Илин Эҥэр
Илин Эҥэр (Саха латыын алпабыыта: İlin Eñer), Саха Сирин биир улахан региона, бүтүннүүтэ 5 улуус киирэр: Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Амма, Таатта, Уус Алдан улуустара. Илин Эҥэр олохтоохторун ахсаана 120 тыыһынча курдук (Саха омугуттан 34%), олортон сахалара - 114 тыыһынча. Илин Эҥэр олохтоохторун «Илин Эҥээрдэр» дииллэр.
Экономиката
Илин Эҥэр экономикатынан улахан сайдыыта суох регион, 85% тыа хаһаайыстыбата буолар. Дьон орто хамнаһа 8 тыыһынча солкуобайга тэҥнэспит, ол иһин бу регион Ил Түмэн дьокутааттарыгар улахан кутталы суоһатар, Илин Эҥэр оппозиционнай регион буолар. Ону таһынан Илин Эҥэр улахан депопуляция сирэ буолар, Дьокуускай куорат сахаларыттан 40% Илин Эҥээрдэр буолаллар.
Билэ:Emoji u1f5fa.svg | Бу географияҕа туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |