Оросин Петр Иванович - Хайыкы

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Петр Иванович Оросин - Хайыкы (1895.11.19 -1954) — суруйааччы, үөрэтээччи, ЯЦИК чилиэнэ уонна боломуочунайа, Саха АССР СНК тылбаасчыта.

Боотур Уус улууһун I Игидэй нэһилиэгэр төрөөбүт (билиҥҥинэн Таатта улууһа, Игидэй). Баайаҕатааҕы народнай училищены бүтэрбит, үөрэтээччи. Дьокуускай уезд земскэй управатын сэкирэтээрэ, Саха АССР Наркомпроһын Тылбаас комиссиятын чилиэнэ, ЯЦИК боломуочунайа, Саха АССР СНК тылбаасчыта.

1921-1923 сс. сахалар сэбиэскэй былааһы утары өрө турууларын неформальнай салайааччыта. ВЯОНУ чилиэнигэр кандидат (1922-1923 сс.). Коробейников салайааччылаах норуот сэриитин Хотугу этэрээтин (норуокка биллэринэн Оруоһун этэрээтэ) штабын салайааччыта (1921-1923 сс.).Этэрээт Таатта, Боотур Уус, Мэҥэ, Нам улуустарынан, Дьокуускай куорат аттынан сэриилэспит. Ракитин генерал этэрээтин штабтарын начальнига (1923 с.).

1928 с. Ксенофонтов дьыалатынан репрессияланан Соловки оһуобай лааҕырдарыгар сыппыт. Булгахтерынан үлэлээн тыыннаах ордубут. Хаайыы кэнниттэн Саха сиригэр эргиллибэтэх. Иркутскай уобалас Бодойбо куоратыгар олорон өлбүт. Кэргэнэ Вера Дмитриевна Давыдова — методист учуутал, оҕо суруйааччыта. Уоллаах кыыс оҕолоруттан удьуор хаалбатах.