиэмэҕэ