Кара байҕал
Кара байҕал — Еуразия, арҕааттан Саҥа сир арыылар, хотуттан Франц-Иосиф сирэ, илинтэн Хотугу Сир.
Байҕал сүрүннээн шельфка сытар, элбэх арыылардаах. Дьириҥэ 30—100 м; ордук дьириҥ сир 600 м. тиийэр. Иэнэ 883 000 км².
Байҕалга улахан өрүстэр түһэллэр: Обь, Енисей ол иһин уу тууһа намыһах.
Кара байҕал олус тымныы уулаах, сайын даҕаны улахан өрүстэр төрдүлэригэр эрэ 0°С арыый үрдүк. Туманнаах уонна силлиэлээх күн дэлэй. Сыл улахан аҥарын муустаах.
Балыга элбэх: сиг, голец, камбала уонна да атыттар.
Сүрүн муора порда — Диксон. Кара байҕалынан Хотугу муора суола ааһар.
Сигэлэр
- http://tapemark.narod.ru/more/13.html
- Карское море А. Д. Добровольский, Б. С. Залогин. Моря СССР кинигэҕэ. Москва ун-тын издательствота, 1982.