Сезен Аксу
Сезе́н Аксу́ (туур. Sezen Aksu, дьиҥнээх бэйэтин аата — Фатма́ Сезе́н Йылдыры́м туур. Fatma Sezen Yıldırım; 1954 сыллаахха от ыйын 13 күнүгэр төрөөбүт) — турок омугун поп-ырыаһыта дьахтар, Турцияҕа уонна ону ааһан бүтүн аан дойдуга биллэр ырыалардаах ырыа айааччы, мелодист, продюсер. Кини Денизли диэн куоракка күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ үйэтин тухары учууталлаабыта. Ийэлээх аҕатара кыыс төрөөбүтүгэр Фатма Сезен диэн сүрэхтээбиттэрэ. "Евровидение" аан дойдутааҕы күрэххэ Турция аатыттан кыттан бастакы миэстэни ылбыт, аан дойдуга аата киэҥник ааттаммыт Сертаб Эренер эстрадаҕа саҥа тахсарын, аата ааттанарын саҕана үлэлээбитэ.
Дискографията
- 1977 — Allahaısmarladık
- 1978 — Serçe
- 1980 — Sevgilerimle
- 1981 — Ağlamak Güzeldir
- 1982 — Firuze
- 1984 — Sen Ağlama
- 1986 — Git
- 1988 — Sezen Aksu’88
- 1989 — Sezen Aksu Söylüyor
- 1991 — Gülümse
- 1993 — Deli Kızın Türküsü
- 1995 — Işık Doğudan Yükselir
- 1996 — Düş Bahçeleri
- 1997 — Düğün ve Cenaze
- 1998 — Adı Bende Saklı
- 2000 — Deliveren
- 2002 — Şarkı Söylemek Lazım
- 2003 — Yaz Bitmeden
- 2005 — Bahane
- 2005 — Bahane Remixes
- 2005 — Kardelen
- 2008 — Deniz Yıldızı
- 2009 — Yürüyorum Düş Bahçeleri’nde...
- 2011 — Öptüm
- 2017 — Biraz Pop Biraz Sezen