Култуура уонна ускуустуба кэллиэһэ
Култуура уонна ускуустуба кэллиэһэ — Дьокуускайга култуура үлэһиттэрин бэлэмниир орто анал үөрэх кыһата.
Саха АССР обкуомун быһаарыытынан 1937 сыллаахха тохсунньу 19 күнүгэр САССР Наркомпрос 25 нүөмэрдээх «8 ыйдаах Уобаластааҕы сэбиэскэй-партийнай оскуоланы 2 сыллаах Культпросвет оскуолаҕа кубулутуу» диэн бирикээһэ тахсар, үөрэх кыһата бу күнтэн тэриллибитинэн ааҕыллар[1].
Устуоруйата
- 1937 — Икки сыллаах култуура үлэһиттэрин бэлэмниир оскуола аһыллар.
- 1938 — Өрөспүүбүлүкэтээҕи политпросветшкола диэн ааттанар;
- 1941 — Сэрии саҕаламмытынан сабыллар;
- 1945 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин культпросвет оскуолата диэн аатынан хат аһыллар;
- 1950 — кэтэхтэн үөрэтэр бибилитиэкэ салаата аһыллар.
- 1957 — тыйаатыр эрэжиссиэрдэрин бэлэмниир салаа аһыллар, педагог — РСФСР уонна САССР култуураларын үтүөлээх үлэһитэ А. М. Ходжаева;
- 1959 — дирижер уонна хуор салаата, педагог — И. П. Литвинцев;
- 1966 — хореография салаата, педагог — бастакы саха балерината А. В. Посельская.
- 1966 — оскуола Саха Өрөспүүбүлүкэтин кульпросвет училищата диэн ааттанар.
- 1976 — кулууп эрэжиссиэрин салаата аһыллар, педагогтар — А. Б. Тё, И. И. Бурцев;
- 1979 — норуот үстүрүмүөннэрин салаата аһыллар, педагогтар Л. А. Марушкевич, А. П. Оглоблин;
- 1989 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуура училищата диэн ааттанар;
- 1990 утум култуура салаата аһыллар, педагогтар — Өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх артыыһа А. И. Васильев.
- 1992 — Култуура уонна ускуустуба кэллиэһэ диэн ааттанар. Маннык салаалар аһыллаллар:
- эстрада ускуустубата, педагогтар — Арассыыйа үтүөлээх артыыһа Ю. Е. Платонов, Өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх артыыһа В. И. Заболоцкай.
- сыырка ускуустубатын салаата, педагог — Өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх артыыһа С. В. Расторгуев.
- актер ускуустубата, педагогтар — Арассыыйа үтүөлээх артыыстара Е. Н. Степанов, С. П. Федотов.
Быһаарыылар
- ↑ Саха ыалын 2017 сыллаах халандаара
Билэ:Logo wikipédia puzzle.svg | Бу туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |