Варламова Галина Ивановна (Кэптукэ)
Варламова Галина Ивановна — Кэптукэ (18.01.1951) — эбэҥки суруйааччыта. Тыл үөрэҕин билимин хандьыдаата. 1990 сылтан Саха Сирин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. Нууччалыы, сахалыы уонна эбэҥкилии суруйар.
Олоҕун олуктара
Амур уобалаһын Зея оройуонун Кукушка бөһүөлэгэр табаһыт, булчут дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. А. И. Герцен аатынан Ленинградтааҕы судаарыстыбаннай педагогика институтун бүтэрбитэ. ССРС Наукатын Академиятын Сибиирдээҕи Салаатын Саха Сиринээҕи Институтун хотугу филология секторын лаборанынан, алын научнай үлэһитинэн, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар Институттарын ыстаарсай научнай үлэһитинэн үлэлээбитэ, нуучча тылын, литературатын үөрэппитэ. 1994 сылтан—эбэҥки фольклорун уонна литературатын секторын сэбиэдиссэйэ, эбэҥки филологиятын секторын сүрүн научнай үлэһитэ.
1984 сыллаахха Ленинградка "Фразеологизмы в эвенкийском языке" тиэмэҕэ билим хандьыдаатын диссертациятын көмүскээбитэ. 2002 сыллаахха "Эпические и обрядовые жанры эвенкийского фольклора" диэн тиэмэҕэ билим докторын диссертациятын көмүскээбитэ.
Галина Кэптукэ — элбэх билим ыстатыйатын ааптара, сэттэ монография ааптара. 20 научнай экспедиция састаабыгар киирэн Амур уонна Чита уобаластарыгар, Красноярскай уонна Хабаровскай кыраайдарга, Саха Сирин үгүс улуустарыгар сылдьыбыта. "Фразеологизмы в эвенкийском языке" (Новосибирскай, 1986), "Эпические традиции в эвенкийском фольклоре" (1996), "Эвенкийский нимнгакан" (2000), "Тунгусский архаический эпос (фольклорный сборник)" (2001), "Эпические и обрядовые жанры эвенкийского фольклора" (Новосибирск, 2002), "Мировоззрение эвенков. Отражение в фольклоре" (Новосибирск, 2004), "Сказания восточных эвенков. Сборник героических сказаний эвенков" (2004, А.Н. Варламовтыын), о.д.а.
Суруйааччы быһыытынан 1980-с сыллар ортолоруттан биллэн барбыта. "Имеющая свое имя Жделтула-река" (1989), "Рассказы Чэрикте" (Красноярскай, 1989), "Маленькая Америка" (Москва, 1991) кинигэлэрдээх. "Полярная звезда", "Розовая чайка", "Северные просторы", "Литературная учеба" сурунаалларга, "Литературная Россия" хаһыакка, "Полярный круг", о.д.а. таһаарыыларга бэчээттэммитэ. 1993 сыллаахха аҕыйах ахсааннаах хотугу, Сибиир уонна Уһук Илин норуоттар Ассамблеялара "Маленькая Америка" кинигэтин иһин "Звезда утренней зари" бириэмийэни туттарбыта. Кэптукэ - суруйааччы хос аата уонна кини ийэ ууһун аата.
Г. И. Варламова «Бакалдын» диэн эбэҥкилэр сиэрдэрин-туомнарын, үгэстэрин сайыннарар этно-культурнай кииҥҥэ үгүс үлэни ыытар. Кини отуттан тахса сэһэн, кэпсээн, эссе, очерк ааптара. Сорох айымньылара ньиэмэс, испания, италия, француз, дьоппуон тылларынан омук дойдуларыгар тахсан тураллар.
Айымньылара
- Имеющая свое имя, Жделтула-река:сэһэн. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1989. — 118 с.
- Рассказы Чэрикте. -- Красноярскай: Кинигэ изд-вота, 1990. -- 88 с. — нууч., эбэҥк.
- Маленькая Америка: сэһэн, кэпсээннэр. — М.: Современник, 1991. — 2005 с.
- Двуногий да поперечно-глазый, черноголовый человек — эвенк и его земля Дулин-Буга. — Дьокуускай: Розовая чайка, 1991. — 50 с.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Г. М. Василевич аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин бириэмийэтин лауреата[1] (2010)
"Писатели земли Олонхо: Биобиблиографический справочник" (2000) кинигэттэн.