Толбонов Михаил Семенович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Толбонов Михаил Семенович — хапсаҕайдьыт.

Михаил Толбонов төрдө-ууһа

Аҕатынан төруттэрэ, Үөгэн нэһилиэгин сиригэр олохтоох дьон, чугаһынан суох бэрт сэдэх Толбонов диэн араспаанньалаах аҕа ууһа быһылаах. "Үөгэн ууһа уонна нэһилиэгэ" диэн кинигэҕэ суруллубутунан, эһэлэрэ Баһылай Толбооноп хантан хааннааҕа, кимтэн кииннээҕэ биллибэт. Кини икки: Сэмэн уона Тэрэнтэй диэн уолаттардааҕа диэн суруллубут. Тэрэнтэй 1941-45 сс. Аҕа дойду сэриитигэр 1942с. барбыт, сэрииттэн төннүбэтэх. 1943 с. өлбүт (И.П.Павлов. Үһүс Байаҕантай - Кириэс Халдьаайы,2012 с.)

Онтон Сэмэн - Семен Васильевич Толбонов нэһилиэгин олоҕор, оройуоҥҥа кытта биллибит учуутал, үөрэҕи, сырдыгы тарҕатааччы этэ.

Айылҕа биэрбит киһитэ

Байанай нэһилиэгин биир баай историялаах сиринэн Үөгэн буолар. Үөгэн курдук кэрэ айылҕалаах, бултаах-алтаах сиргэ үөскээбит буоланнар, дьоҥҥо-сэгэтэ кыра эрдэхтэриттэн бултаан-алтаан, оттоон-мастаан үлэһит бастыҥнара буола улааталлар. Олортон биирдэстэрэ Михаил Семенович этэ. Тас көрүҥүнэн кыыс кэрэ, модьутаҕа көрүҥнээх, сэргэх сирэйдээх-харахтаах киһи. Ол да иһин, оскуолаҕа сылдьан араас спорт көрүҥүнэн дьарыктанара. Уонна барытыгар үрдук ситиһиилэри оҥороро. Миша ордук тустууга, боксаҕа, остуол тенниһигэр тахсыылаахтык кыттара. Араас приемнары кыраһыабайдык да оҥороро. Хапсагайга оройуон иһигэр кинини бүтүрүтэр киһи суоҕа. Ону кэлин улаханнык ыалдьа сылдьан ахтар буолаахтыыра: " Бүдүрүйэр диэни билбэт киһи, билигин атаҕым тумсуттан иҥнэн, сирэйбинэн баран түһэ сылдьар буоллум", - диэн суҥханара. Кириэс Халдьаайыга аан бастаан боксаҕа Хаджеев Аркадий диэн радист киһи кэлэн уөрэппитэ. Аан бастаан 50-ча оҕо суруттаран дьарыктана кэлбит. Онтон бытанан-бытанан 20-чэ эрэ оҕо хаалбыттар. Миша саамай чулуулаах уөрэнээччилэр.

Миша оскуола, нэһилиэк, оройуон биир киэн туттар спортсмена буолбута. Кэлин аармыйаҕа баран, баардаах баара өттө дии, эмиэ спордунан дьарыктанан аны самбист буолан кэлбит. Хас ыһыах аайы тустууга, волейболга, атах оонньууларыгар куруук кыттан, араас наҕараадалары ылара.

Миша айылҕаттан бэриллибит биир талаана - аахпытын умнубат. Эҥин бэйэлээх дьон араспаанньаларын, ааттарын, сыллары, ыйдары барытын өйдүү сылдьара.

Биирдэ Ударник ыһыаҕар, онно Миша 50-чалаах киһи, тустуу буолла. Оччолорго быраата Алеша саамай тура сылдьар кэмэ. Биир да киһини илиилээх-атахтаах оҥорбокко, кыайан-хотон иһэр. Ол кэннэ сүрдээх хапсыһыы буолла,ону Алеша Мишаны атаҕын тиэҕиттэн ылан өрө тарта. "Оок, убайын охтотор буолла!" - диэн хаһыы-ыһыы иһилиннэ. Онтон көрбөккө да хаалыбыт, Миша атаҕын үөһээ бырахта да учугэй баҕайытык түөскэ тэбэн түһэрдэ. Онон кыраһыабай кыайыынан тустуутун түмүктээн турар.

