Кыһыл харах

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кыһыл харах эбэтэр Кыһыыдай (лат. Rutilus rutilus, нууч. Плотва) — кыра балык. Төбөтө кылгас, этэ-сиинэ үрдүк, икки өттүттэн ньаппаҕар соҕус.

Өҥө үрүҥ көмүс, үрүҥ. Көхсө хараҥа от күөхтүҥү. Хараҕа оранжевай, үөһээ өттүгэр кыһыл бээтинэлээх. Түөһүн, өрөҕөтүн уонна эмэһэтин лаапчааннара оранжевай кыһыллар. Көхсүн лаапчаана уонна кутуруга хараҥа сиэрэйдэр. Салахай, уу үөнэ аһылыктаах[1].


Саха сиригэр арҕаа өрүстэргэ олохсуйбут: Анаабыр, Өлөөн уонна Өлүөнэ тардыыларыгар.

Өссө маны көр

Ылыллыбыт сирэ

  • Пресноводные рыбы, земноводные и пресмыкающиеся Якутии: Справочник-опеределитель. Б. И. Сидоров, М. М. Тяптиргянов. — Якутск: Бичик, 2004. — 64 с., ил. ISBN 5-7696-1590-7

Быһаарыылар

  1. Булчут кинигэтэ. В.Н. Сивцев. Дь. Бичик, 2017, С.24