Улуу Хоро
Омоҕойу сэргэ Улуу Хоро ааттанар. Мүрү күөлүгэр тохтообут. Манна этиллэринэн, Таатта өрүһүн аата Улуу Хоро «Ээт татай» диэн саҥа аллайыытыттан тахсыбыт. Билиҥҥэ диэри Таттай диэн харыстыыр аат Байкал таһынааҕы хоролорго туттуллар эбит, улаханнык соһуйдахтарына, үөрдэхтэринэ, хомойдохторуна өмүрэн этиллэр эбит.
II Камчатскай экспедиция матырыйааллара көрдөрөллөрүнэн, Омоҕой бииһигэр кэлин бурят-хоринецтар холбоспуттар. Онон хоролор туора омук дьоно буолаллар, кэлин сахаларга холбоспуттар, кинилэр ортолоругар олорон өр кэмҥэ диэри бэйэлэрин тылларын тутта сылдьыбыттар.
Хоролор Улуу Хоро уонна тоҥустары кырган баран, кинилэр сирдэригэр олохсуйбуттар. Тыгын хоролору кытта Ытык Күөл (Тааттаны, Бүлүүнү, Дьааҥыны кини маҥнай ааттаабыт. Туймаадаҕа урут эмиэ хоролор олорбуттар. Кэлин сэрииһит Тыгын Тойон, Хоро ууһун күүстээх бухатыырын өлөрөн баран, урут хоролор сирдэрин ылбыт, уонна бэйэтигэр холбообут.