Сөбүлэспэттэр марштара

Сөбүлэспэттэр марштара (нууч. Марш несогласных) диэн Арассыыйа оппозициятын бырачыастара. 2006 с. ыла Москваҕа, Санкт-Петербурга уо.д.а. дойду сорох бөдөҥ куораттарыгар ыытыллаллар. Тэрийээччитэ Атын Арассыыйа (нууч. Другая Россия) диэн араас оппозиция күүстэрин холбуур коалиция. Биллиилээх бырачыастааччылар — Гарри Каспаров, Михаил Касьянов уонна Эдуард Лимонов.

Кыттааччылар

Бу активистар, партиялар уонна хамсааhыннар (сорохторо Атын Арассыыйа коалицияҕа киирсэллэр, сорохторо киирсибэттэр) араас кэмҥэ Сөбүлэспэттэр марштарыгар кыттыыны ылбыттара:

Марштар ааспыт сирдэрэ

Сөбүлэспэттэр марштарын акциялара үксүн Москва уонна Санкт-Петербург куораттарга буолаллар. Бу икки куоракка бырачыастааччылар ахсааннара ордук элбэх.

Эрэгийиэннэр

Москваттан уонна Санкт-Петербургтан ураты, Сөбүлэспэттэр марштара бу куораттарга ааспыттара:

Категориялар