Толбонов спортивнай ситиһиилэрэ

1950-с сыллар бүтүүлэригэр 1960-с сыллар саҕаланыыларыгар Кириэс Халдьаайы орто оскуолатыгар спорт араас көрүҥнэригэр ситиһиилэммит, олус дьоҕурдаах, чахчы талаааннаах оҕолор үөрэммиттэрэ. Кинилэр ортокуларыгар Василий Саввин (чэпчэки атлетика), Михаил Габышев (чэпчэки атлетика, нац.ыстаныылар, хайыһар, остуол тенниһэ), Михаил Толбонов (чэпчэки атлетика, тустуу бары көрүҥнэрэ), Михаил Луковцев (тустуу, нац. ыстаныылар, волейбол, баскетбол, мохсуо, саахымат, дуобат уонна д.а.) бааллара уонна ордук чорбойоллоро. Кинилэри кытта үгүс көрүҥнэргэ тэҥҥэ тардыалаһар уонна туруулаһар оҕолор элбэхтэр.

Миша спортсмен быһыытынан орто оскуола үрдүкү кылаастарга үөрэнэ сылдьан киэҥник биллибитэ. Октябрьскай революция кыайбыта 40 сылын туолуутугар, Саха АССР тэриллибитэ 35 сыллаах юбилейыгар анаммыт оройуоннааҕыыһыах 1957 с. бэс ыйын 22-23 куннэригэр Кэриэскэ ыытыллыбыта. Бу ыһыахха уһуну ойууга уонна сахалыы атах оонньуутугар ыстанаҕа бастаабыта. Хапсаҕайга оскуола үөрэнээччилэрин Миша Толбоонову иккис миэстэ уонна Володя Кутяркины 3 мистэ кыайталаан холкуос булчута Семен Мекюрдянов бастаабыта.

1958 с. олунньуга Советскай Армия үөскээбитэ 40 сылыгар анаммыт орто оскуола чемпионатыгар хапскаҕайга күрэхтэһиибуолбута. Чемпионнанрынан чэпчэки ыйааһыҥҥа Агит Колодезников (7 оҕону кыайбыт), орто ыйааһыҥҥа Ким Иванов (Охотскай Перевоз оҕото этэ), ыарахан ыйааһыҥҥа Миша Толбонов (иккис Володя Куртяркин) буолбуттара. Муҥнуур кыайыылааҕы быһаарыыга Миша Агиты тулуппатаҕа.

Иккис спартакиада 1958 сыл бэс ыйын 28 - от ыйын 4 күннэригэр Дьокуускай куоракка ыытыллыбыта. Хапсаҕайга хотугу оройуоннар бөлөхтөрүгэр (18 хамаанда) бэйэлэрин ыйааһыннарыгар бастааннар Киристиэн Семен Колесов уонна Михаил Толбонов республика чемпионнара диэн ааттаналлара. Бу бастакы улахан ситиһиитэ этэ.

1958-59 үөрэх сылыгар Миша 9 калааска үөрэммитэ. Уһун переменаҕа, улахан кылаастары кытта наар тустан, тахсан волейбол оонньоон кэлэрэ. 1959 кулун тутарыгар оскуолаҕа буолбут фестивалыгар хапсаҕайга уонна көҥүл тустууга холкутук бастаабыта.

1959-61 сс Миша Мөҥкөҕө кулууп сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ, онно хапсагай, остуол тенниһын, көҥүл тустуу уонна бокса секцияларын тэрийэн ыччаттары дьарыктыыр. 1960 сылга муус устарга Хаандыгаҕа буолбут оройуон баскетбола чемпионатыгар Миша хамаандата элбэх ахсаанынан ситэн кыайбыттара. Бу сылга орройуоннааҕы спартакиада бэс ыйын 19-20 кунннэригэр Кириэскэ буолбута. Хапсагҕайга Миша Толбонов бэйэтин ыйааһыныгар бастаабыта. Республика чемпиона буолбута. Онон хапсаҕайга республикаҕаикки төгүл чемпионнаан турбута.

1961-64 сылларга армияҕа сулууспалаабыта. Кэлэн спортан тэйбитэ. Ол гынан баран 1965 с. кулун тутарга Ытык Күөлгэ ыытыллыбыт өрүс уҥуоргу оройуоннар зонатааҕы күрэхтэһииилэригэр Миша олус соһуччу 1964 с. күһүн маастар нуорматын толорбут Чурапчы биллиилээх тустуугун Сидор Попову кыайан ыалдьааччылары барыларын сөхтөрбүтэ. Онон республика көҥүл тустуутугар быраабы ылбыта.

1966 с. тохсунньуга Хаандыгаҕа буолбут көҥүл тустууга оройуоннааҕы күрэхтэһиигэ үһүс миэстэ ылбыта

Саха сирин норуоттарын 5 спартакиадатыгар хапсаҕайга эмиэ үһүс миэтэлэспитэ. Спортсмен быһыытынан бүтэһик күрэхтэһиитэ этэ.

