Далай
Далай (гидросфера бастыҥ компонена. Аан дойду далайа (Аан Далай) литосфераны кытта быстыспат ситимнээх.
Саха тылыгар далай диэн муҥура биллибэт киэҥ, дириҥ ууну (өрүс, күөл, байҕал) ааттыыллар[1].
Далайы үөрэтэр билими океанология дииллэр; далай фаунатын уонна флоратын далай биологията диэн бмология салаата үөрэтэр.
Аан Далайы араарыы
Аан Далайы түөрт эбэтэр биэс чааска арааралларАан дойду гидрографиятын тэрилтэтэ бэйэтин бэчээккэ тахсыбыт докумуоннарыгар Антарктика циркумполяр сүүрээнэ кинилэри ситимниир. Ол эрээри, кэлин Соҕуруу далайы араарартан батыммыттараАан дойду гидрографиятын тэрилтэтэ биэс далайга араарыыны ылыммыта эрээри, бу быһаарыы ратификацияны ааһа илик, онон билиҥҥи туругунан 4 далай баар диэн ааҕыллар[4].
Далай | Иэнэ, млн км² | Сабардама, млн км³ | Орто дириҥэ, м | Уһулуччу дириҥэ, м | Байҕаллара |
---|---|---|---|---|---|
Атлантика далай | 91,6 | 329,7 | 3600 | 8742 (жёлоб Пуэрто-Рико) | Хотугу, Саргасс, Адриатика, Азов, Балеар, Иония байҕала, Ирландия байҕала, Мрамор, Тиррен, Эгей; Бискай хомото, Миэксикэ хомото |
Ииндийэ далайа | 73,556 | 292,1 | 3890 | 7725 (Зондский жёлоб) | Андаман, Аравия байҕала, Кыһыл, Лаккадивское, Тимор; Бенгалия хомото, Австралия Баараҕай хомото, Персия хомото |
Хотугу Муустаах далай | 14,75 | 18,1 | 1225 | 5527 (Гренландия байҕалыгар) | Норвегия байҕала, Баренц, Үрүҥ, Гренландия байҕала, Баффин, Линкольн; Гудзон хомото |
Чуумпу | 169,2 | 710 | 4280 | 11 022 (Марианский жёлоб) | Беринг, Дьоппуон, Илиҥҥи Кытай байҕала, Соҕуруу Кытай байҕала, Сулавеси, Сулу, Филиппин, Фиджи байҕала, Тасман |
Соҕуруу | 20,327 | 723,7 | 3270 | 8264 (Соҕуруу-Сандвич жёлоб) | Лазарев байҕала, Рисер-Ларсен байҕала, Космонавтар байҕаллара, Море Содружества, Дейвис байҕала, Моусон байҕала, Дюрвиль байҕала, Сомов байҕала, Росс байҕала, Амундсен байҕала, Беллинсгаузен байҕала, Скош байҕала, Уэдделл байҕала |
Быһаарыылар
- ↑ География Якутии: учеб. для 9-го кл. сред. шк./ И. И. Жирков [и др.]. — Якутск: «Бичик», 2004. — 300, [1] с.: ил, карты; 20 см. — ISBN 5-7696-1049-2
- ↑ Томилин А. Н. Как люди обживают океаны Земли. — Л.: Детская литература. — 1985. — 157 с.
- ↑ Limits of Oceans and Seas, 3rd edition. International Hydrographic Organization, 1953
- ↑ About.com:Geography: The Fifth Ocean
Бу айылҕаҕа сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |