Аввакумов Петр Денисович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Аввакумов Петр Денисович

Аввакумов Петр Денисович — суруйааччы, литэрэтиирэни ырытааччы, 1996—2005 сс. «Чолбон» сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ.

Олоҕун олуктара

Үлэлээбит сирдэрэ
«Эдэр коммунист» хаһыат, сотрудник
Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһата, эрэдээктэр
«Чолбон» сурунаал, сүрүн эрэдээктэр (1996—2005)

Айар үлэтэ

Бастакы кинигэтэ 1969 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Ол кэнниттэн 10-н тахса кэпсээнээх-сэһэннээх кинигэлэрэ бэчээттэнэн тахсыбыттара. Суруйааччы сорох айымньылара оҕолорго анаммытттар. Саха тылыгар нуучча, хоту омуктар суруйааччыларын айымньыларын тылбаастаабыта: Платон Ламутскай, Андрей Кривошапкин, Г. Кэптукэ, Е. Едукин, Николай Курилов.

Айымньылара

  • «Улуу Сыһыы» (1992)
  • «Өлбүт өтөхтөр»
  • «Дьылҕа суола»
  • Одурууннаах Орто дойдуга
  • Ал5астар

Библиография

  • Унаар күөх хочоҕо. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1969. — 40 с.
  • Кэрчиктэр. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1971. — 40 с.
  • Тимка улаатар: Кыра оҕолорго кэпсээннэр. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1973. — 32 с.
  • Окко түспүт оҥоһуум: Сэһэн. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1975. — 112 с.
  • Сир симэҕэ: Үүнээйилэр тустарынан оҕолорго кэпсээннэр / С. Скрябин, П. Аввакумов, М. Ушницкай. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1976. — 71 с.
  • Төрөөбүт буор сылааһа. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1978. — 176 с.
  • Ол манных этэ: Сэһэннэр. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1980. — 236 с.
  • Балыс. (Кыра саастаах оҕолорго кэпсээннэр). — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1981. — 20 с.
  • Биһиэхэ барыбытыгар: Кэпсээннэр, очеркалар, ыстатыйалар. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1984. — 256 с.
  • Киһи суола: Сэһэннэр. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1986. — 208 с.
  • Улахан да кыра да…: Сэһэн, кэпсээннэр. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1989. — 176 с.
  • Улуу сыһыы: Роман: Орто уонна улахан саастаах оҕолорго. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1992. — 256 с.
  • Алҕастар: Сэһэннэр. — Дьокуускай: «Бичик», 1994. — 176 с.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ[1] (1994)
  • Горнай улууһун Ытык олохтооҕо[2]
  • Аатын үйэтитээри биир дойдулаахтара Горнай улууһун бибилэтиэкэтигэр кини аатын иҥэрбиттэрэ.

Быһаарыылар

  1. О присвоении почетного звания «Заслуженный работник культуры Республики Саха (Якутии)» Аввакумову П. Д., Васильеву А. И., Поповой А. А., Сивцеву В. Т.: Указ Президента РС (Я) / / Респ. Саха. — 1994 — 9 нояб.
  2. Официальный информационный портал Республики Саха (Якутия): Почетные граждане, известные люди Горного улуса

Сигэлэр