Арыгыттан туттунуу

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Арыгыттан туттунуу диэн киһи өйүн-санаатын күүһүнэн, өсөһүнэн туттунан арыгыны аһара истэт буолуута ааттанар.

Киһи уһун үйэтин тухары киһи быһыылаахтык, олохсуйбут бэрээдэги, сокуоннары тутуһан сылдьарын, олоҕу олорорун туһугар өйүгэр-санаатыгар киирэн ааһар быстах санааларын туттунар, тохтотунар күүстээх буоллаҕына эрэ, аһара, сыыһа-халты туттубат кыахтанарын сахалар таҥараларын үөрэҕэ быһааран итэҕэйэр дьоҥҥо тириэрдэр.

Туттунар күүс оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута сайдар кэмигэр “Кэтэс”, “Тохтуу түс”, “Мэниктээмэ”, “Тулуй” диэн үөрэхтэртэн саҕаланан үөскээн олохсуйар уонна оҕоҕо өйө-санаата сайдыытыттан, билиитэ кэҥээһиниттэн күүһүрэн иһэр. Сахалар үөрэхтэрэ киһи туттунар күүһүн санаа күүһэ диэн быһаарар уонна өһөс диэн ааттыыр. Өһөс киһи диэн күүстээх санаалаах уонна ол санаатын толорор кыахтаах киһи ааттанар. (1,93).

Олох ханнык баҕарар кэмигэр туттунар күүстээх, тулуурдаах киһи олоҕун сүрүн сыалын, киһи буолуу үөрэҕин ситиспитин бэлиэтэ буолар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн этин-сиинин, өйүн-санаатын эрчийдэҕинэ, дьарыктаатаҕына эрэ тулуурдаах буолууну улаатан иһэн ситиһэр. Оҕону анаан-минээн дьарыктаатахха эрэ тулуурдаах, өһөс буолууну ситиһэр кыахтаах.

Аныгы сайдыбыт, сымнаабыт диэн ааттыыр олоххо олох бу тутаах көрдөбүлэ хаалан сылдьар. Эдэрдэр бары тулуура, тохтотунар күүһэ суох буола улааталларыттан араас буруйу-сэмэни оҥороллоро элбээбитин тэҥэ, сыыһа-халты туттунууларга киирэн биэрэллэр.

Этигэр-сиинигэр эмискэ ыарыы үөскээтэҕинэ быстан-ойдон, тымтан турбакка, ханнык эрэ сөптөөх быһаарыыны булунуу киһиттэн хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар. «Аҥар иэдэскин оҕустахтарына, атыҥҥын тоһуйан биэр» диэн православнай таҥара үөрэҕин этиитэ аныгы, сайдыылаах дьоҥҥо таба өйдөммөтөҕүн да иһин, улахан тулуурдаах буолууну бэлиэтиир. Киһи киһини сирэйгэ охсуутун тулуйуу ураты тулуурдаах буоллахха эрэ кыаллар кыахтааҕын быһааран ити этии үөскээбит.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэ эмиэ киһи киһини оҕустаҕына маҥнайгы охсууну хайаан да тулуйар наадатын, ол кэнниттэн быһаарсыы дьэ саҕаланыахтааҕын биллэрэр.

Сиэрдээх быһаарсыы диэн икки өрүт сөбүлэһэр, ол аата ханнык эрэ өттүнэн иккиэннэригэр сөп түбэһэр көрдөбүлү туруоруу уонна ылыныы буолар. Икки өрүт көрдөбүллэрэ хаһан баҕарар икки аҥы барар хайысхалаахтарынан, бу икки өрүттэр сөбүлүүр быһаарыылара ханан эрэ ортотунан, икки ардыларынан буолара эрэ табыллар. Бу икки өрүттэр бэйэ-бэйэлэригэр хайаан да көмөлөсүһэн, көрдөбүллэрин аҕыйатан биэрдэхтэринэ эрэ, сөбүлэһии табыллар кыахтанар.

