Туттунар күүс

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Туттунар күүс диэн киһи өйүн-санаатын күүһүнэн сыыһа-халты туттунуулары оҥорбот кыаҕа ааттанар.

Сахаларга «Олох үөрэҕэ» диэн аналлаах үөрэх баар. Бу үөрэх сүрүн өйдөбүлүнэн кыра эрдэҕиттэн олоххо, үлэҕэ-хамнаска үөрэммэккэ атаахтыы сылдьыбыт киһини «олох үөрэтиэ» диэн этэллэриттэн табатык өйдөнөр. Кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрэ олох үөрэҕэр үөрэппэтэх оҕолоро улаатан баран бэйэтэ олорор олоҕуттан үөрэниитэ «Олох үөрэҕэ» диэн ааттанар уонна «Олох үөрэҕэ ыарахан» диэн эбиискэ быһаарыыланар.

Олох ханнык баҕарар кэмигэр оҕону тулуурдаах буолууга үөрэтии бастаан иһэрэ ордук. Экономика сайдыытыттан олох чэпчээн истэҕинэ тулуурдаах буолууга үөрэнии өссө кытаатан, ыараан биэриитэ ирдэнэр.

Олох үөрэҕин тутаах көрүҥүнэн туохха барытыгар тулуурдаах буолуу ааҕыллар. Тулуурдаах, туруктаах өйдөөх-санаалаах буолууга үөрэтиллибэтэх, кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллибэтэх эдэрдэр сыыһа-халты туттунууларыттан, аһара барыыларыттан ону-маны алдьаталлара, тоҕо түһэллэрэ, уоту ыыталлара, дэлби тэптэрэллэрэ элбэҕиттэн урут оҥоруллубуту сотору кэминэн суох оҥорор кыахтаахтар. Билигин Россияҕа үлэ-хамнас сайдыбата, кыаттарбата барыта өй-санаа үөрэҕэ халыйан сылдьарыттан тутулуктаах.

Тулуурдаах буолууттан, киһи баҕа санааларын толоро охсорун тулуйууттан тохтотунар, туттунар күүс үөскүүр. Мэниктиир оҕону тохтото түһүү, олордон ылыы тулуурдаах буолуутун үөскэтэр. Киһи хас баҕа санаатын толорон иһэрэ хайдах да табыллыбат, хайаан да хааччахтаах буоллаҕына эрэ сатанар. Эр киһи үчүгэй дьахтары көрсө түһээт үрдүгэр түспүтүнэн барбат, хайдах эрэ бэйэтин баҕа санаатын кыаннаҕына, тохтотуннаҕына, киһи быһыытын ааһа барбатаҕына эрэ табыллар. Бу тохтотунар быһыы киһи буолууну, кыыллартан киһи өйө-санаата туспа арахсыытын, киһиэхэ туттунар күүс үөскээбитин, өйө-санаата сайдыбытын бэлиэтэ буолар.

Сорох киһи туттунар күүһэ аҕыйаан хаалар. Бииргэ аһыы, үөрэ-көтө олорон, кыыһыра, ырдьыгыныы түһээт быһаҕы харбаан ылаат даҕаны билэр киһитин анньан кэбиһээччилэр бааллар. Бу уустук боппуруостары быһаарыы аныгы ыччат өйө-санаата уларыйыытын хас да уонунан сылларга кэтээн көрүүнэн быһаарыллар.

Кыра оҕону атаахтатыы, киһиргэтии, барыта бэлэмҥэ үөрэтии туттунар, тохтотунар күүһэ суох киһи буола улаатарыгар тириэрдэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ тохтотунар күүһүн үөскэтэр аһара барыма диэн үөрэх «Аһара ытаама, чэ, сөп буолуо, бүт» диэн этиилэринэн саҕаланар уонна аан маҥнай аралдьытыынан ситиһиллэр. «Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх» диэни билэн, таба сыаналаан, туохха барытыгар аһара барбат буолууну ситиһии, төрөппүт сүрүн үөрэҕэ буолар.

