Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс диэн өс хоһооно оҕо төрөппүттэринээҕэр ордук тулуурдаах, дьулуурдаах буола улаатарын үөскэтэр.

Будулҕан тымныылаах, сыралҕан куйаастаах дойдубутугар үлэни-хам-наһы кыайа-хото тутан, күүһү-кыаҕы таһынан үлэлииргэ, кытаанах, дьэ-бир, өһөс майгы хайаан да ирдэнэрин сэбиэскэй былаас сымнаҕас олоҕун кэмигэр сахалары эһэ сатааччылар умуннаран кэбиһэннэр билигин эдэрдэрбит үлэҕэ-хамнаска мөлтөөн-ахсаан сылдьаллар. “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһооно оҕо төрөппүттэринээҕэр бары өттүнэн; этин-сиинин бөҕөтүнэн, тулуурунан, өйүнэн-санаатынан ордук буола, кинилэри баһыйа улаатыахтааҕын бэлиэтиир.

Кими эмэ баһыйарга, кыайарга өссө кытаанах, ыарахан эрчиллиини, үөрэҕи барыллыахтааҕын бары спортсменнар билэллэр.

Сымнаҕастык иитиллибит, сылааска, бэлэмҥэ сыта үөрэммит оҕоттон төрөппүтүнээҕэр бары өттүнэн мөлтөх киһи улаатан тахсара саарбаҕа суох буоларын ити өс хоһооно өйдөтөр.

Урут биһиги халлаан сырдыаҕыттан үс туман түһүөр диэри окко үлэлиир этибит диэн кырдьаҕастар кэпсээннэрин куруук истэр этибит. Кырдьаҕастар күүскэ үлэлиир эрдэхтэринэ сэбиэскэй былаас сайдан, күүһүрэн испитэ, уһун, ыар сэриини кыайыы ситиһиллэр кыахтаммыта. Кэлин олох тупсубутуттан күн чээрэтэ, аҕыйах чаас устата үлэлии түһэр эдэрдэр быдан аҕыйаҕы оҥорон таһааралларын таһынан тулуурдара, дьулуурдара эмиэ мөлтөҕүттэн үлэ-хамнас сатарыйан, ас-таҥас тиийбэтэ үөскээн сэбиэскэй былаас эстибитэ.

“Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн этии аан маҥнай уол оҕолору иитиигэ аналланар. Өһөс диэн санаа күүһэ ааттанар. Тулуурдаах буолууну, кытаанах санааны ситиһии өсөһүү буолар. Өсөһөбүн, ол аата тулуурбун көрдөрөбүн, өссө бөҕөргөтөбүн. Киһи төһө тулуурдаах даҕаны ыарахаттары кыайарын таһынан, сыыһа-халты туттубат кыаҕа улаатан биэрэр. Ол курдук уол улаатан истэҕинэ аҕатын үлэ бары көрүҥнэригэр, өйүнэн-санаатынан, күүһүнэн-кыаҕынан баһыйар буола улааттаҕына эрэ олоххо сайдыыны, тупсууну аҕалар кыахтанар.

Оҕо кэлэр көлүөнэ киһитэ. Кини ийэ кута хайдах иитиилээх даҕаны кэлэр көлүөнэлэр сайдыыны ситиһэр кыахтара быһаарыллар. Оҕо төрөппүттэринээҕэр мөлтөх, сыппах буола улааттаҕына омукка сайдыы кэлбэт, эстии диэки барыы, төннүү саҕаланар. Сэбиэскэй былаас оҕолору дьахталлар баһылааһыннарынан атаахтык иитии, аһара көрүү-истии диэки салаллан хаалыытыттан кэлэр көлүөнэлэр бары мөлтөөннөр үлэни-хамнаһы кыайбат буолуу олоҕурбутуттан, бу былаас бэйэтэ эстибитэ. Уол оҕолору бэйэтэ ыал аҕата буолбут эр дьон бу өс хоһоонун тутуһан иитэллэрэ, үөрэтэллэрэ ордук туһалаах буолуо этэ диэн биһиги баҕа санаабытын тириэрдэбит.

Уол оҕо аҕатын туйаҕын хатарыаҕа” диэн өс хоһооно уолу аҕа эрэ иитэн туйаҕын хатартарарын чуолкайдык быһаарар. Хатарыы диэн өссө кытаатыннарыы ааттанарын тимир ууһа идэлээх сахалар олус табатык туттубуттар. Ол курдук уол аҕатыттан ордук кыахтаах, тулуурдаах, дьулуурдаах, өһөс санаалаах буоллаҕына эрэ олоххо элбэх сайдыыны ситиһэр кыахтанар. Бары аҕалар уол оҕо иитиитигэр сахалар үөрэхтэрин тутуһан ылсыһаргытыгар баҕарабыт.