Туттунар күүс, тулуурдаах буолуу киһи субу оҥороору бэлэмнэнэр быһыытын өссө төгүл ырытан, бу быһыыттан туох содул үөскээн тахсарын олохтоохтук быһаарыыга тириэрдэринэн олус туһалаах уонна киһиэхэ хайаан да баар буолуохтаах көрдөбүл. Туттунар күүһэ суох эбэтэр бу күүс олус кыра буоллаҕына, киһи тиэтэйэриттэн, ыксыырыттан элбэх сыыһа-халты туттунуулары оҥорор кыаҕа улаатан хааларыттан, араас оһолго түбэһэрэ элбиирэ уопсай түмүккэ куһаҕаҥҥа тириэрдэр.

Оҕо атаах, бэйэмсэх, барыга бары бэлэмҥэ үөрэннэҕинэ өйө-санаата туттунар күүһэ суох буола улаатар. Туга эмэ тиийбэтэҕинэ, суох буоллаҕына төрөппүттэриттэн субу көрдөөн, булларан иһэр майгына тулуура суох буолуутугар тириэрдэрэ быстах быһыыга киирэн биэриитин үөскэтиэн сөп.

Оҕо улаатан иһэн үчүгэй уонна куһаҕан быһыылары араартаан билэр буола үөрэнэрэ хайаан да ирдэнэр. Бу куһаҕан быһыы, маннык быһыыны оҥорбоппун диэн чуолкайдык билэр буолуу эрэ оҕо оҥорор быһыытын хонтуруолланар кыаҕын үөскэтэр. Куһаҕан быһыылары арааран билэргэ үөрэнии оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр ордук дириҥник уонна түргэнник иҥэрин төрөппүттэр билэллэрэ ордук этэ. Ону тэҥэ оҕону кыра эрдэҕинэ куһаҕан быһыылары оҥорбот, бэрээдэктээх, тулуурдаах буолууга үөрэтэр кыах ордук улахан.

Туттунар күүһэ аҕыйаҕыттан, суоҕуттан киһи ордук саныыра эбиллэр, кыыһырара, өһүөннүүрэ киһиттэн таһынан барар, тугу барытын оҥороругар аһара туттунар кыаҕа улаатар.

Өй-санаа ханнык эрэ кэмҥэ босхо баран хааллаҕына киһи буруйу, куһаҕан быһыыны оҥорон кэбиһиэн сөп диэн этиигэ бары сөбүлэһэллэр. Эдэр киһи биирдэ эмэ арыгыны ааһа иһэн кэбиһэн өйө көтөн хааллаҕына туох эмэ куһаҕан быһыыны, ыар буруйу оҥоро охсон кэбиһэр түбэлтэтэ олус элбээтэ. Ол барыта арыгы дьайыытыттан туттунар күүс аҕыйааһына, суох буолуута кэлэрин таһынан, киһибит кыра эрдэҕинэ үчүгэй үгэстэргэ үөрэтиллибэтэҕин, ийэ кута иитиллибэтэҕин биллэрэр.

Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ этэринэн киһи өйө көппүт эбэтэр өйө баайыллыбыт кэмигэр ийэ кута, ол аата кыра эрдэҕинэ үөрэммит үгэстэрэ салайаллар. Кыра эрдэҕинэ атаахтык иитиллибит оҕо, бу кэмҥэ атаахтыан, көрүллүөн-истиллиэн, тугу эмэ минньигэһи сиэн баҕарар санаата эбиллэр. Ону тэҥэ кэлин үөскээбит, олохсуйбут ис санааларын эмиэ толорон кэбиһэр кыахтанар.

Кыра эрдэҕинэ ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥорууга иитиллибит киһи итирдэҕинэ, өйө көттөҕүнэ даҕаны куһаҕан, сиэри таһынан быһыылары оҥорбот, үгэс буолан иҥэриллибит бэрээдэгин кэспэт, туттунан тохтуур кыаҕа улаханыттан сыыһа-халты быһыылары оҥороро аҕыйах буолар.

Айылҕа хааны сиир үөннэрэ сииллэрин тулуйа үөрэнии туттунар күүһү улаатыннарар. Кыра оҥоойуттан уонна бырдахтартан саҕалаан улахан күлүмэҥҥэ уонна тигээйигэ тиийэ айылҕа үөннэрэ улаатан, бөдөҥөөн иһиилэрэ, ытыраллара ордук ыарыыланалларыгар тириэрдэр. Бу үөннэр ытыралларын, сииллэрин «мыр» да гыммакка тулуйуу улахан тулуурдаах киһи буолары быһаарара, ханнык да саарбаҕа суох.

Аһылыктан туттунар буолуу оҕо улаатан, этэ-сиинэ ситэн, киһи буолууну баһылаабытын кэнниттэн кэлэр, дьон үгүстэрэ эрэйдэнэр үөрэхтэрэ буолар. Сымнаҕас, аҕыйахтык хамсанар олохтоохтор кэлин, сааһыран истэхтэринэ, аһылык тупсубутун табан сыаналаабаттарыттан эттэрэ-сииннэрэ эбиллэрэ элбээтэ. Аһылыктан туттунуу күүһүрдэҕинэ, киһи аһара элбэҕи аһаабакка, бэйэтин, этин-сиинин аһыыр-сиир баҕатын туттунан уойан барыыттан көмүскэллээх буолар кыахтанар. Бу аһылыктан туттунар күүс киһини арыгыны элбэхтик иһэн арыгыһыт буолууттан эмиэ харыстыыр кыахтаах. Киһи туттунар күүһүн күүһүрдэн биэрэ сылдьара эрэйиллэр.

Бу тутулугу былыр үйэҕэ быһаараннар бары улахан, христианскай, православнай, мусульманскай таҥара үөрэхтэрэ араас постары тутуһуннаран дьон аһара аһыылларын аҕыйата сатыыллар. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ араас постарынан дьону албыннаабакка эрэ, киһи санаатын күүһүрдэн, өсөһүн улаатыннаран аһара аһаабат, арыгыны аһара испэт буолары ситиһэргэ ыҥырар.

Арыгыны аһара истэххэ үөскүүр төбө ыарыытын абырахтанан кэбиһии суох оҥороро, дөбөҥө туттунар, ыарыыны тулуйар күүһэ суох киһини арыгыһыт буолууга тириэрдэрэ элбэх. Наркотиктарга үөрэнииттэн үөскүүр «ломка» диэн күүстээх ыарыыны бэйэлэрэ тулуйан, хайдах эмэ аһарынар кыахтаахтар наркотиктан эмтэнэр, быраҕар кыахтара улаатар.

Тулуурдаах киһи өйө-санаата бөҕө, ыһылла сылдьыбат. Өһөс диэн өй-санаа күүстээх, тулуурдаах буолуутун быһаарар тыл. Өһөс киһи тулуура улахан буолар. Сэбиэскэй былаас сымнаҕас олоҕор оҕолорбутун атаахтык, маанылаан үөрэтэммит эдэрдэрбит бары тулуура, өсөһө суох буола улааталларыттан бэрээдэги кэһэллэрэ, сыыһа-халты туттуналлара, арыгыга ыллараллара биллэрдик үксээтэ. Төрөппүттэр биир эмэ оҕолорун аһара бэлэмҥэ үөрэтэллэриттэн, этин-сиинин эрчийбэттэриттэн үлэни-хамнаһы кыайбаттар эмиэ элбээтилэр.

Сахалар оҕону үөрэтэр үөрэхтэригэр «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өс хоһооно баар. Бу өс хоһооно оҕо төрөппүттэринээҕэр хайаан да ордук тулуурдаах, дьулуурдаах, өссө ыарахан үлэлэри кыайар, ол аата өһөс, күүстээх санаалаах буоллаҕына эрэ, аймахтар элбээннэр омук сайдан иһэр кыахтанарын арыйар. Оҕону иитии төрдүттэн кытаатан биэрэрэ омук сайдыытыгар улахан туһаны аҕалар.

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ. - Дьокуускай: Компания "Дани АлмаС", 2012. - 144 с.