Васильев Георгий Митрофанович
Васильев Георгий Митрофанович (27.12.1908—23.09.1981) — литературовед, кириитик, тылбаасчыт, тыл үөрэҕин хандьыдаата. 1938 сылтан ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
Олоҕун олуктара
Чурапчы улууһугар төрөөбүт. 1938 сыллаахха Москубатааҕы устуоруйа, бөлүһүһүөпүйэ уонна литэрэтиирэ институтун бүтэрбитэ. 1928 сылтан литэрэтиирэҕэ үлэлээн барбыта. М. Горькай "Песня о Буревестнике", М. Лермонтов "Демон", А. Грибоедов "Горе от ума", А. Пушкин "Памятник", Н. Гоголев "Ревизор", В. Шекспир "Отелло", В. Маяковскай "Хорошо" айымньыларын, Межелайтис хоһооннорун, "Слово о полку Игореве", эбээн поэта Н. Тарабукин "Күнү таптыыбын", о.д.а. айымньылары сахалыы тылбаастаабыта.
Уус-уран тылбаастан ураты Г. Васильев норуот тылынан уус-уран айымньытын хомуйуутунан уонна норуот ырыаһыттарын, талааннаахтарын айымньыларын бэчээттииргэ эмиэ үлэлээбитэ. 1957 сыллаахха С.А. Зверевтиин "айхал эйиэхэ, аар тайҕа" олоҥхо-поэманы суруйан, айан өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ бастакы бириэмийэни ылбыттара.
Г. Васильев кириитик быһыытынан эмиэ биллэр. Кини "Очерки истории якутской советской литературы" уонна "История многонациональной советской литературы" диэн улахан үлэлэргэ кыттыбыта.
Айымньылара:
- Саха народун айымньыта / Хомуйан оҥорбуттара: Г.М. Васильев, Х.И. Константинов. -- Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1942. -- 252 с.
- Норуот ырыаһыттара / Хомуйан оҥордо уонна редакциялаата Г.М. Васильев. -- Дьокуускай: Кинигэр изд-вота, 1997. -- 104 с.
- Айхал эйиэхэ, аар-тайҕа: поэтическай сэһэн / С.А. Зверев, Г.М. Васильев. -- Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1958. -- 48 с.
- Нууччалыы-сахалыы поэтическай тылдьыт. -- Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1976. -- 207 с.
- Якутское стихосложение. -- Якутск: Кн. изд-во, 1965. -- 126 с.
- Очерк истории якутской советской литературы / Г.М. Васильев, Г.У. Эргис, Н.П. Канаев. -- М.: Наука, 1955. -- 196 с.
- Очерк истории якутской советской литературы / Г.М. Васильев и др. Под ред. К.Л. Зелинского. -- М.: Наука, 1970. -- 389 с.
- Живой родник: Об устной поэзии якутов. -- Якутск: Кн. изд-во, 1973. -- 303 с.
Кини туһунан
- Ефремов Н. Г. М. Васильев олоҥхо хоһоонунан этиитин үөрэтиитэ // Чолбон. -- 1999. -- № 7. -- С. 73-74.
- Сыромятников Г. С. Литературно-художественная критика в Якутии (1939-1975). -- Якутск, 1990. -- 358 с. (72, 76, 110, 170, 222, 249, 269, 284 с.).
- Биобиблиографический справочник
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |