Слепцов Андриан Семенович
Слепцов Андриан Семенович (30.07.1916 — 19.05.1999) — Майатааҕы, Үөһээ Бүлүүтээҕи тыйаатырдарга уонна Саха тыйаатырыгар үлэлээбит артыыс, ССРС култууратын туйгуна, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
Чурапчы улууһун Бахсы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ кини үс саастааҕар өлөн, аҕата Семен Федорович уонна эдьиийэ Христина Федоровна Слепцовтар, Саха тыа ыалыгар улааппыта. Төрүт былыргытын ылан эттэххэ, Слепцовтар аймах Туобуттан төрүтээх Намылдьыйа Бүөтүр диэн киһиттэн ууһаабыт дьон буолаллар эбит.
1935 сыллаахха Саха тыйаатырыгар тыйаатыр-устуудьуйаны бүтэрэн баран, Андриан Семенович оччолорго саҥа тэриллибит Майатааҕы Государственнай холкуос тыйаатырыгар артыыһынан анаммыта. «Ини-биигэ» — Миша, «Ситим быстыытыгар» — Бүөтүр оруолларын, «Айаалга» — Күн Чөмчүүк, «Хардыыларга» — Кэтириис оруолларын ситиһиилээхтик оонньообута биллэр.
1936 сыллаахха Татьяна Ивановна Слепцованы (Сергучева) кытта ыал буолбуттар.
Майатааҕы Государственнай колхуоһунай театрга Саха искусствотыгар кэлин киэҥник биллибит дьон үлэлээбиттэрэ. Театр 16 драманы туруорбута. Олору туруорарга режиссердар Спиридон Алексеевич Григорьев, Василий Васильевич Местников үлэлэспиттэрэ. Ол курдук өрө күүрүүээхтик үлэлии сырыттахтарына, сэрии ааҥнаабыта. Онно театр эр дьоно тутуспутунан кэриэтэ фроҥҥа барбыттара.
Андриан Семенович армияҕа 1941 сыл атырдьах ыйыгар ыҥырыллыбыта. Читаҕа байыаннай үөрэххэ сылдьан сэриигэ барар эшелоннары арыаллыыра. Онтон байыаннай-политическай училищены бүтэрэн, младшай лейтенант званиялаах политрук буолан тахсыбыта. Венаны, Брнону, Будапеһы, Праганы босхолоһуҥҥа кыттыбыта. Онтон Японияны кытта сэриигэ кыттар. Сэрии кэнниттэн Саха тыйаатырыгар үлэлиир.
1956 сыллаахха Луначарскай аатынан Ленинградтааҕы ускуустуба институтун иһинэн баар салайааччылар үрдүкү куурустарын бүтэрэн кэлэн, 5 сыл устата Үөһээ Бүлүүтээҕи государственнай драматическай көс театрын дириэктэринэн үлэлиир. Онтон Саха тыйаатырыгар төннөн кэлэн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлиир.
Наҕараадалара
Сэрии кэминээҕи наҕараадалара: «За взятие Вены», «За взятие Будапешта», «За взятие Праги», «За победу над Германией», Орден Великой Отечественной войны II степени. Сэрии кэннэ: Кыайыы юбилейнэй мэдээллэрэ, уордьана. ССРС культуратын министерствотын, Саха АССР культуратын министерствотын Бочуоттаах Грамоталара уо.д.а.
- Дьон алпабыытынан
- Артыыстар
- 1916 сыллаахха төрөөбүттэр
- 1999 сыллаахха өлбүттэр
- От ыйын 30 күнүгэр төрөөбүттэр
- Ыам ыйын 19 күнүгэр өлбүттэр
- Бахсы нэһилиэгэр төрөөбүттэр
- «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Германияны кыайыы иһин 1941-1945 сс.» мэтээлинэн наҕараадаламмыттар
- Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара:Мэҥэ-Хаҥалас улууһа