Хаһыат саҥарбыт страницалара кэпсииллэр

Үөрэнээччилэр спартакиадалара

Кириэс Халдьаайы. Манна соторутааҕыта үөрэнээччилэр традиционнай бырааҺынньыктара - спартакиада ыытылынна. Аан бастаан уолаттар уонна кыргыттар эстафеталара буоллулар. Уолаттар эстафеталарыгар бастакы миэстэни 9 кылаас үөрэнээччилэрэ ыллылар. Гранатаны быраҕыыта - Юрий Хаджеев уонна Анна Харитонова. Владимир Кутяркин уонна Анна Харитонова 10 миэтирэҕэ сүүрүүгэ кыайдылар. Үрдүгү ыстаныыга бастакы миэстэни Владимир Кутяркин уонна Михаил Толбонов уллэһиннилэр.

Хапсаҕайдаһан тустууга Владимир Кутяркин , Михаил Толбонов 5,5 очко ыллылар. Кыһыл Знамя. - 1957. - Бэс ыйын 11к.

Үчүгэй саҕалааһын

Советскай Армия уоннна МФБ 40 сылларын чиэһигэр Кириэс Халдьаайы орто оскуолатыгар спорт сорох көрүҥнэригэр күрэхтэһиилэр буоллулар.

Хапсаҕайга үс категориянан туһуннулар. М. Толбонов, В. КУтяркин, А. Колодезников, В. Саввин, К. Иванов кытыннылар. Ыарахан ыйааһыннаах тустааччылар М. Толбонов уонна В. Кутяркин көрсүһүүлэрэ олус интириэһинэйдик барда, итиниэхэ М. Толбоонов ыраастык кыайда. В. Охлопков

Спортивнай куоталаһыылар

Иккис оройуоннааҕы фестиваль спортивнай программатыгар хайыһарынан сырсыы,хапсаҕайдаһан, көҥүл тустуу , ытыы, остуол тенниһэ, дуобат уонна саахымат киирбиттэрэ. Ити көрүҥнэргэ 150 спортсмен кыттыбыта. Муус устар 5 к. спортивнай саалаҕа хапсаҕай-даһан тустууга күрэхтэһии буолла. Көҥүлл тустууга уона хапсаҕайга Семен Колесов эрчийбит Кириэс Халдьаайы тустааччылара ордук үчүгэйдик бэлэмнэммиттэр. Хапсаҕайга Кириэс Халдьаайыттан Охлоп-ков, ТОлбонов чемпион аатын ыллылар. Көҥүл тустууга орто ыйааһыннарга Михаил Толбоновка тэҥнээх кыайан көстүбэтэ. В.Ян-Жин-Шин. Кыһыл Знамя. - 1959. - Муус устар 10к.

Биһиги үлэбит сорох түмүктэрэ.

...Спорт уолаттар уонна кыргыттар үгүс ахсааннаах өттүлэрин куруутун тардар. Оскуолаҕа уонна Ленин аатынан холкуоска дьоҕурдаах спортсменнар үүннүлэр. 11үөрэнээччилэр саахымакка бэһис разрядтаахтар. 9 киһи спорт атын көрүҥнэригэр разрядниктарынан буоллулар. М.Габышев, М.Толбонов, А.Апросимов, П.Кобельянов, П.Сыромятников республикатааҕы ыччатмаҥнайгы спортивнай оонньууларын бириистээхтэрэ уонна оройуон чемпионнара... С.Колесов

Оройуоннааҕы иккис

...мустубут дбон хапсаҕайтан тустууну олус кэрэхсээн көрдүлэр. ОРойуонна мантан ордук кэрэхсэбиллээх спорт көрүҥэ суох быһылаах. ол иһин ыйааһын 8 көрүҥнэригэр тусту спартакиада саамай элбэх көрөөччүлэрин тарта. Манна бастакы миэстэлэри сүрүн былдьаһааччыларынан стадион хаһаайыттара буоллулар. Ыйааһын араас категорияларыгар Кириэс Халдьаайы спортсменнара кыайдылар: чэпчэки ыйааһыҥҥа - Охлопков, орто ыйааһыҥҥа - Толбонов, ыарахаҥҥа - Стрекаловскай. Иккис миэстэни Хаандыгалар, үсүһү ДьабырыкыХайа ыллылар.

Кыһыл Знамя. - 1960. -От ыйын 1 к.

Литэрэтирэ

  • Тарабукин, Р.Р.-Силипчээн
  • Талааннаах тустуук, дэгиттэр спортсмен (Михаил Толбонов туһунан ахтыылар). - ДЬокуускай : ХИФУ Издательскэй дьиэтэ, 2017.-100 с.