«Тохтуу түс, олор», «Мэниктээмэ» диэн этиилэр уонна олору хайаан да толотторуу оҕоҕо тохтотунар, тулуурдаах буолар күүһүн үөскэтэллэр. Бэйэлэрин баҕа санааларын тохтотунар күүстэрэ суох оҕолор улааттахтарына быстах санааларыгар баһыттаран, киирэн биэрэн араас күүһүлээһиннэри, халабыры оҥорор кыахтаналлар.

Ханнык баҕарар балаһыанньаҕа киһи тохтотунар, толкуйдуу түһэр кыахтаах буолара ирдэнэр. Ыксаабыт, ыгыллыбыт кэмҥэ өй-санаа кыарыыр, кылгыыр. Бу кэмҥэ сыыһа-халты туттунуу үксүүрэ ыксааһын, тиэтэйии куһаҕан майгы буоларын быһаарар.

Тулуура суох киһи ыксаллаах, тиэтэллээх буолар уратылаах. Манна ордук урут түһэн оҥоро охсуу, айыыны, дьон билбэттэрин оҥоро сатааһын киирсэрэ оҕолорго сыыһа-халты туттунуу элбээһинин үөскэтэр.

Олоххо киһи төһө кытаанах усулуобуйаҕа түбэһэр даҕаны этэ-сиинэ эрчиллэриттэн санаата бөҕөргөөн, доруобуйата өссө тупсан араас кыра ыарыылары тулуйар кыаҕа улаатар. Эккэ-сииҥҥэ кыра ыарыылары үөскэтэн, олору тулуйа үөрэнии тулуурдаах буолууну улаатыннарар. Айылҕа хааны сиир үөннэрэ үөскэтэр ыарыыларын тулуйууттан айылҕа тулуурдаах буолууга үөрэҕэ саҕаланар.

Кыра эрдэҕинэ куруук бэлэмҥэ, сылааска, үчүгэй, сымнаҕас усулуобуйаҕа улааппыт, элбэхтэ атаахтаан аһара көрүллүбүт-истиллибит оҕо улаатан олох ыараханын билэн истэҕинэ ыарырҕатара, санаата түһэрэ элбиир. Барыта бэлэмҥэ үөрэнии, олох ыарахаттарын тулуйууну суох оҥорон арыгыһыт буолууга тириэрдэрин сахалар «Атаах оҕо арыгыһыт буолар» диэн этиилэрэ бигэргэтэр.

Киһи хаһан баҕарар үөрэҕи ылымтыа. Сааһыран иһэр киһи үөрэҕи ылынара ыараан, уһаан иһэрин тэҥэ, умнугана эбиллэн иһэринэн туһата аҕыйыыр. Оҕо кыра эрдэҕинэ үөрэх олус кытаанахтык иҥэринэн, түргэнник үгэстэри үөскэтэринэн уратылаах. Оҕо кыра эрдэҕинэ аан маҥнайгы билиилэриттэн саҕалаан бэрээдэккэ үөрэтии ордук тиийимтиэ уонна туһалаах.

Дьону кытта сыһыаҥҥа тулуура, туттунар күүһэ аҕыйах киһи аһара туттунуулары оҥоруон сөп. Кыратык кыыһыра түһээт ол-бу диэн этэн, саҥаран, этиһиини саҕалаан баран охсуһууга тириэрдиэн сөп. Улахан киһи атын дьону кытта хаһан баҕарар туттунар күүстээх буоллаҕына эрэ тапсар, бииргэ үлэлиир кыахтанар.

Киһи үйэтин тухары бэйэтин араас элбэх баҕа санааларын туттуна, хааччахтыы сырыттаҕына эрэ, киһи быһыытын аһара баран сыыһаны-халтыны оҥорон кэбиспэккэ олоҕун олорор кыахтанарын таба сыаналаан оҕону кыра эрдэҕиттэн сиэри-туому, бэрээдэги тутуһарыгар үөрэтиини туһаныллар.

Аһылыктан туттунар буолуу оҕо улаатан, этэ-сиинэ ситэн, киһи буолууну баһылаабытын кэнниттэн кэлэр, дьон үгүстэрэ эрэйдэнэр үөрэхтэрэ буолар. Сымнаҕас, аҕыйахтык хамсанар олохтоохтор кэлин, сааһыран истэхтэринэ эттэрэ-сииннэрэ эбиллэрэ элбээтэ. Аһылыктан туттунуу күүһүрдэҕинэ, киһи аһара элбэҕи аһаабакка, бэйэтин туттунан, уойан барыыттан көмүскэллээх буолар кыахтанар. Бу аһылыктан туттунар күүс киһини арыгыны элбэхтик иһэн арыгыһыт буолууттан эмиэ харыстыыр кыахтаах. Киһи бу туттунар күүһүн күүһүрдэн биэрэ сылдьара эрэйиллэр.

Арыгыны аһара истэххэ үөскүүр төбө ыарыытын абырахтанан кэбиһии суох оҥороро дөбөҥө туттунар, ыарыыны тулуйар күүһэ суох киһини арыгыһыт буолууга тириэрдэрэ элбэх. Наркотиктарга үөрэнииттэн үөскүүр «ломка» диэн күүстээх ыарыыны бэйэлэрэ тулуйан хайдах эмэ аһарынар кыахтаахтар наркотиктан эмтэнэр, быраҕар кыахтара улаатар.

Туттунар күүс улаатарыгар өсөһүннэрэ үөрэтии тириэрдэр. «Мин маны кыайабын», «Мин маны тулуйабын», - диэн санааны бөҕөргөтүнүү, өсөһөн тулуйа сатааһын тулууру, туттунар күүһү улаатыннарар. Тулуурдаах буолуу сайыннаҕына киһи туттунар күүстэнэр. Сахалар оҕону үөрэтэргэ аналлаах «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн этиилэрэ туһата улахан.

Өһөс киһи тулуурдаах, ылыммыт сыалын ситиһиигэ дьулуурдаах. Оҕону иитиигэ, бу өс хоһоонун бары туһанарбыт эрэйиллэр.

Үгэс буолуу куһаҕан өттө табаах тардыыта, лудоманияҕа ылларыы барылара сахалар кут-сүр үөрэхтэринэн толору быһаарыллар кыахтаахтар. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута тулуурдаах буолууга иитиллибэтэх буоллаҕына, ханнык да баҕа санаатын кыайан кыана туттубат буола улаатара итинник эрэйдэргэ тэбиллэрин элбэтэр.

православнай таҥара үөрэҕэ «Аҥар иэдэскин оҕустахтарына, атынын тоһуйан биэр» диэн көннөрү киһиэхэ таба өйдөммөт курдук этиитэ эмиэ ураты тулуурдаах, атын киһи охсорун курдук куһаҕан быһыыны холкутук тулуйар буолууга үөрэтии биир тутаах көрүҥэ буолар.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ кута тулуурдаах буолууга иитилиннэҕинэ эрэ уһун үйэтин тухары сыыһа-халты туттубакка, киһи быһыылаахтык олоҕун олорор кыаҕа улаатар. Тулуурдаах буолууга үөрэнии киһиэхэ ыараханнык дьайарыттан Улуу Тойон таҥара үөрэҕэр киирсэр уонна киһиэхэ сүрү үөскэтэр, сайыннарар. Сэбиэскэй былаас дьоҥҥо үчүгэйи оҥоробут диэн сымыйалаан, албыннаан бу, киһи барыта тулуйуохтаах ыарахан үөрэҕин суох оҥорбута билигин кэлэн дьайыыта тиийэн эдэрдэрбит тулуура, дьулуура суохтарыттан араас буруйу-сэмэни оҥороллоро элбээбитин таһынан туһалаах үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлииллэрэ аҕыйаата. (1,92).

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ. - Дьокуускай: Компания "Дани АлмаС", 2012. - 144 с.

Өссө маны көр