Ньургун Боотур

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ньургун Боотур — саха Дьулуруйар Ньургун Боотур» Үөһээ Дойдуттан Айталы Куо диэн балтын кытта Орто Дойдуга көһөр. Абааһы боотурдарын кыайан саха омугун төрүт өбүгэтэ буолар.

К. Г. Оросин суруйбут Ньургун Боотур устуоруйата

Айталы Куону уоруу

Орто халлааҥҥа, Айыҥа Сиэр тойоҥҥо уонна Айыы Нуоралдьын эмээхсин хотуҥҥа Ньургун Боотур уонна Айталы Куо төрөөбүттэр. Орто Дойдуга алдьархай, абааһылар дьону-киһини сиэн кэбиһээри гыналлар эбит. Бу сылтаан Ньургун Боотуру балтылыын Орто Дойдуга ыыталлар.

Айталы Куону абааһы уола — Тимир Ыйыста Хара уорар. Ньургун тумулга тахсан халлааҥҥа олорор аймахтарыгар тыл этэр, алдьархайын кэпсиир. Ону үрүҥ таҥастаах Күн Эрбийэ Боотур халлаантан былыт оһуутуттан түһэр, эдьиийгин хоту олорор Ардьаҥ Дуолай Буор Маҥалай оҕонньор уонна Адаҕалаах Ала Буурай эмээхсин уоллара Тимир Ыйыста Хара Ньүкэҥ Үөдэн дойдуга уоран ылбытын кэпсээбит.

Ыйыста Хараны кыайыы

Ньургун Боотур эдьиийин уот моҕой хаайыытыгар көрөн батаһынан үөн үс төбөтүн быһа охсор. Акка кыыһы уурар уонна ат Айталы Куону кистээтин диэн соруйар. Тимир Ыйыста Хараны кытта охсуһан барбыттар, дойду олоҕо хамнаары гына сыһар. Ону Ардьаҥ Дуолай оҕонньор куттанан оҕолоругар боотурдары Ытык хайаҕа ыытыҥ диэн сорудах биэрэр. Боотурдар хайаҕа куугунаан өрө таҕыстылар, үс түүннээх күн охсустулар, дойдуну тэбистилэр. Ону дойду иччилэрэ Дьылҕа тойоҥҥо үҥсэллэр.

Ону тойон боотурдары Уот байаҕал ортотугар үүнэн тахсыбыт Муус суорун булгунньахха ыытыҥ диир. Кыратык мөккүһэн, өстөөхтөр иккиэн булгунньахха көтөн түһэллэр. Икки киһи атаҕа батар, халтархай сир эбит. Абааһы уола Ытык Хахайдаан диэн удаҕан аҕаһын быыһыырга ыҥырар. Өксөкү кыыл тахсар. Ону айыы уола Айыы Умсуур удаҕан аҕаһын ыҥырар. Киниэхэ да өксөкү кыыл тахсар. Айыы эдьиийэ араҥас илиэни быраҕар. Ону абааһы кыыһа хаан бөлүөҕү быраҕар. Адьарай күүһүрэн боотуру өрө бырахта. Айыы абаҕата Уот байаҕал ортотугар үрүҥ көмүс муостаны үрэн оҥорор. Айыы бухатыыра эргиллэ түһэн илиэһэйи Уот байҕалга быраҕар. Ону абааһы кыыһа иниитин атаҕын анныгар дүҥүрү быраҕар. Айыы Умсуур дүҥүрү дьөлө үрэн кэбиһэр, Тимир Ыйыста Хара тимирэн хаалар.

Тимир Дьэһинтэйи кыайыы

Уот Уһутаакыны кыайыы

Айыы Умсуур удаҕан айыы далбар кымньыны Ньургуҥҥа биэрэр. Боотур Уот Уһутаакы диэн абааһы бухатыыры кытта кыргыһар уонна кыайар, холлорооҥҥо боотурдары булар, кинилэр хара тааска быанан олороллор эбит. Хара таас иччитин абааһы буолан албынныыр, Нүкэн Үөдэҥтэн таһаарар.

Кыыс Ньургуҥҥа айан

Ньургун Боотур Кыыс Ньургун диэн бухатыыр дьахтары ойох ыла барар.

Айыы Дьураҕыстай боотуру босхолооһун

Алып Хараны кыайан Айыы Дьураҕастайы быһыыр.

Ньургун Боотур дойдутугар эргиллиитэ

Айыы Дьуруҕастай Айталы Куону ойох ылар. Ньургун Боотур Кыыс Ньургуннуун холбоһор. Орто дойдуга олоро хаалаллар, киһи төрдө буолаллар.

Литэрэтиирэ

Дьулуруйар Ньургун Боотур / текст К. Г. Оросина; редакция текста, перевод и комментарии Г. У. Эргиса. — Якутск : Госиздат ЯАССР, 1947. — 409 с.