Баснаев Петр Николаевич
Баснаев Петр Николаевич — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа, театр уонна киинэ артыыһа, туруорааччы режиссер.
Олоҕун олуктара
- 1960 сыллаахха кулун тутар 27 күнүгэр Алексеевскай оройуон (билигин Таатта улууһа) Боробул с. төрөөбүт.
- 1985 сыллаахха М. С. Щепкин аатынан Үрдүкү Москватааҕы театральнай училище саха студиятын театр уонна киинэ артыыһын идэтигэр үөрэнэн бүтэрбит.
- 1985 сылтан — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театр артыыһа.
Айар үлэтэ
Театрга оонньуур сүрүн оруоллара
- Кириинньэ («Сүрэҕэ суох», Суорун Омоллоон)
- Смертник («Седьмой ангел», С. Ермолаев)
- Иирбит Ньукуус («Мной оставленные песни», В. Протодьяконов)
- Солдат («Танцплощадка», А. Борисов)
- Сорук Боллур («Улуу Кудаҥса», П. Ойуунускай)
- Треплев («Чайка» А. Чехов)
- Труффальдино («Привет, синьоры», Гольдони)
- Дыгыйдаан Бөҕө («Кыыс Дэбилийэ»)
- Ураанньык Ойуун («Наара Суох,» И. Гоголев)
- Макбет («Макбет», Э. Ионеско)
- Сан Саныч («Аанньаллар ытаабаттар», Д. Привалов)
- Анньыһар Боотур («Дыгын Дархан», И. Гоголев)
- Максим Аммосов («Көмүөл», В. Васильев — Харысхал)
Театр сценатыгар туруоруулара
- «Кустук» (Н. Лугинов), 2003
Киинэҕэ оонньообут оруоллара
- «Срединный мир», реж. А. Романов
- «Проклятое место», реж. С. Ермолаев
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа (2000)
- «Гражданскай килбиэн» ураты Бэлиэ (2010)
Быһаарыылар
Сигэлэр
Бу артыыска сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |