Улун
Улун эбэтэр өрүс улуна (кустарга киирэр сэдэх көтөр.
Атыыра саас дьэрэкээн өҥнөөх буолар. Төбөтө, кынаттара, кутуруга хара, моонньун иннэ хара бээтинэлэрдээх кытархайдыҥы-хоҥор. Иһэ үрүҥ, кынатыгар үрүҥ сиэркилэлээх. Төбөтүгэр көҕүллээх. Тумса кыһыл, хара үрдүнэн кырыылаах уонна төбөлөөх, атахтара оранжевай.
Саха сиригэр улун ойуур зонатыга барытыга уйаланар. Дьоппуон арыылара уонна Корея. Аҕыйах ахсааннаах кустар Илин Илин Кытайга кыстыыллар. Хотугу Америкаҕа Чуумпу байҕал кытылыгар кыстыыллар.
Саас Туймаада хочотунан ыам ыйын иккис декадатыгар көтөн ааһаллара саҕаланар. Маассабай кэлиитэ ыам ыйын үһүс декадатыгар, бэс ыйын саҥатыгар буолар. Саха сирин киинигэр бэс ыйын бастакы аҥаарыгар сымыыттыыр. Үксүн бу кустар балыктаах улахан күөллэр кытылларыгар, хапталга устар өрүстэргэ уйаланар. Уйаларын сиргэ, ойуур саҕата ууга ыган кэлэр сиригэр, күөл кытыытынааҕы хонууларга, таастар быыстарыгар туттар. Онто уҥкучахха оту уонна ньуолах түүнү ууран оҥоһуллубут буолар. Толору уйаҕа 7-9 от күөхтүҥү саһархай сымыыт баар буолар. Оҕолоро от ыйын иккис декадатыгаh тахсан бараллар. Күһүҥҥү көтүүтэ орто Өлүөнэҕэ балаҕан ыйын ортотуттан алтынньы бастакы декадатыгар дылы буолар. Биирдиилээн көтөрдөр өрүскэ кыдьымах тахсыар дылы баар буолаллар.
Аһылыга балык. Өрүскэ быччыкылары уонна тоноҕосчуттар ыамаларын, уу хомурдуостарын, атын үөннэрин сиир.
Өссө маны көр
Туһаныллыбыт сирдэр
- Справочник-определитель уток РС(Я), А. Г. Ларионов, Г. П. Ларионов, Дьокуускай, ЯФ из-ва СО РАН, 2001