Степанова Наталья Ивановна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Степанова Наталья Ивановна

Степанова Наталья Ивановна — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа.

Олоҕун олуктара

  • 1950 сыллаахха от ыйын 4 күнүгэр Дьокуускайга төрөөбүт.
  • 1974 сыллаахха М. С. Щепкин аатынан Үрдүкү Москватааҕы театральнай училище саха студиятын театр уонна киинэ артыыһын идэтигэр үөрэнэн бүтэрбит.
  • 1974—1975 сс. — Ньурба норуодунай театрын артыыһа.
  • 1975 сылтан — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр артыыһа.

Айар үлэтэ

Театрга оонньуур сүрүн оруоллара

  • Аксинья («Инньэ үүтүнэн», И. Гоголев)
  • Арина Пантелеймоновна («Женитьба», Н. Гоголь)
  • Байбарылаах Балбаара («Наара Суох», И. Гоголев)
  • Алааппыйа («Куһаҕан тыын» Н. Неустроев)
  • Сыкына («Күкүр Уус», Суорун Омоллоон)
  • Далбардаах («Лоокуут уонна Ньургуһун», Т. Сметанин)
  • Мадам Ортанс («Оркестр», Ж. Ануй)
  • Елена («Татыйаас», М. Михайлова)
  • Мотуруос («Аммаҕа саас этэ» В. Васильев — Харысхал)
  • Жена Макара («Макаар түүлэ», В. Короленко айымньытынан)

Киинэҕэ оонньообут оруоллара

  • Мать («Компот», режиссер Д. Ермолаев)

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа (2010)

Быһаарыылар

Сигэлэр