Тимофеев Степан Иванович
Тимофеев Степан Иванович | |||
---|---|---|---|
Төрөөбүт күнэ: | 7 тохсунньу 1921 (103 саастаах) | ||
Төрөөбүт сирэ: | Мэҥэ-Хаҥалас улууһа | ||
Өлбүт күнэ: | Ошибка скрипта: Функции «dateOfDeath» не существует. | ||
Дойдута: | |||
Дьарыга: | поэт, тылбаасчыт | ||
Айар сыллара: | 1946 сылтан | ||
Айымньыларын тыла: | саха | ||
Бастакы кинигэтэ: | Күөх ыллык, 1955 | ||
Наҕараадалара: |
|
Тимофеев Степан Иванович — поэт, тылбаасчыт.
Олоҕун олуктара
- 1921 сыллаахха тохсунньу 7 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар төрөөбүт.
- Төрөөбүт-үөскээбит сирин оскуолатыгар үөрэнэн, үөрэҕин ситиhиилээхтик бүтэрэн, оччотооҕу тыа оҕото билии-көрүү аартыгын тутуhан, Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар оскуолаҕа киирбитэ. Үөрэнэ сылдьан, артист буолар санааны ылынан, салгыы Лениградтааҕы театральнай институтка үөрэнэ барар. Ыраламмыт ырата кыайан туолбата5а. Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланан, сүүрбэччэлээх уол саллаат буолан, Ленинграды көмүскүү өлөр-тиллэр хабыр хапсыhыыга киирсэр, сэрии саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри кыргыс хонуутугар сылдьан, кыайыыны көрсөр.[1]
- 1940 c. — Ленинградтааҕы театральнай институтка үөрэнэ сылдьан, аармыйаҕа ыҥырыллыбыт.
- 1946 cылтан Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһатыгар корректорынан, редакторынан 40-ча сыл үлэлээбит.
- 1964 с. — ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыыта
Сэриигэ саҕаланыаҕыттан кыттыбыт. Карелия билиитигэр сэриилэспит.[2].
Айар үлэтэ
Айымньылара 1946 сылтан бэчээттэнэллэр. Хоһооннорун бастакы кинигэтэ «Күөх ыллык» 1955 сыллаахха күн сирин көрбүт. С. Тимофеев хоһоонноро норуот ырыалара буолан ылланаллар. Бастыҥ хоһоонноро нуучча, туркмен, бурят, киргиз, эбээн омуктар тылларыгар тылбаастаммыттар.
Норуокка биллибит ырыалара
- «Эйэ ырыата»
Тылбаасчыт
С. Тимофеев саха тылыгар Д. Мамин-Сибиряк кэпсээннэрин, Е. Ильина «Четвертая высота» («Төрдүс үрдэл»), П. Журба «Александр Матросов», А. Гайдар «Р.В.С.», К. Симонов «Живые и мертвые» («Тыыннаахтар уонна өлбүттэр») кинигэлэрин тылбаастабыт.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Аҕа дойду сэриитин II ст. уордьана (06.04.1985)[3]
- «Ленинград көмүскэлин иһин» мэтээл
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ
- Мэҥэ-Хаҥалас улууһун ытык киһитэ[4] (1991)
- Россия Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата[5] (2005) — «Ааспыт сыллар»? («Минувшие годы») кинигэтин иһин
Библиография
- Өксүөннээх күннэр: Хоhооннор. — Дь.: Бичик, 1995. — 112 с.
- Дьоҕойон соҕустук: Хоhооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1991. — 157 с.
- Мүчүк: Хоhооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1989. — 88 с.
- Эриэн-быраан эйгэтигэр: Хоhооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1985. — 79 с.
- Олох уhун суолугар: Хоhооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1981. — 528 с.
- Үөрүү кыыма. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1977. — 95 с.
- Ымыы. – Дь.: Кинигэ кыһата, 1975. – 47 с.
- Доҕордуулар: Хоhооннор. Кыра саастаах оскуола оҕолоругар. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1973. — 32 с.
- Үлэ барыта үчүгэй. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1971. — 12 с.
- Суох буоллун сэрии. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1970. — 200 с.
- Оонньуурдар: Остуоруйа. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1969. — 24 с.
- Күнүс: Хоhооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1967. — 104 с.
- Уйгулаах унаарга. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1963. — 43 с.
- Сандаарар саҕахтар. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1960. — 56 с.
- Сааскы тыал: Хоhооннор, ырыалар. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1958. – 108 с.
- Күөх ыллык: Хоhооннор, ырыалар. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1955. — 87 с.
Тылбаастара
- Мамин-Сибиряк Д. Кэпсээннэр. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1948. — 80 с.
- Гайдар А. РВС. — Дь.:Кинигэ кыһата, 1949. — 48 с.
- Журба П. Александр Матросов. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1956. — 296 с.
- Ильина Е. Төрдүс үрдэл. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1954. — 264 с.
Быһаарыылар
- ↑ Национальная библиотека Республики Саха (Якутия):80 лет со дня рождения С.И. Тимофеева
- ↑ М. Г. Старостин. «Өлбөөдүйбэт үйэ аҥаара» — Дь.: «Бичик», 1995
- ↑ Карточка награжденного в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ Официальный информационный портал Республики Саха (Якутия): Почетные граждане Мегино-Кангаласского улуса
- ↑ Сайт Союза писателей России:Алмазные грани отечественной литературы
Кини туһунан
- Аввакумов П. «Сүрэх ыраас баҕата сүр ыраах тардыhар» // Кыым. — 1971 — Тохсунньу 8 к.
- Тумат С. Олох диэн оннук үчүгэй! // Чолбон. — 1991. — № 1 — С. 74—76.
- Урсун Н. Кырыымпа кылын кылыhаҕа // Хотугу сулус. — 1981 — № 1 — С. 99—106.
- Федосеев И. Е. Сэмэй үлэhит // Хотугу сулус. — 1971. — № 2 — С. 59—62.
Сигэлэр
- Биографический интернет-справочник якутской литературы: Писатели Якутии: Степан Тимофеев
- Национальная библиотека Республики Саха (Якутия): 80 лет со дня рождения С. И. Тимофеева
- Якутский государственный литературный Музей имени П. А. Ойунского: Степан Тимофеев
- Эдуард Николаев. Поэту-фронтовику 90 лет. Российский Писатель. Тургутулунна 2 От ыйын 2014.
Категориялар:
- Тохсунньу 7 күнүгэр төрөөбүттэр
- 1921 сыллаахха төрөөбүттэр
- Дьон алпабыытынан
- Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар төрөөбүттэр
- Аҕа дойду сэриитин II ст. уордьанын кавалердара
- «Ленинград көмүскэлин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыттар
- Суруйааччылар алпабыытынан
- Саха поэттара
- Тылбаасчыттар
- Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара:Мэҥэ-Хаҥалас улууһа
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ
- Мэҥэ-Хаҥалас улууһун ытык дьоно