Сахаларга “Kыахтаах киһи киэҥ көҕүстээх” диэн этии киһи майгынын быһаарар. Kиэҥ көҕүстээх буолуу хас биирдии киһиттэн ирдэнэр олох тутаах көрдөбүлүнэн ааҕыллар уонна тулуурдаах буолууттан тирэх ылан сайдар. Киэҥ көҕүстээх, кыахтаах, кыаҕын билинэр киһи куһаҕаны умнумтуо, эйэлэһимтиэ, тулуура улахан, сыыһа-халты туттубат. Ол барыта кыахтаах киһи санаата күүстээҕиттэн кыаҕын билиниитигэр, кыралары, кыамматтары өйүүрүгэр олоҕурар.

Эйэлэһии, аһара барбат, көрсүө, сэмэй буолуу, киһи быһыытын тутуһуу эрэ киһиэхэ дьону кытта бииргэ олорор кыаҕы биэрэрин оҕо кыра эрдэҕиттэн билэрэ, тутуһа үөрэнэрэ ордук. Кыра иирсээн, оонньуур былдьаһыы кэнниттэн эйэлэһии хайаан да кэлэр буолуута эйэ хаһан баҕарар кыайарын биллэрэрин тэҥэ, соннук үгэс үөскүүрүгэр тириэрдэр.

“Элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро эйэлээхтэр” диэн этиини бары билэбит. Кинилэр кыра эрдэхтэриттэн бэйэ-бэйэлэрин көрсүһэ, көмөлөһө үөрэнэллэрэ, кыралар улахаттар этэллэрин истэллэрэ, соннук толороллоро эйэлээх буолууларын үөскэтэр.

Бас бэринэ үөрэнии диэн хас биирдии оҕоҕо, киһиэхэ туһалаах үөрэх. Оҕо учууталын тылын истэр, этиллибитин курдук толорор буоллаҕына эрэ үөрэҕи ылынарын бары билэбит. Ситэ билбэт эрээри билэр курдук туттунар, билээҕимсийэр киһи үөрэҕи ылынара ыарахан, элбэхтик эрэйдэниэн сөп. Оҕо барыны бары билэн-көрөн баһылыар, бэйэтэ сатыырга үөрэниэр диэри, ол аата киһи буолууну баһылыар диэри, үөрэтээччилэр этиилэрин иһиттэҕинэ, эппиттэрин курдук толордоҕуна эрэ табылларын билинэммит оҕону иитиигэ “Улахан киһи этэрин иһит” диэн үөрэҕи кыра эрдэҕиттэн туһаныы эрэйиллэр.

Эйэлээх буолуу аһара барбаттан улахан тутулуктаах. Хаһан да аһара туттубат көрсүө, сэмэй, бэрээдэктээх оҕо атыттары кытта эйэлээх буолар кыаҕа улаатарын төрөппүттэр туһаныахтара этэ. Ол курдук эйэни өйүүр, эйэлэһимтиэ, көрсүө, сэмэй дьон элбээтэхтэринэ эрэ омукка эйэлээх буолуу, үлэни-хамнаһы кыайыы кэлэр кыахтанар.

Сахалар оҕону иитэр уонна үөрэтэр ньымалара эрэ аныгы, аһара сымнаан иһэр олоххо олох иһин дьулуурдаах, тулуурдаах, өһөс майгылаах дьону улаатыннарар кыахтаах. Ол курдук сахалар “Олох ыарахан” диэн этиилэрэ күн-түүн табата быһаарыллан, сымнаҕас, мөлтөх өйдөөх-санаалаах дьон арыгыһыт эбэтэр наркоман буоланнар өйдөрө-санаалара көтүүтүгэр тиийэллэрэ бииртэн биир кэлэн иһэр. Kэлэр көлүөнэлэр өбүгэлэрин бары өттүлэринэн баһыйар буола улааталларын ситиһэргэ сахалар өстөрүн хоһооно “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс”,- диэн эрэ туһалыыр кыахтааҕын таба өйдөөн төрөппүттэр туһаннахтарына кэлэр көлүөнэлэрэ сайдан, тупсан иһиилэрин ситиһиэхтэрэ. (1,92).

Бу өс хоһоонун таба өйдөөтөхпүтүнэ, кытаанахтык тутустахпытына кэлэр көлүөнэлэрбит чахчы кыахтаах, дьулуурдаах уонна тулуурдаах буола улааталларын ситиһиэхпитин сөп.

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ. - Дьокуускай: Компания "Дани АлмаС", 2012. - 144 с.