Удаҕан
Удаҕан диэн өй-санаа үөрэҕин билэр, дьарыктанар дьахтар ааттанар.
Дьон сааһыран олоххо үөрүйэхтэрэ эбиллэн истэҕинэ өй-санаа күүһүрүүтүн, кыаҕырыытын ситиһэллэр. Өй-санаа сайдыытын, күүһүрүүтүн баһылаабыт дьон удаҕан эбэтэр ойуун таһымыгар тиийэ сайдаллар. Айылҕаттан аһара талааннаахтар эдэр эрдэхтэриттэн өй-санаа сайдыытын ситиһиэхтэрин сөп.
Удаҕан диэн сахалар ойуун дьахтары ааттыыллар. Дьахтар ойуун, удаҕан эр киһи ойууннааҕар кыаҕа улаханын, санаата күүстээҕин былыргылар бэлиэтииллэр. Кыыс оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэтин батыһа сылдьан үчүгэй үгэстэргэ иитиллэриттэн, көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтиллэриттэн ийэ кута ордук сайдан дьахталлар олох үгэстэрин тутуһууга эр дьону улаханнык баһыйаллар.
Олус былыргы кэмнэргэ дьиэни көрүүгэ уоту сатаан туһаныы улахан оруолу ылара. Ас буһарыыта, олорор сири сылытыы барыта аһаҕас уотунан оҥоруллар кэмнэрэ бааллара. Ол курдук аан маҥнай уоту туһаҕа туттууну, дьиэни сылытыыны, уоту аһатыыны дьахталлар баһылаабыттар.
Туойтан иһит оҥорууну уонна уокка уматан кытаатыннарыыны аан бастаан дьахталлар туһанан олоххо киллэрбиттэр. Уоту сатаан туһаныыны баһылааннар удаҕан аатын ылбыттар. Оччотооҕу кэмҥэ туой умайан кытаатыытын үөһээттэн эрэ айдарыылаахтар оҥороллорун курдук санааларыттан итинник ааты иҥэрбиттэр.
Сахаларга удаҕан үчүгэй, үтүө эрэ өйдөбүллээх. Хара удаҕан диэн баар буола сылдьыбыта биллибэт. Ол барыта дьахтар ойууннар аҥардастыы туой иһити оҥоруунан уонна эмтээһининэн эрэ дьарыктаммыттарын туоһулуур. Эмтиир, кыһанар, үтүөрдэр киһи үчүгэй, үтүө диэн ааты ылар.
Нууччалар кэлэн бэйэлэрин православнай таҥараларын үөрэҕин, “богтарын” киллэрэ сатыылларыгар улаханнык утарыласпыт эр дьон ойууннары хара, куһаҕан диэн ааттыыры ситиспиттэрин кэнниттэн саҥа таҥара дьиэлэрэ элбэхтик тутуллубуттар. Дьон “үрүҥ” диэн ааттаммыт “бог үөрэҕин” өрө тутуулара саҕаламмыт.
Атын омуктар удаҕаннара кэлии нууччаларга улахан утарсыылары оҥорбуттарын “ведьма” диэн үөхсэн ааттанар аптаах, эмчит дьахталлар бааллара биллэрэр. Кэлин бу аат нуучча тылыгар көһөн “ведьма” диэн куһаҕан санаалаах дьахтарга кубулуйбут.
Нууччалар кэлии “богтарын” үөрэҕин утарар, тыаҕа олорор дьахтары “ведьма” диэн ааттаан тутан ылан уокка уматаллара. Ол иһин аптаах диэн ааттаммыт ойуун дьахталлар дьонтон саһан халыҥ тыаҕа олорорго күһэллибиттэр.
Тыа быыһыгар кыра дьиэҕэ соҕотоҕун олорор кырдьаҕас эмээхсини “баба-яга” диэн ааттаан оҕолору халыҥ тыаҕа баран хааларыттан куттаан тохтоторго туһаммыттар. Бу эмээхсин отунан эмтээн дьоҥҥо туһалыыра кэпсээннэргэ киирбиттэр.
Сахаларга киэҥник биллэр удаҕанынан Анна Павлова диэн Кэбээйигэ олохтоох улахан уҥуохтаах, маҕан, кыраһыабай дьахтар буолар. Маанытык таҥнар дьахтар кэлии нууччалары кытта биир тылы булунан араас көрсүһүүлэргэ сылдьара биллэр. Анна Павлова нуучча тойотторун эмтээн-томтоон удаҕаннар хара диэн куһаҕаннык ааттаналларыттан, туоратыллалларыттан быыһаабыт.
Эмчитинэн кырдьык аатырбыт. Сыгынньах Ньукулай диэн ойууҥҥа эргэ тахсыбыт, үстэ араас көтөрдөрү, сордоҥу төрөппүт. Бу көтөрдөрө, сордоҥо эмтииригэр, сүппүт киһини буларыгар көмөлөһөр эбиттэр.
Кэлии нууччаларга улаханнык утарыласпыт, православнай “бог” үөрэҕэ олоххо киирэрин сөбүлээбэтэх саха ойууннарын нууччалар хара ойууннар диэн туоратан, тэйитэн ааттаабыттар. Итэҕэллэр харсыһыыларыттан, хайалара кыайарын былдьаһыыларыттан үөскээн тахсыбыт хара ойуун диэн сирэр, туоратар аат биһиэхэ тиийэ кэлбит.
Хара ойууннар диэн туоратан ааттааһын дьиҥнээх суолтатын билбэттэриттэн тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар кинилэри куһаҕан ойууннарга киллэрэллэр. Ону баара саамай кыахтаахтар, нууччалар “бог” үөрэхтэригэр улаханнык утарыласпыттар, сахалыы өй-санаа үөрэҕин билээччилэр бу туоратыыга түбэспиттэр.
Саха дьахталлара кэлии нууччалары аһара туораппатахтарын бэлиэтинэн удаҕаннары хара диэн намтатан ааттаабатахтара буолар. (1,96).
Туһаныллыбыт литература.
1.Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан. - Дьокуускай: ГБУ РС (Я) "Бизнес-инкубатор", 2019. - 158 с.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |